Нерюнгрига “Колмар” таас чоҕу хостуур хампаанньа хайа-байытар комплекстарыгар айаннаан истэххэ, киһи хараҕар быраҕыллар гына “Модун Арассыыйа Сибииринэн кыаҕырар” диэн баннер тардыллан турар. Кырдьык да, оннук. Нерюнгри оройуонун сиригэр-уотугар үлэлиир “Колмар” хампаанньа тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтээн, үлэҕэ үтүө түмүктэрдээх көрүстэ.
Кэскиллээхтик үлэлиир хампаанньа Уһук Илиҥҥэ инвестиция бөдөҥ бырайыактарын олоххо киллэрэр. Ол курдук, “Саха сирин соҕуруу өттө“ (“Южная Якутия”) урутаан сайдар сир-уот резиденнэринэн буолар Денисовскайдааҕы уонна Инаглинскайдааҕы хайа-байытар кэмбинээттэрин түстүүр.
Устуоруйа быыһын сэгэттэххэ, “Колмар” таас чоҕу хостуур хампаанньа 2003 сыл муус устар 9 күнүгэр төрүттэммитэ. Ол кэмҥэ “Нерюнгриуголь” ААУо диэн ааттааҕа. Билигин коксаланар таас чох премиальнай мааркатынан аатырар. Дьэ, онтон тэрилтэҕэ 2014 сыллаахха кэлбит саҥа акционердар сайдыы уһун болдьохтоох стратегиятын торумнаабыттара.
2015 с. “Денисовскайдааҕы” уонна Инаглинскайдааҕы” хайа-байытар комплекстар тэриллэн, “Денисовскайдааҕы” шахта иккис уочарата киирбитэ. Чульбас ыст. – “Инаглинскайдааҕы” ГОК тимир суол ситимэ тутуллубута уо.д.а.
Бородууксуйаны таска батарар кыах арыллыбыта. Онно 2016 с. “Инаглинская-1” байытар фабриканы үлэлэтии төһүү буолбута. “Колмар” Азия уонна Чуумпу акыйаан эрэгийиэнигэр үрдүк хаачыстыбалаах концентраты таһаарыыны саҕалаабыта.
Нөҥүө сылыгар хайа-байытар комплекстар “Южная Якутия” социальнай-экэнэмиичэскэй урутаан сайдыы резиденнэринэн буолбуттара. 2018 уонна 2019 сылларга сылга
6 мөл. туонна таас чоҕу биэрэр “Денисовскайдааҕы” фабриканы уонна бэйэлэрин өрөмүөннүүр-производственнай базаларын үлэлэтии, ону тэҥэ “Инаглинскайдааҕы” шахтаны уонна “Инаглинскайдааҕы-2” байытар фабриканы тутуу саҕаламмыта. Оттон “Денисовскайдааҕы” шахтаҕа таас чоҕу хостооһун саҥа таһымҥа тахсыбыта – ыраастыыр механизациялаах комплекс үлэлээбитэ.
2020 с. күһүнүгэр хамсыктан иҥнибэккэ, Арассыыйаҕа бөдөҥ “Инаглинскайдааҕы” шахтаны уонна “Инаглинскайдааҕы-2” байытар фабриканы бастакы уочараттарын үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Онон бу үбүлүөйдээх күҥҥэ “Колмар” үс шахталаах, үс байытар фабрикалаах, аһаҕас үлэлэри хайаҕа ыытар учаастактардаах, өрөмүөннүүр-производственнай баазалаах, тимир суол ыстаансыйалаах, бырайыактыыр институттаах көрүстэ.
БЫЙЫЛГЫ БЫЛААН – 14,3 МӨЛ. ТУОННА
2022 сылга “Колмар” тэрилтэлэрэ 12,4 мөл. туонна таас чоҕу хостоотулар. Быйылгы былаан – 14,3 мөл. туонна.
Хампаанньа Нерюнгри оройуонун олоҕор-дьаһаҕар уонна экэниэмикэтигэр көхтөөхтүк кыттарын оройуон олохтоохторо биһирииллэр. Муниципальнай балыыһаларга ыарахан сыаналаах оборудованиены атыылаһан, өрөмүөнү үбүлээн көмөлөһөллөр. С.С.Каримова аатынан 1 №-дээх гимназиялыын шефтэһэллэр, олохтоох технологическай кэллиэһи кытта бииргэ үлэлиэхтэрэ. Нерюнгри куорат маастар-былаанын торумнааһыҥҥа үбүлээһини угаллар. Быйыл социальнай уонна аһымал көмөҕө үгүөрү үбү көрүөхтэрэ.
Уһук Илиҥҥэ хампаанньа үлэһиттэр олохторун өйөөһүҥҥэ ыытар үлэтинэн киэҥник биллэр, ол кэлэктиибинэй дуогабарга бигэтик олоҕурар. 2021 с. “Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак кыттыылаахтарын ортотугар кыайыылааҕынан буолбута хампаанньа аатын үрдэтэр. “Уһук Илин сулуһа” бириэмийэ чэрчитинэн хаста даҕаны “Үлэни бастыҥ биэрээччи” аатырбыта. “Дьарыктаах буолууга көмөлөһүү” федеральнай бырайыакка “Саха сирин үлэни бастыҥ биэрээччитэ” ааты ылар чиэскэ тиксибитэ.
АЙХАЛЛАН, ҮЛЭ КИҺИТЭ!
“Колмар” таас чоҕу хостуур хампаанньа 20 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ “Колмар Групп” аахсыйалаах уопсастыба Дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анна Цивилева кыттан: “Күндү «Колмар» хампаанньа үлэһиттэрэ! Бүгүн хампаанньа 20 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиибит. Биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар бэлиэ 2014 сыл баар – онно предприятие уһун болдьохтоох стратегията саҕаламмыта. Хас биирдиигитигэр махтанабын, биһиги бырамыысыланнаспытын, экэниэмикэбитин, тапталлаах өрөспүүбүлүкэбитин сайыннараргытыгар баҕарабын”, – диэн баҕа санаатын тириэртэ.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар дойду салалтатыгар Владимир Владимирович Путин кэлэн, 2013 с. Арассыыйа судаарыстыбатын стратегическай соругунан Уһук Илини сайыннарыыны ааттаабытын, манна Юрий Трутнев баһылыктаах бөдөҥ хамаанда Уһук Илини өйөөһүн саҥа мэхэньиисимнэрин тэрийиилэрин бэлиэтээтэ. «Колмар» – улахан эрэгийиэн эрэлэ, “Колмар” салалтатын дьыалабыай талаанын уонна үлэтин көстүүтэ. Колмар – Саха сирин соҕуруу өттүн мөссүөнэ”, – диэн чопчу сыаналаабытын шахтердар, проходчиктар, мэхээнньиктэр, технологтар уо.д.а. сэргээтилэр.
– Саха сиригэр инникитин 40, 50, 60 туоннаны хостуур баҕалаахпыт. Бу дьон олоҕо тупсаҕай буолуутугар көмөлөһүөҕэ. 2030 сылга диэри манна куорат сайдыытын маастар-былаанын торумнуубут, быйыл доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин олохтоохтук өрөмүөннүүбүт, – диэтэ Айсен Николаев.
Уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыга таас чох бырамыысыланнаһыгар киллэрбит кылааттарын иһин бастыҥ үлэһиттэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Грамотатын “Восточная-Денисовская” шахта 1 №-дээх учаастагын 5 разрядтаах проходчига Вячеслав Епищевка, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэни “Инаглинскайдааҕы шахта” 1 №-дээх сир аннынааҕы учаастагын электросилиэсэрэ Евгений Абизовка, “Восточная-Денисовская шахта” машиниһа Александр Курмаевка туттарда.
БЫРАМЫЫСЫЛАННАС БААРАҔАЙА
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ РФ айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа миниистирин солбуйааччы Дмитрий Тетенькин, РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирин солбуйааччы Анатолий Бобраков, РФ энэргиэтикэ министиэристибэтин таас чох бырамыысыланнаһын департаменын дириэктэрэ Петр Бобылев, “Колмар” УК” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Антон Уланов, генеральнай дириэктэри солбуйааччы – толорооччу дириэктэр Сергей Ширяев, Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк кытыннылар. Кинилэр хампаанньа бастыҥ үлэһиттэригэр, салайааччыларыгар ытыс тыаһын ортотугар наҕараадалары туттардылар.
Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистири солбуйааччы Анатолий Бобраков тыл этиитигэр “Колмар” суолтатын бигэргэтэн: “100 млрд тахса солкуобай кэтэх инвестиция, 6 тыһ. тахса үлэһит – бу Колмар”! – диэтэ өрө көтөҕүллүүлээхтик. Оройуон баһылыга Роман Щегельняк «Колмар» – бу идэни уһулуччу баһылааһын көстүүтэ диэн туран: “Бырамыысыланнас баараҕайын тэрийдигит”, – диэн сыаналаата уонна хампаанньаҕа махтанна.
Ити курдук, 20 сыллаах үбүлүөй олус сэргэхтик ааста, инникигэ эрэли сахта.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…