Коми Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат тыйаатыра аҕалбыт испэктээгин ырытыы
Кэнники кэмҥэ дойду үрдүнэн тыйаатыр эйгэтэ биллэ сэргэхсийдэ, араас эрэгийиэннэр тыйаатырдара дойду иһинэн элбэхтик айанныыллар, бэйэлэрин репертуардарын атын куораттар, нэһилиэктэр көрөөччүлэрин кытта билиһиннэрэллэр. Саха сиригэр бу сыл устата хас даҕаны тыйаатыр кэлэктииптэрэ тыһыынчанан килэмиэтир ыраах тайаан сытар сирдэртэн кэлэ сырыттылар. Холобур, Коми Өрөспүүбүлүкэтин В. Савин аатынан дыраама академическай тыйаатырын иһинэн үлэлиир Ыччат тыйаатыра Саха сиригэр алтынньы 5-9 күннэригэр гостуруоллаата. Икки олус сэргэх туруорууну аҕалбыттар, олортон биирдэстэрин – “Игра в фанты” испэктээги умсугуйан туран көрдүм.
“Уларыта тутуу” кэмиттэн кэлбит классика
Николай Коляда аата “уларыта тутуу” кэмигэр чаҕылхай сулус буолан умайбыта. Кини пьесаларын сүүһүнэн тыйаатыр туруорбута, дойду иһигэр, омук дойдуларыгар айымньылара сыанаттан билигин даҕаны түспэккэ оонньоноллор. “Перестройка” төрөппүт ааптардарыттан саамай ситиһиилээхтэрэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. “Мурлин Мурло”, “Рогатка”, “Баба Шанель” уо.д.а. айымньыларын тыйаатыр эйгэтигэр чугас дьон билигин даҕаны өйдүү-саныы, ырыта сылдьаллар. Дьиҥэр, бу дьикти, мин санаабар, “уларыта тутуу” эпохатын көстүүлэрэ бэйэтин дьикти кэмиттэн араарыллыбат, атын кэм кэрчиктэрин кытта чугас дьүөрэлэспэт курдуктар. Ол иһин ити кэмҥэ “улуу айымньыларынан” биллэриллибит үгүс элбэх сэһэн, пьеса ууга тааһы бырахпыттыы симэлийбиттэрэ.
“Игра в фанты” пьеса олортон чыҥха атын дьылҕалаах айымньы. 1987 сылга сүрэхтэниэҕиттэн ыла бу айымньыны 90-тан тахса тыйаатыр туруорбута, билигин даҕаны саҥа көлүөнэ режиссердар таптаан туруораллар. Холобур, 2016 сыллаахха бу пьесаны Саха тыйаатырын артыыһа, режиссера Валентин Макаров бэйэтин үөрэнээччилэрин, АГИКИ устудьуоннарын кытта “Олох оонньуута” диэн ааттаан туруорбуттаах. Бу испэктээк, хомойуох иһин, киэҥ эйгэҕэ улаханнык биллибэккэ ааспыта эрээри, тыйаатыры таптааччылар Макаров режиссер быһыытынан бастакы холонуутун үрдүктүк сыаналаабыттара. Эдэр оҕолор уустук оруоллары үрдүк таһымнаахтык оонньообуттара, Коляда сыыдам тэтимнээх, олус ыкса ыпсарбыт, тохтоло суох кэриэтэ ыытыллар диалогунан киирсиилэрин эҥкилэ суох толорбуттара. Кэнники бу үөрэх кыһатын түмүктээри сылдьар устудьуоннартан сорохторо өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биллэр артыыстар буола үүммүттэрэ.
“Фарцаны” аныгы кэмҥэ көһөрүү
Ааптар бэйэтин кэмин сытыы кыһалҕаларын арыйаары суруйбут айымньытыгар сүрүн дьоруойдарынан “фарцовщиктар” буолаллар. Көҥүл атыы бобуулаах кэмигэр үспүкүлээннэр, омук сириттэн киллэриллибит табаардары кистээн атыылааччылар ССРС гражданнарын харахтарыгар түктэри майгылаах, криминал эйгэтин дьоннорунан көстөллөрө. Пьесаҕа “фарцовщиктар” көннөрү устудьуоннар, чэпчэки суолу батыспыт ыччат эрэ курдук ойууланаллар. Ол кэмҥэ итинник санаа дьикти этэ. Хара маҥнайгыттан биир эрэ уол дьиҥнээх “криминал” киһитэ буолара көстөр. Атыттар бары ымсыы-обот эрэ санаалаах эдэр оҕолор. Бу байар умсугуйуутугар охтубут ыччат “фанты” – баҕа санаа толоруутугар оонньууллар. Сорудахтара киһиттэн таһынан соҕус – билбэт киһини куттааһын, “суһал көмөнү” сылтаҕа суох ыҥырааһын, түүн үөһэ арыгы булан атыылаһыы. “Ооньообуттара оҕус” буолар – куруутун сэниир уоллара өрө баран киһини өлөрөр…
Омос санаатахха, ол кэмнээҕи кыһалҕалары билиҥҥи кэмҥэ сыһыарар бэрт уустук курдук. Атыы-тутуу көҥүллэммит кэмигэр, “сухой сокуон” суоҕар, пьеса фабулата олоччу уларыйдаҕына эрэ өйдөнүөн сөп курдук – буолаары буолан бу оонньууну үксүн эдэр ыччакка анаан туруораллар. Ол эрээри, бэрт судургу көннөрүү “уларыта тутуу” кэминээҕи кыһалҕалары аныгы кэмҥэ көһөрөр. Валентин Макаров испэктээгэр оҕолор “спайс” наркотигы атыылааччыларга кубулуйаллар, Коми Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат тыйаатырыгар пьесаны туруорбут Денис Рассыхаев дьоруойдарын эмиэ наркотик атыыһыттарыгар кубулуппут. Оччоҕуна барыта орун-оннугар түһэр эбит. Онон манан былыргы кэм сибикилэрэ ордон хаалбыттар, “дэписсиит”, “сухой сокуон” кыһалҕаларын ол кэмҥэ олорбут дьон таба көрүөхтэрин сөп, ол эрээри, аныгы ыччат ити түгэннэри бэлиэтээбэт эбит.
Коми Ыччат тыйаатырын тойоннооһуна
Өскөтүн, биһиги Макаровпыт бэйэтин туруоруутун киинэ жанрыгар чугаһатан “камернай триллер” курдук оҥорбут эбит буоллаҕына, Рассыхаев туруоруута тыйаатыр иһиттэн тахсыбакка айыллыбыта харахха быраҕыллар. Афишатыгар ойууламмытын курдук, испэктээк бары дьоруойдарын сирэйдэрэ клоун мааскатын курдук кырааскаламмыттар. Өйдөөн көрдөххө, бу ньыманан бары персонажтар ис хараактардара арыллыбыт. Холобур, лиидэр уол Кирилл мааската тыйыс сүрэхтээх “Джокер” сирэйдэммит, кини кэргэнэ Настя курус клоун “Пьеро” мааскалаах. Режиссер тоҕо эрдэттэн итинник көнөтүк дьоруойдар ис туруктарын арыйбыта туспа таайбараҥ быһыылаах, тус бэйэм, атыттар “саҥарар” сирэйдэрин ситэ өйдөөбөккө, пьеса өссө биир түгэх санаатын куоттардым быһыылаах.
Ол оннугар, испэктээк сүрүн хайысхата аныгы кэм сытыы кыһалҕаларыгар туһаайыллыбыта тута көстөр. Дьиэ кэргэн иһигэр “абьюзивнай” сыһыан, кэлэктиип иһигэр “буллинг” содула бэрт булугас ньымаларынан арыллыбыттар, аныгы ыччакка олус өйдөнүмтүөтүк көрдөрүллүбүттэр. Артыыстар оонньууларын таһыма үрдүк, режиссер туруорбут соруктарын дириҥ оонньуунан көрдөрдүлэр. Испэктээк икки түмүктээх оҥоһуллубута, дириҥ ис хоһоонноох муусуканан хос толкуй эбэрэ, эмиэ олус саталлаах быһаарыы курдук көрдүм.
Түмүккэ
Арассыыйа Култууратын министиэристибэтин “Большие гастроли” диэн ааттаммыт улахан бырайыагын чэрчитинэн дойду тыйаатырдара бэйэлэрин ситиһиилэрин атын эрэгийиэннэргэ илдьэн көрдөрөр кыахтаннылар. Саха сиринээҕи Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра сыл анараа өттүгэр Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр гостуруоллуу тиийэ сылдьыбыта, онон бу аата Коми Ыччат тыйаатыра харда быһыытынан ыалдьыттыы кэлэ сырытта. Бырагыраама тыйаатырдарга да улахан туһаны аҕалла, көрөөччүлэри даҕаны олус сэргэхситтэ.
Оттон Николай Коляда пьесата “шекспирдии” уһун тыыннаах айымньы буолуон сөптөөҕүн өссө биирдэ дакаастаата.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: