Климент Иванов: «2025 сыл Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэриллибитэ саамай тоҕоостоох»

Share

Балтараа чаас устатыгар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин болҕойон олорон тэлэбииһэринэн көрдүм, иһиттим. Быһаччы этэбин: улаханнык астынным. 

Бырабыыталыстыба саалатыгар мустубут дьон-сэргэ састааба урукку дьыллартан эмиэ уратылаах буолла. Дьокутааттартан ураты ситэриилээх уорган уонна муниципальнай салалта бары тутаах үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччылара, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээннэрэ, ыччаттар, оҕолор бэрэстэбиитэллэрэ, Горнай улууһуттан сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэн мустубуттара дьон болҕомтотун тарта. Онон Ил Дархан туһаайан этиитэ нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар түргэнник тиийиэҕэ. Арай бүгүҥҥү Саҥа Саха сирин төрүттээбит ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Конституцията, өрөспүүбүлүкэ символлара – судаарыстыбаннай былаах, гиэрбэ – сандааран көстөллөрө бэтэрээннэр санааларын астыннарар, дуоһутар.

Айсен Сергеевич дакылаата чочуллан оҥоһуллубут, дириҥ ис хоһоонноох, өрөспүүбүлүкэ ситиһиилэрин, баар проблемаларын норуот киэҥ эйгэтэ тутатына өйдүүрүн курдук, тупсаҕайдык иһитиннэрдэ. Аан дойду үрдүнэн сатыылаабыт уустук балаһыанньаҕа дойдубутугар, Арассыыйаҕа, Саха сирэ экэниэмикэҕэ, байыаннай дьайыыга эрэллээх эркин, бөҕө тирэх буолбутун иһитиннэрэн туран, мунньахтыыр саалаҕа мустубут дьоруой уолаттарбытыгар махтаммыта, эҕэрдэлээбитэ саамай сөптөөх, истээччилэр истиҥ биһирэбиллэрин ылла.

Саха сиригэр экэниэмикэ сайдыытын сүрүн көрдөрүүтэ – баалабай бородууксуйа үүнүүтэ сыл аайы үрдээн иһэрин эттэ, 2024 сылы кытары тэҥнээтэххэ, эһиил 3,2% үрдүүрүн иһитиннэрдэ.

Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа 5,7% үрдүөхтээх, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьадайыы кээмэйэ аччыырын, орто хамнас үрдүүрүн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн социальнай эбийиэктэри тутууга, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан хайа да дьыллардааҕар күүстээх үлэ барбытын иһиттибит.

Дьэ, ол курдук, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕирии, култуура салааларыгар салгыы сайдыы барбыта бэлиэтэннэ.

Судаарыстыбаннай, муниципаальнай салалта уорганнарыгар бүддьүөттэн ороскуот элбэҕин, аҕыйах нэһилиэнньэлээх тыа сирин бөһүөлэктэрин таарыйбакка туран, үлэ тэрээһинин көдьүүһүн үрдэтии суотугар, бүддьүөккэ уларытыы киирэрин бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин бэрээдигин уларытан, ити салааҕа көрүллүбүт үп-харчы улуустарга тиийэр бэрээдэгэ олохтоммутун мунньах кыттыылаахтара сэргии иһиттилэр.

Өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар биир төһүү күүс буолуохтаах Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу саҕаламмытын, аны 3 сылынан тутууну бүтэрэр соругу туруорда.

Тимир суол тутуутун хоту уонна соҕуруу диэки салгыы ыытар боппуруоһу күүскэ туруоралларын дакылааттан иһиттибит.

Өрөспүүбүлүкэ Арктикатааҕы улуустарын сайыннарыыга, ыарахан боппуруостарын хоту таһаҕас тиэйиитин, күннэтэ туттар табаардара сыана үрдээбитин, авиациянан сырыыга субсидия туруорсубутун Ил Дархан Айсен Сергеевич бырабыыталыстыба, өрөспүүбүлүкэ салалтатын биир сүрүн быһыытынан туруорда.

Дьэ, ити курдук, өрөспүүбүлүкэ сайдар бүгүҥҥү туругун, инники кэскилин туһунан киэҥ иһитиннэриини оҥордо. Бүтэһигэр, Айсен Сергеевич кэлэр 2025 сылы Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбитэ саамай тоҕоостоох. Саха сирин бары олохтоохторо Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин толору өйүөхтэрэ уонна кэлэр сыл өссө ситиһилээх буоларыгар, бэйэни көмүскэнии байыаннай дьайыытыгар Кыайыыны ситиһэрбитигэр уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыайыынан түмүктэммитэ 80 сылын сайдыыга ситиһиилээх, үөрүү-көтүү  аргыстаах көрсөрбүтүгэр эрэлбитин үксэтиэ, сомоҕолоһорбутун, түмсүүлээх буоларбытын күүһүрдүө диэн эрэнэбит.

Түгэнинэн туһанан салалтаҕа үс этиилээхпин:

‒ Олохтоох бэйэни салайыныы сокуонугар уларытыы киирээри турарынан сибээстээн улуустар, нэһилиэктэр баһылыктарын боломуочуйаларыгар уларытыы киирэрэ наада. Тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин бириинсибэ уларыйбыта онно сөп түбэһэр. Саҥа бэрээдэгинэн тыа сирин сайыннарыы бэлиитикэтин үптээх-харчылаах олорон миэстэтигэр быһаарар буоллулар. Онон нэһилиэктэргэ олохтоох дьон үлэлээх уонна дохуоттаах буолууларын хааччыйыы баһылыктар булгуччулаах эбээһинэстэрин курдук сокуоҥҥа уларытыы  киллэриэххэ. Баччааҥҥа диэри баһылыктар итинник боломуочуйалара сокуонунан көрүллүбэтэх.

‒ Ил Дархан соторутааҕыта олохтоох бородууксуйаны кэҥэтэр соруктаах ыйааҕа тахсыбыта. Онон сибээстээн хоту улуустарга балыктааһыны уонна ону кэнсиэрбэ оҥорон атыылааһыны дэлэтэр кыах баар. Хоту улуустарга элбэх күөллэр, үрэхтэр бааллар. Миэстэтигэр сорнай балык (ол эбэтэр сахалыы «сиэниллибэт балык» диэн өйдөбүллээх) элбэх. Онно киирэллэр сордоҥ, сыалыһар кытары. Оттон кыра кээмэйдээх балык саппааһа олус элбэх. Урут хоту улуустарга уонунан тыһыынча ахсаанаах килиэккэлээх кыыл иитиллэрэ, сүнньүнэн, хара саһыл. Ону аһатарга сүүһүнэн туонна олохтоохтор «туһата суох балык» диэн ааттыыр балыктара туһаныллара. Билигин килиэккэлээх кыыл иитиллибэт. Оттон кыра балыгынан ким да дьарыктаммат. Кэнсиэрбэлээһин технологията уустуга суох. Онон кыра балыгы, сордоҥу, сыалыһары маассабайдык соҕотуопкалаан, кэнсиэрбэлээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥник тэнитэн атыылааһын элбэх дохуоту биэриэҕэ.

‒ Өрөспүүбүлүкэ хостонор баайын, ордук ньиэби, гааһы, көмүһү тастан кэлэн хостооһун бүрүүкээтэ. Манна  регистрацияламматтар, аахсыйаларын олохтоохторго эмиссия оҥорон атыылаабаттар. Быһатык эттэххэ, сирбит баайыттан туһанарбыт кыра. Онон сир баайын өрөспүүбүлүкэ сириттэн хостооччулар социальнай эппиэтинэстэрин үрдэтэр туһунан сокуон ылынар наада буолла. Ил Түмэн дьокутааттара ити сокуону олоххо киллэрдэхтэринэ өрөспүүбүлүкэҕэ кэм туһалаах буолуо этэ.

Климент Иванов, госсулууспа бэтэрээнэ. Ил Түмэн пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булчут билиэтин оҥотторо илик дьоҥҥо артыыс сүбэтэ

Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

️Сөмөлүөккэ бэрээдэги кэһии чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо? Кинигэ туһунан чахчылар

Билиигин-көрүүгүн хаҥат.  Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

4-с оптуобус суоппарын хайҕаатылар

Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быыстапка бэртээхэйэ буолла

Уһун Күөлгэ "Аргыс" сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Киһи тоҕо кырдьарый?

Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да,…

10 часов ago