Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин бэс ыйын 27 күнүгэр Конго Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин Дени Сассу-Нгессоны кытары Москваҕа көрүстэ. Былырыын Конго бэрэсидьиэнэ “Арассыыйа-Африка” улахан саммитыгар кэлэ сылдьыбыта.
Арассыыйа уонна Конго доҕордуу сыһыаны олохтоон, бииргэ үлэлэспиттэрэ 60 сыл буолла. Дени Сассу-Нгессо көрсүһүү кэмигэр Москваҕа өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕана кэлэ сылдьыбытын бэлиэтээтэ.
— Москваҕа мин өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕаттан сылдьабын. Быйыл биһиги дойдуларбыт бииргэ үлэлэспиттэрэ 60 сылын туолар. Бу этэргэ эрэ дөбөҥ эрээри, кылгаһа суох кэм. Арассыыйа Африка дойдуларыгар куруутун көмө-тирэх буола олорор. Биһиги уустук кэммитигэр санаабытыгар санаа, күүспүтүгэр күүс эппитэ. Онон, түгэнинэн туһанан, Конго Өрөспүүбүлүкэтин уонна Африка бары дойдуларын ааттарыттан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын, — диэн эттэ.
Конго бэрэсидьиэнэ этэринэн, арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа киллэрбит араас хааччахтара сокуоннайа суох. Уонна уустук кэмҥэ доҕордуу сыһыаннаах дойдулар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэрэ наада.
— Арассыыйаҕа Укриананан сибээстээн араас хааччаҕы киллэрэ тураллар. Мин санаабар, бу хайа да өттүнэн сокуоннайа суох. Ол да буоллар Арассыыйа дьоно-сэргэтэ иннитин диэки дьулуһан баран иһэр. Бу – эр санаалаах норуот бэлиэтэ. Уустук кэмҥэ бэйэ-бэйэҕэ тирэх буолар наада. Онон биһиги дойдуларбыт билигин саҥа таһымҥа тахсалларыгар биир кэрдиис кэм диэн көрөбүн, — диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн.
Владимир Путин Арассыыйа уонна Конго билигин араас эйгэҕэ барытынан үлэлэһэ олороллорун, Дели Сассу-Нгессо норуоттар доҕордоһууларыгар, судаарыстыбалар доҕордоһууларыгар элбэх кылааты киллэрсибитин бэлиэтээтэ.
— Конго “Арассыыйа уонна Африка” саммитыгар иккитэ кытынна. Бэрэсидьиэн быһыытынан дойдуларбыт сайдыыларыгар үгүһү оҥордугут. Бэлиитикэ да өттүгэр, экэниэмикэлэри сайыннарыы да өттүгэр, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…