Арассыыйаҕа оҕо уһуйааннарынан уонна оскуолаларынан саҥа Коксаки вирус тарҕаммыт түбэлтэлэрэ регистрацияланна.
Москва уонна Владимирскай уобаластарга, итиэннэ Краснодарскай кыраайдарга ыарыы тарҕаммыт түбэлтэлэрэ таҕыста диэн Shot ТГ-ханаал иһитиннэрэр. Биир ийэ быраастартан истэн эппитинэн, маннык түбэлтэ Арассыыйа үрдүнэн соҕотох буолбатах. Ыспыраапкаҕа быраастар оҕону ОРВИ-нан ыалдьыбыт диэн диагноз туруорбуттар. Урут маннык вирус Турцияҕа Белеке куорат сынньанааччылар ортолоругар бэлиэтэммит. Коксаки вирус туох кутталлааҕый?
Коксаки вирус 3-тэн 10- гар диэри саастаах оҕолорго кутталы үөскэтэр, ол эрээри сороҕор улахан дьон эмиэ ыалдьар.
Вирус хас да көрүҥэ баар. Холобур, Коксаки А вирус сытыы коньютивиты, герпетическай ангинаны көбүтүөн сөп, ону таһынан олус сэдэх түбэлтэлэргэ менингит бэлиэтэнэр. Оттон Коксаки В вирус, бастатан туран, киһи ис уорганнарыгар охсор. Ол эрээри, маннык түбэлтэлэр олус сэдэхтик үөскүүллэр, үксүгэр мөлтөх иммуннай системалаах дьоҥҥо.
Коксаки ыарыы тыынар уорганнарынан тарҕанар. Инфекция иһитинэн-хомуоһунан, оҕо оонньуурунан, о.д.а тарҕаныан сөп. Маны таһынан кирдээх оҕуруот аһын уонна фруктаны сиир дьон ортолоругар эмиэ тарҕанар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…