Кировскайга 2-с нүөмэрдээх оскуола чөлүгэр түһэрилиннэ

Share

Бу туһунан брифинг кэмигэр, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ  оробуочай сырыытын түмүгүнэн, Москваҕа баар биир кэлим координационнай киин салайааччыта, СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов иһитиннэрдэ.

«Кировскайга 2-с нүөмэрдээх оскуола өрөмүөнэ силигэ ситтэ. Саха сирин исписэлиистэрэ куоракка бу сааскыттан саҕалаан үлэлээбиттэрэ.  Эбийиэк нормативнай докумуоннара төһө да суохтарын үрдүнэн, Саха сирин хамаандата туруоруллубут соругу ситистэ. Өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэллэрин үлэтин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл Юрий Трутнев, Ил Дархан Айсен Николаев, олохтоох салалта  үрдүктүк сыаналаатылар», — диэтэ Андрей Федотов.

Санатан эттэххэ, бэс ыйыгар Саха сирэ уонна Кировскай куорат бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ.  Ол чэрчитинэн доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии салаатын эбийиэктэрин, суол, уот хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин чөлүгэр түһэрии ыытыллыахтааҕа быһаарыллыбыта.

Кировскайга Саха сирин тирэх пууна үлэлиир.  Андрей Федотов иһитиннэрбитинэн, туһааннаах пуун анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыаннай сулууспалаахтары кытары ыкса сибээһи турар.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

7 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга снайпердар турнирдара буолуоҕа

Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…

10 часов ago