«Колмар» ситиһиитэ уонна былаана

Share

«Колмар» хампаанньа ситиһиилэрин, 2025 сылга үп-харчы уонна экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэрин, 2026 сыллааҕы былааннарын туһунан мунньаҕы Ил Дархан Айсен Николаев салайан ыытта.

2025 сылга «Колмар» хампаанньа чох хостооһунун кээмэйэ 10,4 мөлүйүөн туоннаҕа тиийбит, атыыта — 4,5 мөлүйүөн туонна. Быйыл хампаанньа 13 мөлүйүөнтэн тахса туоннаны хостуур уонна 6,5 мөлүйүөн туонна чох бородууксуйатын атыылыыр былааннаах. «Колмар» хампаанньа  эригийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэр, 2025 сылга диэри уопсай инвестиция — 11,2 млрд солк.
Билигин хампаанньаҕа 6600-тэн тахса киһи үлэлиир. Производственнай каадырдар орто хамнастара 180 000 солк., былырыыҥҥыттан 4,9% үрдээбит.

«Аан дойдутааҕы чох ырыынагар уустук балаһыанньа үөскээбитин үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэ 2025 сылга 52 мөлүйүөн туонна чоҕу хостооһун историческай рекордун ситистэ. Бу ситиһиигэ Колмар улахан кылаатын киллэрдэ. 2026 сылга “Колмар” хампаанньа бөлөхтөрүн оҥорон таһаарыыларын көрдөрүүтэ өссө үрдүө диэн эрэнэбит», — диэн эрэгийиэн салайааччыта тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Евгений Ютяев этэринэн, сыл устата тэрилтэ ыйга 200 тыһыынча туонна чох хостооһунун оҥорон таһаарыытын үрдэттэ, бу хампаанньа 2024 сылга ити кэмнээҕи көрдөрүүтүн биллэ куоһарда. «Туруктаах усулуобуйаҕа хампаанньа балансатыгар эбии 41 мөлүйүөн туонна чох саппааһа аһаҕас карьерга хостооһун эбиллибитэ», — диэн эттэ генеральнай дириэктэр.
Хампаанньа Нерюнгри, Чульман уонна бүтүн Нерюнгри оройуонун сайдыытыгар улахан суолталаах. «Колмар» хампаанньа 2025 сыл устата сүҥкэн өйөбүлүн иһин махталбын тиэрдэбин, бииргэ үлэлээһиммит ситиһиилээхтик салҕанан барыа диэн бигэ эрэллээхпин», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/18802 сигэнэн ааҕыҥ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: баттаххыт хойуу буолуон баҕарар буоллаххытына

Киһи барыта баттаҕа хойуу, үчүгэй туруктаах, көстүүлээх буолуон баҕарар. Онуоха кэмиттэн-кэмигэр араас мааскалары оҥостуохха сөп.…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аҕам саастаахтарга ураты болҕомто ууруллар

Суоттуга Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр нэһилиэкпит аҕам саастаахтарыгар анаан Саҥа дьыллааҕы ураты тэрээһин буолла.  …

27 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыалдьытын ойоҕоһун тоһуппут

2 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар балыыһаттан ойоҕоһугар тостуулаах киһи киирбитин туһунан иһитиннэрии киирбит. Холуобунай…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйаллар

Дьарыктаах буолуу сулууспатын көмөтүнэн ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ  байыаннай эпэрээссийэ 121 кыттыылааҕын үлэҕэ ыллылар. 61 киһи анал…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Орто Халыма талба талааннааҕа Айсура дьоро киэһэтэ

Быйыл 140 сылын туолар В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр ааҕар дьиэҕэ  "Айар кут" хоһоонньуттарын уонна…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муусуканы улаханнык холбоон…

Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар эр киһи подъезка киниэхэ ыала саба түспүтүн туһунан…

2 часа ago