СИА архыыбыттан.
Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр дьиэ кэргэттэрин эбиллии күүтэр быһыылаах диэн «Орто Дойду» зоопарка үлэһиттэрэ СИА-ҕа иһитиннэрбиттэр.
Колымана бастакы оҕотун Хаарчаананы 2016 сыллаахха оҕоломмута, онтон үс сыл буолан баран Алмааһы төрөппүтэ. Эһэчээннэр билигин Ленинградтааҕы зоопаркаҕа уонна Хабаровскайдааҕы зоосаакка бааллар.
«Колымана Алмааһы төрөппүтүттэн ыла үс сыл ааста. Бу ахсынньыга кини тутта-хапта сылдьара уларыйбытын бэлиэтии көрдүбүт, арҕахха сытар, улаханнык хамсаныан баҕарбат. Күн аайы кэтээн көрөбүт. Ломоносов бэйэтин вольерыгар баар», — диэн СИА-ҕа зоопарка научнай-сырдатар салаатын сэбиэдиссэйэ Наталья Сафонова уонна зоопарка дириэктэрэ Лука Сафонов иһитиннэрэллэр.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…