Клещкэ ытыртарыы 52 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Клещкэ ытыртарыы 52 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

31.05.2024, 18:30
Хаартыска: "Эдэр саас" сайт
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ 7 улууһугар уонна Дьокуускай куоракка клещ ытырбыт 52 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Ленскэйгэ – 22, Өлүөхүмэҕэ – 14, Нерюнгрига – 5, Алдаҥҥа – 4, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Чурапчыга – 1, Дьокуускайга – 4 түбэлтэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр  былырыын клещ ытырыыта аан маҥнай ыам ыйын 8 күнүгэр  Ленскэй улууһугар бэлиэтэммитэ.

Айылҕа уһуктуутун кытта ойуур үөннэрэ эмиэ уһукталлар. Ол иһигэр, “клещевой паралич”, туляремия, клещ энцефалита, Лайма ыарыыта, моноцитарнай эрлихиоз уонна ымынахтаах тиип курдук кутталлаах сыстыганнаах ыарыылары көбүтэр клещтэр. Ыарыы содулуттан баралыыстыыр  эбэтэр өлөр куттал баар.

Сыстыы бастакы сибикилэрэ клещ ытырбытын кэннэ икки хонугунан эбэтэр хойут да биллиэхтэрин  сөп. Өскөтүн клещкэ ытыттардаххытына, үөнү бэйэҕитыла сатаамаҥ. Тоҕо диэтэххэ, тириигэ кини тумса хаалыан сөп. Суһаллык мэдиссиинэ чугастааҕы тэрилтэтигэр кэлэн, бырааска ыллаттарыахха наада. Ону таһынан эмсэҕэлээбит киһиэхэ, урут быһыы ылбатах буоллаҕына,  хайаан да клещ энцефалитын утары  иммуноглобулин биэрэллэр.

Исписэлиистэр ойуурга барарга сөптөөхтүк таҥнарга сүбэлииллэр. Ыстааҥҥытын бачыыҥкаҕыт эбэтэр саппыкыгыт иһигэр симтиҥ, уһун сиэхтээх ырбаахыта кэтиҥ уонна төбөҕүтүгэр бэргэһэ, былаат баанаргытын умнумаҥ.  Клещ киирбитин тута бэлиэтии көрөр курдук, таҥаскыт сырдык буолуохтаах. 10-15 мүнүүтэ буола-буола таҥаскытын бэрэбиэркэлэниҥ. Клеһи уонна үөнү-көйүүрү куттуур араас сириэстибэлэринэн ыстарыаххытын сөп. Ойууртан кэлэн баран таҥаскытын устан, эккитин-сииҥҥитин өссө төгүл үчүгэйдик көрүнүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: