Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Дьокуускай куорат киин болуоссатын – Ленин болуоссатын икки чааска арааран баран, аҥаарын Өрөспүүбүлүкэ болуоссата диэн ааттыахха диэн этиитин тула киэҥ кэпсэтии таҕыста. Бүгүн Судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ Климент Иванов Ил Дархан Айсен Николаев Ленин болуоссатын саҥардыллан оҥоһуллубут өттүн Өрөспүүбүлүкэ болуоссата диэн ааттыырга эппитин толору өйүүрүн биллэрдэ:
— Бу төрүөтэ туохханый? Ленин болуоссата урут компартия баһылаан-көһүлээн, дойдуну салайан олорор кэмигэр тутуллубута. Онтон ыла элбэх бириэмэ ааста, уопсастыбаннай тутул, олох-дьаһах уларыйда. Биллэрин курдук, 1980 сыллар ортолоруттан норуот кииннэммит былааһы, көҥүл санаа тууйулларын улам сөбүлээбэт буолбута. Ол туоһутунан дойду үрдүнэн маассабай хамсааһын тахсыбыта буолар. Онон сибээстээн ССРС Үрдүкү Сэбиэтин сийиэһэ 1990 сыллаахха ССРС Конституциятын 5-с ыстатыйатын устубута. Ол ыстатыйа ис хоһоонунан «Дойдуну салайар уонна дьаһайар күүһүнэн Коммунистическай баартыйа буолар» диэн этэ. Онон дойду үрдүнэн 1990 сылтан компартия дойдуну салайар уонна дьаһайар күүһэ тохтообута.
Оттон Саха сиригэр, биллэрин курдук, 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыллыбыта, автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһуттан аккаастаммыта. Саха сирэ Арассыыйа Федерациятын демократическай, сокуонунан салаллар судаарыстыбаннастаах субъект буоларын туһунан бигэргэтэн этиллибитэ. Ол кэмҥэ XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаев эппитэ: «Биһиги автономияҕа махтанабыт, күүскэ сайынныбыт. Ол эрээри мантан инньэ норуот ирдэбилинэн салайтарабыт, Саҥа Саха сирин аныгылыы олох бириинсиптэринэн сайыннарабыт, урукку олохпут уонна билиҥҥи кэммит бэйэ-бэйэлэрин кытары утарыласпаттар. Биһиги салгыы саҥа суолунан сайдабыт».
Онон кэнники 100 сылга сайдыыбыт икки кэрчиктээх: социалистическай уонна демократическай правовой судаарыстыбаннастааах. Олохпут дьиҥнээх кырдьыга итинник. Билигин урукку Ленин болуоссатын дьиҥнээҕинэн олохпут суолун көрдөрөр гына саҥардылынна, икки чааска араарылынна: Ленин пааматынньыга саҥардыллан оҥоһулунна, ол өттө Ленин болуоссатын аатын илдьэ хаалла. Оттон реконструкцияламмыт өттө – билиҥҥи Саҥа Саха сирин көрдөрөр. Онон сибээстээн Өрөспүүбүлүкэ аатын сүгэрэ саамай сөптөөх. Оччоҕуна урукку киин болуоссаппыт Саха сирин кэнники 100 сыллаах устуоруйатын чуолкайдык ситимнээн көрдөрөр икки былаһааккаланар – Ленин аатынан уонна Өрөспүүбүлүкэ аатынан. Түмүкпэр, ити боппуруоска мөккүһэр олоҕо суох дии саныыбын.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…