Клещкэ ытыртарыы 538 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Share

Роспотребнадзор дааннайынан, от ыйын 29 күнүнээҕи туругунан Саха сирин 16 улууһугар уонна Дьокуускайга клещкэ ытыртарыы 538 түбэлтэтэ регистрацияланна.

Бу көрдөрүү 2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ 8,2%-нан элбэх. Маны таһынан 25 түбэлтэҕэ Амур, Иркутск, Калининград уобаластартан, Хабаровскай, Приморскай, Забайкальскай, Красноярскай кыраайдартан, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн клещ аҕалыллыбыта быһаарылынна. Ол курдук, Ленскэй – 234, Алдан – 86, Өлүөхүмэ – 63, Нерюнгри – 54, Сунтаар – 21, Хаҥалас – 16, Мэҥэ Хаҥалас – 8, Мииринэй, Ньурба – по 6-лыы, Горнай, Уус Алдан – 4-түү, Үөһээ Бүлүү – 3, Таатта, Чурапчы – 2-лии, Бүлүү, Кэбээйи – 1-дии, Дьокуускай – 27 түбэлтэтэ таҕыста.

Өскөтүн клещкэ ытыттардаххытына, үөнү бэйэҕит ыла сатаамаҥ. Тоҕо диэтэххэ, тириигэ кини тумса хаалыан сөп. Суһаллык мэдиссиинэ чугастааҕы тэрилтэтигэр кэлэн, бырааска ыллаттарыахха наада. Ону таһынан эмсэҕэлээбит киһиэхэ, урут быһыы ылбатах буоллаҕына,  хайаан да клещ энцефалитын утары  иммуноглобулин биэрэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

33 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago