Кировскай куоракка 46 эбийиэги чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Share

Саха сирэ ДНӨ Кировскай куоратыгар 46 эбийиэги чөлүгэр түһэриэ.

2024 сылга тутуллуохтаах, чөлүгэр түһэриллиэхтээх эбийиэктэр испииһэктэрэ бигэргэтиллибит.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

«Кэлэр сылга былааннар оҥоһулуннулар. Туруоруллубут соруктар болдьоммут кэмнэригэр хаачыстыбалаахтык толоруллалларын туһугар бары кыһамньыбытын ууруохпут«, — диэн этэн турар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

Испииһэгинэн Кировскай куоракка 46 эбийиэк чөлүгэр түһэриллиэхтээх, ол иһигэр ОДьКХ эйгэтигэр 14 эбийиэк.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Кировскай куорат дьаһалтатын баһылыга Васил Шергелавшили бэлиэтээбитинэн, 2024 сылга чөлүгэр түһэрии үлэтин бырагырааматыгар уу ситимин саҥардыы, уот-күөс ситимнэрин, суолу-ииһи, элбэх кыбартыыралаах аҕыс дьиэни уонна икки социальнай эбийиэги — 16 №-дээх дьааһыла-саады уонна Кировскай музыкаҕа оскуолатын өрөмүөннээһин киллэриллибиттэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна ДНӨ Кировскай куоратын дьаһалтата сөбүлэһии түһэрсэннэр, Кировскайга чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ 2022  сыллаахха ыам ыйыттан саҕаламмыттара. Бу кэм устатыгар куоракка 52 эбийиэк чөлүгэр түһэриллибитэ. Улахан болҕомто бастатан туран оскуолаларга ууруллубута. Элбэх хайысханы толорор киин (МФЦ) уонна ИТ-кииннэр арыллыбыттара.  Саха сирин өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһатын филиала үлэлиир.  Саха сирин кытта доҕордуу сыһыаны бигэргэтэр национальнай бэлиэ — сэргэ туруоруллубут «Победа» паарката тупсарыллыбыта.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Санатан эттэххэ, 2022  сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр, Айсен Николаев уонна Денис Пушилин научнай-тэхиньиичэскэй, эргиэн-экэнэмиичэскэй, социальнай, култуурунай уо.д.а. хайысхаларга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна ДНӨ бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3383164 манна ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскалар sakha.gov.ru ылылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago