Хаартыска: sakha.gov.ru
«Колмар» хампаанньа ситиһиилэрин, 2025 сылга үп-харчы уонна экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэрин, 2026 сыллааҕы былааннарын туһунан мунньаҕы Ил Дархан Айсен Николаев салайан ыытта.
2025 сылга «Колмар» хампаанньа чох хостооһунун кээмэйэ 10,4 мөлүйүөн туоннаҕа тиийбит, атыыта — 4,5 мөлүйүөн туонна. Быйыл хампаанньа 13 мөлүйүөнтэн тахса туоннаны хостуур уонна 6,5 мөлүйүөн туонна чох бородууксуйатын атыылыыр былааннаах. «Колмар» хампаанньа эригийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэр, 2025 сылга диэри уопсай инвестиция — 11,2 млрд солк.
Билигин хампаанньаҕа 6600-тэн тахса киһи үлэлиир. Производственнай каадырдар орто хамнастара 180 000 солк., былырыыҥҥыттан 4,9% үрдээбит.
«Аан дойдутааҕы чох ырыынагар уустук балаһыанньа үөскээбитин үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэ 2025 сылга 52 мөлүйүөн туонна чоҕу хостооһун историческай рекордун ситистэ. Бу ситиһиигэ Колмар улахан кылаатын киллэрдэ. 2026 сылга “Колмар” хампаанньа бөлөхтөрүн оҥорон таһаарыыларын көрдөрүүтэ өссө үрдүө диэн эрэнэбит», — диэн эрэгийиэн салайааччыта тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Евгений Ютяев этэринэн, сыл устата тэрилтэ ыйга 200 тыһыынча туонна чох хостооһунун оҥорон таһаарыытын үрдэттэ, бу хампаанньа 2024 сылга ити кэмнээҕи көрдөрүүтүн биллэ куоһарда. «Туруктаах усулуобуйаҕа хампаанньа балансатыгар эбии 41 мөлүйүөн туонна чох саппааһа аһаҕас карьерга хостооһун эбиллибитэ», — диэн эттэ генеральнай дириэктэр.
“Хампаанньа Нерюнгри, Чульман уонна бүтүн Нерюнгри оройуонун сайдыытыгар улахан суолталаах. «Колмар» хампаанньа 2025 сыл устата сүҥкэн өйөбүлүн иһин махталбын тиэрдэбин, бииргэ үлэлээһиммит ситиһиилээхтик салҕанан барыа диэн бигэ эрэллээхпин», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/18802 сигэнэн ааҕыҥ.
Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар хоруупсуйаны утары охсуһууга үлэтинэн рейтиҥҥэ 7 -с миэстэҕэ сылдьар. Бэлитиичэскэй…
Бу күннэргэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Захар Слепцов суоппар дастабырыанньатын ылла. 2022 сыллаахха күһүн Захар мобилизациянан сулууспаҕа…
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум үлэһиттэрэ уонна устудьуоннара байыаннай дьайыыга сылдьар уонна госпиталларга сытар уолаттарга…
2023 сыл тохсунньутугар Томпо улууһун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр Лесная уулуссаҕа итии ууну биэрэр турба тэстибит.…
Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһата улуустартан кэлбит ыарыһахтар катаракталарын суһаллык эмтиир. Улуустан кэлбит дьон биир күн иһигэр…
Саха сиригэр бырааска МАХ мессенджер нөҥүө суруттарыахха сөп буолла. Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын…