Кистэлэҥнээх Кет-Кап

Share

2016 сыллаахха хаһыаппытыгар “Саха сирин дьиктилэрэ” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ билим сатаан дакаастаабатах уратылаах сирдэрэ баалларын туһунан суруйбуппут. Онно Саха сирин кыраныыссатыгар баар хайаҕа НЛО көтөр хараабыла саахалламмытын туһунан суруйбуппутун үгүс киһи баччааҥҥа диэри интэриэһиргиир, сураһар. Кэлин Арассыыйа саайтара – dzen.ru, life.ru эмиэ бу туһунан суруйан турардаахтар.

СУРУЛЛУБУККА ЭРГИЛЛЭН

Онно суруллубуту ахтан аастахха маннык. Саха сирэ уонна Хабаровскай кы­­раай кыраныыссалаһар сиригэр Учуро-Чульбинскай оро­йуон диэн баар. Бу сиргэ Кет-Кап диэн сис хайа ураты кистэлэҥнэрдээҕинэн биллэр.

Кет-кап ааты хайаҕа “көтөр хараабыл” диэн сахалыы тылтан тахсыбыт диэн сабаҕалыыллар. Оройуон олох­тоохторо кэпсииллэринэн, бу сиргэ өрдөөҕүтэ, 300 сыл анараа өттүгэр, сис хайа уһугуттан иҥнэн көтөр хараабыл алдьанан сууллубут үһү. Бу хараабыл кырамталарынан булчуттар быһах, сүгэ оҥостубуттар.

Кэлин маныаха майгынныыр көтөр эттиктэри Кет-Кап сис хайаҕа өссө 1924 сыллаахха уонна 1973 сыллаахха эмиэ көрбүттэр. Кылабачыгас өҥнөөх турба курдук эттик тыаһа суох халлааҥҥа уста сылдьара үһү. Өссө маннык эттиги 1981 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү өрүс Ыгыатта са­­лаатын эҥээр олорор дьон көрбүт. Биллибэт эттик нэһи­лиэк үрдүнэн түргэн үлүгэрдик кэлэн, күөл үрдүгэр чаас аҥаарын курдук үөһээ-аллараа хамсыы-хамсыы тура түһэн баран, халлааҥҥа симэлийэн хаалбыт.

Бу көстүүнү кэлин Уус Алдан Найахытын олохтоохторо эмиэ көрбүттэр диэн сурах иһиллибитэ.

ТУОХ БУОЛУБУТАЙ?

Кет-Кап хайа саамай үрдүк сирэ – 1 493 миэтэрэ. Бу хайа туһунан саамай бастакынан геолог М.Я. Столяр суру­йан, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта. Столяр сэрии иннинээҕи сылларга Алдаҥҥа кыһыл көмүһү көрдөөбүт. Бу үлэлэрин барытын түмэн, 1934 сыллаахха «Геология и золотоносность Учуро-Чюльбинского района Якутской АССР» диэн монографиятын суруйбут.

Манна кини олох­тоох эбэҥки киһитин Дмитрий Мартыновы кытта кэпсэппитин суруйбут. Мартынов кэпсээ­битинэн, хайа саамай үрдүгэр былыр көтөр хараабыл сууллубут. Олохтоох булчуттар хараабылтан ордубут тимирдэри буланнар, быһах, сүгэ оҥос­тубуттар.

40 СЫЛ ААСПЫТЫН КЭННИТТЭН

Бу үһүйээн ситэ үөрэтиллибэккэ сүтэн, симэлийэн хаалыаҕын, 40 сыл ааспытын кэнниттэн геолог Алексей Шпагин дьарыктаммыт. Кини чинчи­йэн, дакаастабыл көрдүү сатаабыт. Салгыы кини бачыымын уфолог, Арассыыйа географическай уопсастыбатын уфологическай хамыыһыйатын салайааччы Михаил Герштейн туппут. Ол эрээри, учуонайдар быһылаан буолбут чопчу кэмин сатаан быһаарбатахтар.

Арай Столярга Мартынов 1932 сыллаахха саахалы өрдөөҕүтэ буолбут диэн кэпсээбит буоллаҕына, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэми этэрэ буолуо диэн сэрэйбиттэр. Инньэ гынан, Кет-Кап хайаҕа туох буолбутун туһунан хас даҕаны сабаҕалааһын үөскээбит.

Олохтоох кыраайы үөрэтээччи Владилен Туголуков биллибэт көтөр эттик хараабыла буолбакка, дьон оҥорбут хараабыла буолуо диэн сабаҕалаабыт. Кини этэринэн, хаһаах­тар өрүс суудунатын оҥорон, өрүстэн өрүскэ көһөрө сылдьан сир ортотугар хаалларан быраҕан барбыт буолуохтарын сөп. Ол эрээри, оччотугар тоҕо олохтоохтор онтон булбут биллибэт тимирдэринэн быһах оҥостуохтарай, хаһаахтар наадалаах, сыаналаах диэбит малларын хаалларыа суохтара этэ диэн бу сабаҕалааһыҥҥа итэҕэйбэттэр эбит.

Манна даҕатан суруйдахха, быһах туох матырыйаалтан оҥоһуллубутун кэлин быһаара сатаабыттар даҕаны билбэтэхтэр.

ЯПОНИЯТТАН ЭБЭТЭР АМЕРИКАТТАН?

Японияттан Арассыыйа сирин-уотун үөрэтээри аҕалыллыбыт дирижабль буолуон сөп диэн этиилэр эмиэ бааллар эбит. Дирижаблы Охотскай муораҕа диэри илдьэн иһэннэр, алдьанан аара хаалларбыт буолуохтарын сөп. Үөрэтэн көрбүттэрэ, кырдьык, сүүрбэһис үйэ саҕаланыыта Японияҕа дирижабллары оҥорор “Исабуро Ямадо” диэн хампаанньа үлэлиир эбит. Билигин даҕаны бу тэрилтэ метеозондалары, салгын саардарын оҥорорунан аан дойдуга биллэр.

Итиэннэ Уһук Илиҥҥэ баар күндү түүлээҕи уонна кыһыл көмүһү интэриэһиргээбит американецтар дирижабллара буолуон сөбүн туһунан эмиэ кэпсэтиилэр барбыттар эбит. Ол эрээри, бу икки сабаҕалааһынтан хайата даҕаны чуолкайдамматах.

СИБИИР ҮРДҮНЭН НЛО

Кет-Кап хайаҕа НЛО аппараата саахалламмыта буолуо диэн үөрэтээри, уфолог Герштейн чинчийиилэри оҥорбут. Ол курдук, ааспыт үйэҕэ даҕаны, ол иннинээҕи үйэҕэ даҕаны Уһук Илин сирин-уотун үрдүнэн араас биллибэт эттиктэр көтөн ааспыттарын туһунан суруйуулары архыып докумуоннарыттан, хаһыаттартан булаттаабыт.

Холобура, 1913 сыллаахха Камчатка губернаторыгар Гижиги (билигин Магадаан уобалаһа) олохтоохторуттан Опыка уонна Хаятта диэн сирдэргэ баар коряктар 12 пассажир олорсо сылдьар дирижаб­ла илин диэки көппүтүн көрбүттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит.

Ол сыл тохсунньутугар Охотскайтан үс хамсыыр туочуканы куорат үрдүгэр көрбүттэрин, биллибэт эттиктэр салгыы хайа диэки көппүттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр. Кяхта сэлиэнньэтин олохтоохторо 1897 сыллаахха дьиэ курдук быһыылаах, ол эрээри кынаттаах аппараат халлааҥ­ҥа түргэн үлүгэрдик көтөн элэстэнэн ааспытын көрбүттэрин туһунан “Забайкальские областные ведомости” хаһыакка суруллубутун учуо­найбыт булбут. Маныаха бэл Игумновтар диэн ыал аҕалара уонна уоллара көтөр аппараат кынатын сараччы арыйарын илэ көрбүттэрин-истибиттэрин хаһыатчыттарга иһитиннэрбиттэр эбит.

ТҮМҮК ОННУГАР

Билиҥҥээҥҥэ диэри, сүүсчэкэ сыл ааспытын даҕаны кэнниттэн, бу дьиктилээх Кет-Кап хайаҕа дьиҥнээхтии туох буолбута биллибэт, үөрэтиллэ илик. Арай, учуонайдар ол саахал тахсыбыт кэмигэр Кет-Кап хайаҕа диэри сөмөлүөт даҕаны, дирижабль даҕаны тиийэр кыаҕа суох диэн быһаарбыттар.

Маны тугун-ханныгын үөрэтэ диэн өр кэмнээх, элбэх үбү-харчыны уонна сыраны-сылбаны эрэйэр эспэдиис­сийэ тэриллиэн наадатын ыйаллар. Хайаҕа тиийэр суол уустук уонна ыраах. Саамай чугас нэһилиэнньэлээх пуунунан 400 килэмиэтир тэйиччи турар Алдан сирэ-уота буолар.

Онон, дьон-сэргэ билиҥ­ҥээҥҥэ диэри Кет-Кап ха­­йаҕа космическай хараабыл саахалламмыт буолуон сөп диэн сабаҕалааһыҥҥа итэҕэйэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

9 часов ago