Кондиционер туһата уонна буортута
Сайын сатыылаан турар кэмигэр таһырдьа да, дьиэ да иһигэр киһи буһара-хатара элбиир. Билигин дьон күннээҕи олоҕор үксэ дьиэтигэр кондиционер холбонон абыранар. Кондиционер киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарын, туһатын, буортутун манна ааҕыҥ.
Кондиционердар күннээҕи олоххо бигэтик киирдилэр: дьиэҕэ, офиска, гостиницаҕа, атыы-эргиэн дьиэлэригэр… Кондиционер хос иһигэр сөптөөх салгыны тутарга аналлаах: куйааска сойутар, сөрүүн кэмҥэ сылытар.
Кондиционер туһата:
1. Итии хоско сөптөөх микроклиматы оҥорон таһаарар.
Хоско үрдүк температура итийии, сииги сүтэрии төрүөтэ буолуон сөп. Бу ордук оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо тоҕоостоох. Кондиционер көмөтүнэн от ыйын куйааһыгар дьиэ иһигэр чэбдик микроклимат турар. Киһи организмыгар сөптөөх халлаан туруга +18С +21С буолар.
2. Үлэлииргэ усулуобуйа оҥорор.
Итиигэ киһи түргэнник сылайар, мэйии үлэтэ мөлтүүр, үлэлиир санаа сүтэр. Үчүгэйдик сынньанарга итии эмиэ мэһэйдиир – сатаан утуйбаккын, эт-сиин ыарахан үлэ кэмин кэнниттэн чөлүгэр түспэт. Кондиционер хос иһин температуратын тэҥнээн, таһаарыылаахтык үлэлииргэ-хамсыырга уонна сынньанарга үчүгэй усулуобуйаны оҥорор.
3. Статическай күүрүү(напряжение) намтыыр.
Хамсанарга, ону тэҥэ элбэх электрическэй мал үлэлии турар кэмигэр хоско статическай эньиэргийэ мунньуллан хаалар. Ити мунньуллубут статическэй эньиэргийэттэн сылтаан миэбэлгэ элбэх быыл мунньустар, салгын хаачыстыбата мөлтүүр. Ити кыһалҕаны ионизацияламмыт кондиционердар суох оҥороллор. Ионизация кэмигэр статическай күүрүү хоско намтаан, быыл мунньустара аччыыр, салгын буортуйбат.
4. Салгыны ыраастыыр.
Куорат салгына быылынан, кыыл-сүөл түүтүнэн, химическэй эттиктэринэн уо.д.а. туолан турар. Онтон сылтаан аллергияны уонна астманы ыҥырар кыахтаах.
Үгүс кондиционердар салгыны хас да төгүл ыраастыыр систиэмэлээх буолан, антибактериальнай дьайыыны оҥороллор. Бронхит, аллергия уо.д.а ыарыыга ылларыы аччыыр.
5. Тэллэй үөскүүрүн, салгын сиигирэрин туоратар.
Дьиэ кырыыһата тэстэр, сииктээх сиргэ турар буоллаҕына, түүнүк, тэллэй, сиик тахсар. Кэнники оҥоһуллан тахсыбыт кондиционердар куурдар эрэсиимнээх буолан, сииги түргэнник көтүтэллэр. Итинник эрэсиим истиэнэ алдьанарыттан харыстыыр уонна салгыҥҥа грибковай споралары үөскэппэт.
Кондиционер буортута:
Өр кэмҥэ ыытыллыбыт практика түмүгэ көрдөрөрүнэн, кондиционер кэккэ буортулардаах эбит. Кондиционеры сыыһа туруорартан уонна эрэсиимнэри сыыһа туһанартан хорумньу тахсар.
1. Кондиционер бүтэй итии салгын төрүөтэ буолуон сөп.
Үксүн чэпчэки сыаналаах кондиционер вентиляцилыыр системата мөлтөх буолан, салгыны куурдар.
2. Кондиционер тумуу төрүөтэ буолуон сөп.
Сайын аайы кондиционер тымныы салгыныгар дьон үрдэрэн, тумуулааһын элбэх. Быраастар этэллэринэн, ити температура халбаҥнааһыныттан тахсар. Куйаастан соһуччу тымныы дьиэҕэ киирэр, охсуулаах буолуон сөп. Түмүгэр киһи ыалдьыан сөп.
Исписэлиистэр тугу сүбэлииллэрий? Таһырдьа уонна дьиэ иһинээҕи температура арыта 10-тан үрдүк буолуо суохтаах. Ол аата таска +30 кыраадыс буоллаҕына, кондиционер холбонон турар дьиэтигэр салгын туругар +20-тэн намыһах буолара буортулаах.
3. Кондиционер салгыны куурдар.
Кураанах салгыны тыынан да, этинэн-сиининэн да билэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, кондиционер эрэ буолбакка, ханнык баҕарар обогреватель салгыны куурдар, сииги көтүтэр.
4. Кондиционер бактерия төрүтэ.
Ардыгар, наар кондиционердаах дьиэҕэ олорор дьоҥҥо ыарыы микробтара үөдүйэллэрэ бэлиэтэнэр. Холобур, пневмония. Араас дьаҥ бактериялара кондиционер фильтрыгар сөҥөн хаалаллар уонна кэлин салгыны кытары тарҕаналлар.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Василина Михайлова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: