Кирилл Бычков: “Саха сирин былаастара гражданнар көҕүлээһиннэрин өйөөһүн кээмэйин биллэ элбэттилэр”
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков кулун тутар 14 күнүгэр Гражданскай пуорум-2024 пленарнай мунньаҕар кытынна.
Кини бэлиэтээн эппитинэн, Саха сирэ өйөнүллүбүт сайаапкалар ахсааннарынан уонна Бэрэсидьиэн гранын пуондатын куонкуруһугар бэриллибит үп сууматынан Уһук Илин уокуругун субъектарын ортотугар инники кэккэҕэ сылдьар.
«Бу биһиги уопсай күүспүтүн билинии эрэ буолбатах, ону таһынан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ уонна судаарыстыба кэмиэрчэскэйэ суох секторга убаастабыллара уонна өйөбүллэрэ үрдүк таһымнааҕын көрдөрөр”, — диэтэ премьер.
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин этиитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев көхтөөх өйөбүлүнэн уонна Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын хос өйөбүлүнэн, Саха сирин былаастара социальнай туругу бөҕөргөтүүгэ хайысхаламмыт гражданскай көҕүлээһиннэри өйөөһүн кээмэйин биллэ элбэтэри ситистилэр.
«Кэнники 4 сылга гражданскай уопсастыба сайдыытын көҕүлүүргэ анаммыт СӨ Ил Дарханын гранын куонкуруһугар 1517 сайаапка киирдэ. Итинтэн 292 бырайыак 372,7 мөлүйүөн суумалаах өйөбүлү ылла», – диэн Саха сирин миниистирдэрин кэбиниэтин баһылыга иһитиннэрдэ.
Ону таһынан гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытыгар Гражданскай пуорум кыттыылаахтарын бэриниилэрэ кэлэр кэскилбитин түстүүрүн бэлиэтээтэ.
Гражданскай пуорум бары тэрээһиннэригэр Саха сирин бары улуустарыттан 500-тэн тахса актыбыыс кытына. Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 1 тыһыынчаттан тахса социальнай хайысхалаах кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ уонна уопсастыбаннай бэйэни салайыныы (ТОС) бааллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: