Кировскайдар тиэхиньикэлэрин көрүнэллэр
10.07.2025, 17:00

Хаартыска: С.Андреев
Бөлөххө киир:
Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгин олохтоохторо окко киирээри бэлэмнэнэллэр. Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Станислав Андреев иһитиннэрбитинэн, быйыл хаһыҥнаан, бэс ыйа сөрүүн буолан, от үүнүүтэ мөлтөх соҕус.
— Ол эрээри бэҕэһээҥҥиттэн тохтоло суох ардаан, элбэх сөҥүү түстэ. Халлаан сылыйдаҕына, от үүнүүтэ эбиллэр ини дии саныыбыт. Быйыл 1772 туоннаны чөкөтүөхтээхпит. Мантан 1357 т тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, 402 т кэтэх хаһаайыстыбалар бэлэмниэхтэрэ. Билигин үгүс отчуттар тиэхиньикэлэрин көрүнэллэр, — диэтэ Станислав Андреев.
Хата, быйыл биэс хаһаайыстыба 48 гектарга эбиэс ыспыт.




Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: