Климент Иванов: «Бөҕө ситим баар буолуохтаах»

Share

Ытыктыыр уонна таптыыр сахам дьоно!

Бу күннэргэ биһиги бары ыар сүтүктэннибит. Тыыннааҕар улуу буолбут убайбыт, Аан Дархаммыт Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн букатыннаахтык күрэннэ. Кини суох буолбута хас биирдиибит сүрэҕэр таас буолан сөҥмүтэ чахчы…

Биир түгэҥҥэ бүттүүн норуот тирэҕэ суох, аҕата суох хаалбыт курдук сананныбыт. Тулаайах оҕо курдук. Ол эрээри ити эмискэ халыйан кэлбит санаа эбит, ыар сурах соһуччута бэрдиттэн.

Бастакы Бэрэсидьиэммитин кытта бырастыылаһыы Опера уонна балет тыйаатырын киэҥ уораҕайыгар буолла. Дьон тохтообокко, кэлэ турда, ытык киһибитин ыксала суох, сахалыы нүһэрдик атаардыбыт. Дьон астынна, атаарыы уонна буорун булларыы сиэрин-туомун тэрийии чиэстээхтик уонна ытыктабыллаахтык ааспытын. Маны барытын Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев иилээн-саҕалаан, тус бэйэтэ көрөн-харайан тэрийдэ.

Бу түгэҥҥэ мин өйдөөтүм — Аан Дархаммыт олоҕун бүтүннүү анаабыт, муҥура суох таптыыр Сахатын Өрөспүүбүлүкэтин эрэллээх, эрчимнээх илиигэ туттаран хаалларбытыттан нус-хас бардаҕа.

Улахан салайааччы эмискэ күөрэс гыммат эбээт. Норуотун иһигэр иитиллэр, ыстаал курдук хатарыллар. Олоҕу билэр. Тургутууну ааһар. Мин астынабын, Ил Дархаммыт Айсен Николаев тыа сириттэн төрүттээҕин иһин, бэйэтин суолун бэйэтэ тэлинэрин иһин, дохсун санаалааҕын иһин, түргэн уонна дириҥ өйдөөҕүн иһин. Ордук уу сахалыы саҥаран бардаҕына, долгуйабын, ис испиттэн үөрэбин. Биһиги сахалар киһи, кырдьык да, киэн туттар, итэҕэйэр, эрэнэр, өйөнөр, көнө аартыктаах салайааччыны бэйэбит испититтэн иитэн таһаарбыппыт.

Ил Дархаммыт Айсен Николаев Аан Дархаммыт Михаил Николаев кутун-сүрүн, саныыр санаатын өйүнэн-сүрэҕинэн дьиҥ-чахчы ылыммыт, этигэр-хааныгар иҥэриммит диэн тус бэйэм сыаналыыбын. Уонна онтон сүрдээҕин астынабын. Үрдүкү салалтаҕа ити курдук өйү-сүрэҕи курдаттыы ааһар бөҕө ситим баар буолуохтаах. Оччоҕо биһиги омук уонна өрөспүүбүлүкэ быһыытынан үйэттэн үйэҕэ салҕанар улууканнаах дьылҕабытын таҥнарбакка, сайдар тэтиммитин ыһыктыбакка, иннибит диэки дьулурҕатык баран иһиэхпит. Бүгүҥҥүбүт тирэхтээх, сарсыҥҥыбыт саргылаах буоллун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо,

уопсастыбаннай диэйэтэл Климент Егорович Иванов.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киирэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

18 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

1 час ago