Клещкэ ытыртарыы 538 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ
Роспотребнадзор дааннайынан, от ыйын 29 күнүнээҕи туругунан Саха сирин 16 улууһугар уонна Дьокуускайга клещкэ ытыртарыы 538 түбэлтэтэ регистрацияланна.
Бу көрдөрүү 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ 8,2%-нан элбэх. Маны таһынан 25 түбэлтэҕэ Амур, Иркутск, Калининград уобаластартан, Хабаровскай, Приморскай, Забайкальскай, Красноярскай кыраайдартан, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн клещ аҕалыллыбыта быһаарылынна. Ол курдук, Ленскэй – 234, Алдан – 86, Өлүөхүмэ – 63, Нерюнгри – 54, Сунтаар – 21, Хаҥалас – 16, Мэҥэ Хаҥалас – 8, Мииринэй, Ньурба – по 6-лыы, Горнай, Уус Алдан – 4-түү, Үөһээ Бүлүү – 3, Таатта, Чурапчы – 2-лии, Бүлүү, Кэбээйи – 1-дии, Дьокуускай – 27 түбэлтэтэ таҕыста.
Өскөтүн клещкэ ытыттардаххытына, үөнү бэйэҕит ыла сатаамаҥ. Тоҕо диэтэххэ, тириигэ кини тумса хаалыан сөп. Суһаллык мэдиссиинэ чугастааҕы тэрилтэтигэр кэлэн, бырааска ыллаттарыахха наада. Ону таһынан эмсэҕэлээбит киһиэхэ, урут быһыы ылбатах буоллаҕына, хайаан да клещ энцефалитын утары иммуноглобулин биэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: