Коксаки вирус туох кутталлааҕый?

Коксаки вирус туох кутталлааҕый?

Ааптар:
04.11.2024, 19:30
Хаартыска: Shot ТГ-ханаалтан
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа оҕо уһуйааннарынан уонна оскуолаларынан саҥа Коксаки вирус тарҕаммыт түбэлтэлэрэ регистрацияланна.

Москва уонна Владимирскай уобаластарга, итиэннэ Краснодарскай кыраайдарга ыарыы тарҕаммыт түбэлтэлэрэ  таҕыста диэн Shot ТГ-ханаал иһитиннэрэр. Биир ийэ быраастартан истэн эппитинэн, маннык түбэлтэ  Арассыыйа үрдүнэн соҕотох буолбатах. Ыспыраапкаҕа быраастар оҕону ОРВИ-нан ыалдьыбыт диэн диагноз туруорбуттар. Урут маннык вирус Турцияҕа Белеке куорат сынньанааччылар ортолоругар бэлиэтэммит. Коксаки вирус туох кутталлааҕый?

Коксаки вирус быраастар ортолоругар энтеровирус быһыытынан биллэр. Бу ыарыы вирустара ордук куртахха уонна оһоҕоско ууһууллар.
Вирус инфекцията Арассыыйаны киллэрэн туран, аан дойду ханнык баҕарар муннугар тарҕаммыта бэлиэтэнэр. Бу инфекция көннөрү тымныйыыны эбэтэр оһоҕос ыарыытын тарҕаныыттан кытта сибээстээх.  Ардыгар быраастар бу ыарыы элбэх дьон ортотугар баарын бэлиэтииллэрин иһин,  үксүгэр инфекция тарҕаныыта биирдиилээн түбэлтэтэ эрэ тахсар.

Коксаки вирус 3-тэн 10- гар диэри саастаах оҕолорго кутталы үөскэтэр, ол эрээри сороҕор улахан дьон эмиэ ыалдьар.

Вирус хас да көрүҥэ баар. Холобур, Коксаки А вирус сытыы коньютивиты, герпетическай ангинаны көбүтүөн сөп, ону таһынан олус сэдэх түбэлтэлэргэ менингит бэлиэтэнэр. Оттон Коксаки В вирус, бастатан туран, киһи ис уорганнарыгар охсор. Ол эрээри, маннык түбэлтэлэр олус сэдэхтик үөскүүллэр, үксүгэр мөлтөх иммуннай системалаах дьоҥҥо.

Коксаки ыарыы тыынар уорганнарынан тарҕанар. Инфекция иһитинэн-хомуоһунан, оҕо оонньуурунан, о.д.а тарҕаныан сөп. Маны таһынан кирдээх оҕуруот аһын уонна фруктаны сиир дьон ортолоругар эмиэ тарҕанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
39
+1
3
+1
11
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: