Горнай улууһугар нэһилиэктэр аайы оттооһуҥҥа штабтар тэриллибиттэрэ. Ол эмиэ тэрээһиҥҥэ көмөлөөҕө чахчы.
Кировскай нэһилиэгэ быйыл сайын 1825 т оту соҕотуопкалыыр былааннаах. Бүгүҥҥү туругунан, отчуттар 1441 туоннаны кэбистилэр. Ол аата былааннарын 85 бырыһыанын хайыы үйэ толорбуттар.
— Бастаан, кырдьык, ардаабытыгар сыл тахсар оппутун булуммат буоллубут диэн киһи барыта долгуйбута. Хата, онтон халлааммыт туран биэрэн, оттооһун тэтимнээхтик барда. Үгүс моой отчуттар оттуур сирдэрин бүтэрдилэр. Биирдиилээн улахан хаһаайыстыбалар оттуу сылдьаллар. Нэһилиэкпитигэр өссө түөрт мобильнай биригээдэлээхпит. Биир биригээдэ 100 т оту чөкөттө. Онон быйыл кыстыкпытын этэҥҥэ туоруурга эрэх-турах буоллубут, атыыга да от тахсара буолуо дии саныыбын. От үрэххэ сорох сирдэр ууга сытар этилэр, онтон кураан күн-дьыл туран, уута тардан, онно оттуу сылдьаллар, — диэн иһитиннэрдэ Кировскай нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Станислав Яковлевич Андреев.
Онон кировскайдар курдук тэтимнээхтик оттооҥ!
Хаартысканы: С.Андреев ыытта
Алтынньы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыалларга уопсайа 1790 га иэннээх 14 453 сир учаастага бэриллибит,…
Бу күннэргэ ХИФУ археологияҕа, этнографияҕа түмэлигэр “Истээх Быраан – Тыгын аҕа ууһа көмүллүбүт сирэ (XV–XVIII…
Хаҥаласка ИДьМ отделыгар олохтоох киһи массыынатын солуонуттан 40 000 солк. сүппүтүн туһунан иһитиннэрбит. Холуобунай ирдэбил…
Өлүөнэ өрүһү туоратар сүрүн паромнар салгыы үлэлииллэр. Алтынньы 31 күнүнээҕи туругунан, «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан буксирынан…
Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах "Эдэр баһаарынай" диэн олус интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһин…
Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий,…