Коммунальнай өҥө иһин төлөбүр бүгүҥҥүттэн үрдээтэ
Коммунальнай өҥө иһин тарыыбы үрдэтии болдьоҕун 2023 с. от ыйын 1 күнүгэр оҥоһуллуохтааҕын 2022 с. ахсынньы 1 күнүгэр көһөрөр туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын быһаарыыта тахсыбыта. Маннык дьаһаныы 2023 с. табаарга уонна өҥөнү оҥорууга сыана үрдээһинин чэпчэтэр уонна ОДьКХ, энэргиэтикэ тэрилтэлэрин өйүүр сыаллаах ылылынна.
«2022 с. ахсынньы 1 күнүттэн нэһилиэнньэ коммунальнай өҥө иһин төлөбүрүгэр тарыып 9 % улааппатын курдук оҥоһулунна. РФ Бырабыыталыстыбата бары субъектарыгар барыларыгар маннык үрдээһини ыытта. Олорор дьиэ хайдах хааччыллыылааҕыттан көрөн-суоттаан, үрдээһин сорох нэһилиэктэргэ 11,4 % тиийиэн, сорохторго 9 % намтыан сөп», – диэн Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова пресс-кэмпириэнсийэҕэ эттэ.
Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт салалтата эппитинэн, электроэнергияҕа, гааска, итии ууга, итиини биэриигэ тыа хаһаайыстыбатын улуустарыгар бырамыысылыннай оройуоннары кытары тэҥнээтэххэ, тарыып намыһах буолуо. Итиэннэ бу ахсынньы 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр өҥө иһин тарыыбынан 2023 с. тохсунньу ыйтан төлүөхтэрэ диэтилэр.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ эппиттэринэн, Арктика зонатын хааччыйар «СӨ ОДьКХ» тэрилтэтин оператордарыгар кытаанах коммунальнай тобохтору (ТКО) туһаныыга төлөбүр үрдээбит тарыыба олохтоммут. Бу сүрүннээн уматыгы харайыы уонна туһаныы ороскуотун тарыыптарын учуоттаан туран оҥоһуллубут. Ону тэҥэ, Ньурба улууһун олохтоохторугар кытаанах коммунальнай тобохтору туһаныы өҥөтүгэр төлөбүр биллэрдик үрдээбит. Онтон атын оройуоннарга тарыыбы үрдэтии 9 % иһинэн буолуо. Ол оннугар Мииринэй уонна Сунтаар оройуоннарыгар ити көрүҥҥэ тарыыптара намтаабыт (1,3% уонна 4,7% тэҥнэһэр), оттон Бүлүү уонна Ленскэй оройуоннарыгар оннунан хаалбыт.
Өскөтүн олох-дьаһах, коммунальнай өҥөтүн иһин ороскуот дьиэ кэргэн холбуу дохуотуттан 15 % үрдүүр түгэнигэр субсидия оҥотторор бырааптаахтара этилиннэ. 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр тарыыптарга өҥө төлөбүрэ 2023 сыл тохсунньутугар саҕаланыаҕа.
Оттон Арктика атын туһанааччыларыгар уонна урбаанньыттарга тарыыбы тэҥниир мэхэньиисим оннунан хаалыа, кинилэргэ РФ Бырабыыталыстыбатынан бигэргэтиллибит олохтоммут тарыып улаатыыта 9 %-тан тахсыа суоҕа. Бүддьүөт ороскуотун улаатыннарыы иккис көрүҥүнэн уокка тарыыбы тэҥнээһиҥҥэ субсидияны ааҕыы ньымата уларыйбыта буолар. Онон аны Арктика зоналарыгар олорооччулар уот тарыыба урут атын туһанааччылар суоттарыгар оҥоһуллар буоллаҕына, билигин тарыып араастаһыыта өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар үбүлэниэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: