Кировскай куораты чөлүгэр түһэрэр үлэни былааннаатылар

Кировскай куораты чөлүгэр түһэрэр үлэни былааннаатылар

23.03.2023, 13:55
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын, бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сирин Биир кэлим сүрүннүүр киинин  бэрэстэбиитэллэрэ  Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евгений Солнцевы кытары көрүстүлэр.

Ол туһунан  Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.

«ДНР бастакы вице-премьерэ Евгений Солнцев кэпсэтиини саҕалыырыгар былырыын Кировскай куоракка Саха сирин исписэлиистэрин үлэлэрин түмүгүн үрдүктүк сыаналаата”, — диэтэ Дмитрий Лепчиков.

Өрүттэр 2023-2025 сылларга Кировскай куоракка чөлүгэр түһэрэр-өрөмүөннүүр үлэлэр былааннарын көрдүлэр.

Дмитрий Лепчиков эппитинэн, ураты болҕомто 2022 сыллаахха Саха сирин инженердэрэ Кировскай куораты уунан хааччыйарга  “Донбасс комсомолеһа” шахта уутун  суотугар оҥорбут уу ситимин туһаныыга уурулунна.

Өрөспүүбүлүкэ исписэлиистэрэ быйыл куорат пааркатын сороҕун саҥардыыга үлэлиэхтэрэ, 6 тыһыынча миэтэрэ курдук ис сырдатыы линиятын тардыахтара,  элбэх кыбартыыралаах 14 олорор  дьиэни уонна уопсай дьиэни олохтоохтук өрөмүөннүөхтэрэ.  Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба систиэмэтин модернизациялааһын салҕаныаҕа. Үс хочуолунайы уонна  сылааһы биэрэр  3 пууну, уотунан хааччыйар 5 эбийиэги, уу барар уонна канализация 6 тутуутун  өрөмүөннүөхтэрэ. Ону сэргэ, оҕо 4 уһуйаанын өрөмүөннээһин уонна куорат балыыһатыгар өрөмүөн үлэтин  түмүктээһин былааннанар. Куорат уонна кыбартааллар иһинээҕи суоллары олохтоохтук өрөмүөннүүргэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Кировскайга 24 тыһыынча квадратнай миэтэрэ курдук уопсай иэннээх уулуссалар чөлүгэр түһэриллиэхтэрэ.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: