Судаарыстыбаннас күнүн көрсө, «Өрөспүүбүлүкэ албан аатын уонна туһатын туһугар» («Во славу и на пользу республики») диэн бочуоттаах бэлиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.
Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнигэр Михаил Николаевка махтал, ытыктабыл уонна кини аатын үйэтитэр соруктаах бэлиэни кинини кытта ыкса алтыһан үлэлээбит, өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах гражданина Климент Иванов ылла.
Бочуоттаах бэлиэни бу үөрүүлээх быһыыга-майгыга Климент Ивановка Ил Дархан Айсен Николаев туттарда. Ил Дархан бэйэтин этиитигэр Михаил Николаев уонна кини ыкса үлэлэспит дьоно өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар оҥорбут сүҥкэн кылааттарын, ол кэмҥэ ылыныллыбыт быһаарыылар дьоһуннаах суолталарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Биһиги СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнигэр Михаил Николаевка уонна кинини кытары ыкса үлэлэспит дьоҥҥо, Саха автономиятын төрүттээбит ытык дьоммут оҥорбут үтүө дьыалаларын оннунан хаалларарга үлэлэспиттэрин уонна халбаҥнаабат бигэ сыаннастары элбэтиигэ сыраларын иһин махтанабыт. Бириэмэ уларыйар кэмигэр ылыныллыбыт быһаарыылар кэмигэр уонна сөпкө быһаарыллыбыттара көһүннэ. 34 сыл устатыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй олох бары эйгэлэригэр балачча элбэх түмүктэри ситистэ. Ити сыллар усталарыгар, төһө да уустуктар, харгыстар баалларын иһин, биһиги иннибит диэки дьулуспуппут, сайдыбыппыт, дьон-сэргэ олоҕун тупсардыбыт«, — диэн этэр Ил Дархан.
Саха сирэ саҥа таһымҥа тахсыытыгар, сайдыытыгар олук уурсубут архитектордартан биирдэстэринэн Климент Иванову ааттыыллар. Кини 1990-c сыллар саҥаларыгар ССРС Үрдүкү Сэбиэтин былааннааһыҥҥа уонна бүддьүөт-үп хамыыһыйатыгар чилиэнинэн, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, СӨ Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Ол кэмнэргэ судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация уонна Конституция (Сүрүн сокуон) курдук суолталаах нормативнай докумуоннар ылыллыбыттара.
«Үлэбитин үрдүктүк сыаналаабыкытыгар махтанабын. Мин өрөспүүбүлүкэҕэ уустук сылларга Михаил Ефимович Николаев хамаандатыгар үлэлээбиппэр дьылҕабар махтанабын. Историяҕа хаалар уларыйыылар кэмнэригэр, саха дьонун-сэргэтин дьолугар дьиҥнээх муударай, быһаарыылаах, талааннаах лиидэр үлэлээбитэ ыраахтан көстөрө диэн эрэллээхтик этэбин. Кини саҥа Саха сирин айааччытынан буолбута. Уонна демократическай правовой судаарыстыбаны төрүттээччинэн сөпкө ааҕыллар«, — диэтэ Климент Егорович.
Климент Иванов саҥа үйэҕэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытын тэтимин уонна Михаил Николаев суолун утумнуулларын үрдүктүк тутан бэлиэтээтэ.
«Биһиги, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээннэрэ, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын астына-дуоһуйа кэтээн көрөбүт. 2018 сыллаахха Ил Дархан эстэпиэтэтин ылан, Айсен Сергеевич Николаев бастакы Бэрэсидьиэн саҕалаабыт суолун салгыыр. Киниэхэ Михаил Ефимович үлэтин үөрүйэҕинэн эрэлээхтик сирдэтинэр. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын чопчу маннык суола бырамыысыланнаска, аграрнай секторга, предпринимательствоҕа уонна да атын салааларга сайдыыны бигэтик хааччыйыаҕа«, — диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Санатар буоллахха, «Өрөспүүбүлүкэ албан аатын уонна туһатын туһугар» («Во славу и на пользу республики») бочуоттаах бэлиэ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аатын үйэтитэр соруктаах 2023 с. сэтиньи 13 күнүгэр, СӨ Ил Дархан ыйааҕынан олохтоммута.
Наҕарааданан гражданнар РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үтүөлэрин иһин наҕараадаланаллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…