Кондитердартан төлөбүр төлөтүөхтэрин сөп
Бэйэ дьарыктаах дьон уонна урбаанньыттар, ойуулук персонажтарын (дьоруойдарын) көҥүлэ суох тутталлара бобулларын туһунан Арассыыйа юристарын ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ сэрэтэллэр. Манна, холобур, кондитердар киирсиэхтэрин сөп.
“Эппиэтинэстэн куотунуом дии санаан, ойуулук персонажтарын (дьоруойдары) бас билээччилэр сөбүлэҥнэрэ суох туһанымаҥ”, — диэн Арассыыйатааҕы юристар ассоциацияларын чилиэнэ Елена Гринь этэр. Кэлин төлөбүр ылаары бас билээччилэр анаан-минээн атыылаһар (контрольнай закупка) түгэннэрэ үксээбит. Айымньылар дьоруойдарын уруһуйун табаарга сакаастаан, бас билээччи, толорооччуну соруйан сокуону кэһэргэ күһэйэр, барытын бэлиэтэнэр, онтон суукка биэрэр эбит.
“Бэрээдэги кэһээччилэр 10 тыһ. солкуобайтан 5 мөл. солкуобайга диэри кээмэйдээх төлөбүрү төлүөхтэрин сөп (Гражданскай кодекс 1301 ыст.), — диэн этэр. Холобур, торду оҥорууга ааптар быраабын кэһии иһин төлөбүр ылар түгэннэрэ элбэх эбит. Ойууну, персонажтары туһанарга бэйэни куттала суох оҥорор биир эрэ түгэн баар – бас билээччиттэн сөбүлэҥин ылыы диэн юрист сүбэлиир.
Маныаха ааптар суох буолбутун эһиилги сылын тохсунньу 1 күнүттэн 70 сыла ааспыт, уопсастыба баайынан-дуолунан ааттаммыт айымньы персонаһын туһанары сокуон көҥүллүүр диэбиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: