Климент Иванов: «Олох устуоруйатын дьиҥнээҕинэн сырдатыахха»

Share

Саха Өрөспүүбү­лүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэл Климент Иванов Өрөспүүбүлүкэ күнүн суолтатын туһунан санаатын үллэстэр: :

– Аныгы Саха сирин ордук бэлиэ, ытыктанар бырааһынньыгынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ буолар. Биллэрин курдук, 90-с сыллар биһиги дойдубут устуоруйатыгар тосту өҕүллүүлээх сылларынан буолбуттара. Модун Сэбиэскэй Сойууһу салайан олорбут Коммунистическай баартыйа Киин Кэмитиэтэ уларыта тутуу бэлиитикэтин саҕалаабыта. Ол түмүгэр 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Декларация ылылларыгар Саха сирэ автономияттан аккаастаммыта. Оттон муус устар 4 күнүгэр Саҥа Конституцияны ылынарыгар демократическай, правовой судаарыстыбаннастаах, гражданскай уопсастыбалаах, бары өттүнэн парламентаризм бириинсиптэрэ толору туттуллар Саха (Якутия) Өрөспүүбүлүкэтин аатын ылбыта. 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт уочарата суох сиэссийэтигэр Конституция олоххо киирбитэ уонна муус устар 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн бэлиэтэнэрэ биллэриллибитэ.

Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммит устуоруйатын икки кэрдиис кэмҥэ араарар тоҕоостоох. Бастакыта – 1922 сыллаах гражданскай сэрии, быстыы-ойдуу кэмигэр Саха сиригэр автономия статустаах судаарыстыбаннаһы олохтооһун. Бу сүҥкэн суолталаах реформаны тэрийбит, иилээбит-саҕалаабыт чулуу дьоммутунан М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов буолаллар. М.Е. Николаев быһаччы туруорсуутунан, 1994 с. муус устар 27 күнүгэр саха дьонун үтүө ааттарын тилиннэриигэ «О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30-е годы представителей якутского народа» диэн РФ Бэрэсидьиэнин Б.Н. Ельцин ыйааҕа тахсыбыта. Михаил Ефимович саха чулуу уолаттарын үтүө ааттарын тилиннэриини тус бэйэтин сыралаах үлэтинэн ситиспитэ.

П.А. Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, Саха сирин сайдыытыгар киллэрбит күндү кылааттарын үйэтитиигэ М.Е. Николаев саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ. Ол өрөспүүбүлүкэ салалтатын илиитигэр тутан олорор судаарыстыбаннай диэ­йэтэл көлүөнэлэр ситиһиилэригэр, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыыларын маҥнайгы көстүүтэ этэ. Итини этэн туран, Саха сирэ аныгылыы сайдыы, ол эбэтэр иккис кэрдииһигэр суолта биэриэххэ, олох устуоруйатын дьиҥнээҕинэн сырдатыахха диэн этиилээхпин. Өрөспүүбүлүкэ күнүн суолтата итиннэ туһуланыахтаах.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

55 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago