21‑с үйэҕэ олорор буолан, олохпут сайдан, тупсан, бииртэн-биир аныгы сонун сүүрээн күөрэйэн тахсан иһэр. Биллэн турар, үчүгэйгэ киһи түргэнник үөрэнэр уонна тардыһар. Дьэ, онон бүгүн сайдыылаах, тэтимнээх олох биир көстүүтүн — клининг өҥөтө киин куораппытыгар тоҕо анньан киириитин туһунан кэпсэтиэхпит. Сэһэргэһээччим — Сунтаар Элгээйититтэн төрүттээх “Mega Clean” клининговай хампаанньа салайааччыта Милан Андреев.
— Кырдьык, клининг өҥөтө Саха сиригэр “тоҕо анньан” киирдэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Билигин улуус киинин аайы бу өҥө биллэ тэнийэн эрэр. Эн хаһааҥҥыттан ыла бу эйгэҕэ үлэлиигиний?
— Тэрилтэбин соторутааҕыта тэриммитим. Биллэн турар, бастаан өйдүүн-санаалыын, таҥастыын-саптыын, дьиэлиин-уоттуун бэйэҥ ыраас туруктаах, бэрээдэктээх буолуохтааххын. Оччоҕо эрэ ыраас буолуу эн олоххор инники күөҥҥэ сылдьар. Төһөнөн дьиэҥ ыраас, бэрээдэктээх да, төбөҕөр эмиэ оннук бэрээдэк. Мин 28 сааспар диэри араас үлэни үлэлээн кэллим. Дьокуускай куорат 2 №-дээх орто оскуолатын кэнниттэн 2016 сыллаахха ХИФУ-ну бүтэрбитим. Идэбинэн кытай тылын учууталабын. Онтон IT-эйгэҕэ үлэлээбитим. Кэлин толкуйданан баран, бүгүҥҥү күҥҥэ мин интэриэспэр эппиэттиир салаа клининг сулууспата эбит диэн олохтоохтук бэлэмнэнэн баран, ылыстым. Ол эбэтэр үлэһиттэрбэр да, оҥорор өҥөбөр да ирдэбилим үрдүк.
— Сыанаҥ эмиэ онуоха эппиэттиир?
— Оннук. Оҥорор өҥөбүт үрдүк хаачыстыбалаах, үлэлиир тэрилбит хаачыстыбалаах, сыаналаах. Туттар химическэй эттиктэрбит бары санитарнай ирдэбили, бэрэбиэркэни ааспыттара, дьон доруобуйатыгар куттала суох. Онон өҥөбүт чэпчэкитэ суох — ыарахан.
Мин Канадаҕа уонна Кытайга үөрэнэ сылдьыбытым. Онон араас дойдуларга клининг сулууспалара хайдах үлэлииллэрин билэбин. Бу эйгэни баһылыам иннинэ элбэҕи үөрэппитим, бэйэм үөрэммитим. Харчы мунньунан баран, наадалаах тэриллэри атыыласпытым. Онон бу салааҕа үлэлиэн баҕалаах дьон хаачыстыбалаах табаары Дьокуускайтан хайа баҕарар атыылаһыан сөп.
Үлэбит саамай уустук өрүтэ — үлэһит тиийбэт. Мин тэрилтэбэр үлэлиир дьону аныгы ирдэбилгэ эппиэттиирдии үөрэтэбин. Бастаан утаа 12 киһини үлэҕэ ылаары үөрэппитим. Хомойуох иһин, ылбычча киһи клинер буолар кыаҕа суох. Ол дьонтон билигин үс эрэ исписэлиис хаалан, олох бары ирдэбилгэ эппиэттиирдии үлэлииллэр. Түргэннэр-тарҕаннар, истириэһи тулуйаллар. Араас килийиэн баар. Кини биир ыарыылаах кириитикэтэ, клинеры аны бу үлэҕэ хаһан да төннүбэт оҥоруон сөп.
— Төһө дохуоттаах салааный? Сайаапка төһө киирэрий?
— Кэлиҥҥи кэмҥэ клининг өҥөтө саамай дохуоттаах салаа буолан, үлэ бары хайысхатыттан инники күөҥҥэ таҕыста. Дэлэҕэ даҕаны, бааҥҥа үлэлиир табаарыһым, киин куораппытыгар нэдиэлэҕэ 5‑тии клининг сулууспата арыллар диэн бэлиэтиэ дуо? Кини кэпсииринэн, нэдиэлэҕэ ортотунан итиччэ тэрилтэ салайааччыта анал счетун арыйа кэлэр эбит. Аны олус элбэх сайаапка киирэринэн сылыктаатахха, дьон биирдэ клиниг өҥөтүнэн туһанаат, тохтоон хаалбат, өссө эн өҥөҕөр наадыйан кэлэр. Аныгы тэтимнээх олох буолан, дьиэ хомуйар да бириэмэ тиийбэтэ чахчы. Өссө идэтийбит уопуттаах дьон дьиэҕин бары өттүттэн “кылабачытан” таһаарыахтара. Дьон, бастатан туран, дьыбааннарын ыраастатан саҕалыыллар. Бу саамай сөптөөх быһаарыы — бары быыл, кир-хох дьыбааҥҥа мустар. Онтон сыыйа дьиэлэрин барытын хомуйтарарга сананаллар. Кэлин дьон сурутуу өҥөтүн туһаналлар. Ол эбэтэр нэдиэлэ аайы дьиэ хомуйуутугар эрдэттэн суруттаран кэбиһэллэр. Клинердар этиллибит бириэмэ кэмигэр дьиэни кэлэн хомуйан бараллар.
Клининг сулууспата куораппытыгар олус элбэх. Куорат бары муннуктарыгар бааллар. Онон бэйэ-бэйэбитин билсибэппит даҕаны. Бу олус эппиэтинэстээх үлэ. Үлэҕин сөбүлээтэхтэринэ, бастайааннай килийиэннэнэҕин. Биһиги химиянан үлүһүйбэппит иһин элбэх сайаапка киирэр. Онуоха мин “Suuyar” (“Сууйар”) хампаанньаны ыкса сибээстээҕим улахан оруоллаах. Саха уолаттара бэртээхэй дьыалаҕа таба тайаммыттар — сууйар араас мыылалары, бороһуоктары бэйэлэрэ айан таһааран, ырыынак эйгэтигэр миэстэлэрин бигэтик булуннулар.
…Ити курдук, саха ыччата клининг курдук сонун сүүрээни баһылаан, “олоххо миэстэбин бигэтик буллум, бу “миэнэ” эбит диир үлэлэнним” диэн бэрт эрэх-турах туттан кэпсээтэ. Милан Андреевка уҥа илиитинэн кэргэнэ Саргылаана Николаевна буолар. Кини олоҕун аргыһыгар кэмиттэн кэмигэр сүбэ-ама буолан, ыарахан да чэпчиир, кыаллыбат боппуруос да тобуллубута эрэ баар буолар эбит. Эдэр ыал сэттэ саастаах кыыстаахтар, үс ыйдаах уоллаахтар. Онон Андреевтар 21‑с үйэҕэ бэрт табыгастаах эйгэҕэ бэйэлэрин суолларын тэлэн эрэллэр.
Суһал сууйуу-сотуу — 1000 солкуобай.
Яндекска 57 анал бэрэбиэркэни ааспыт биирдиилээн исписэлиис бэлиэтэммит. Сүрүннээн хампаанньалар үлэлииллэр.
Килийиэн ону бэйэтэ быһаарар. Бэйэҥ дьыалаҕар барыаххын да сөп, клинер үлэтин көрүөххүн баҕардаххына, дьиэҕэр олоруоххун да сөп.
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …