Салгыы
Константин Иванов: “Ат кыаҕа уонна киһи толкуйа, дьулуура кыайыыга аҕалаллар”

Константин Иванов: “Ат кыаҕа уонна киһи толкуйа, дьулуура кыайыыга аҕалаллар”

14.07.2024, 14:00
Хаартыска: К.Иванов тиксэриитэ уонна СИА
Бөлөххө киир:

Туймаада ыһыаҕар өр сыллаах үлэлэрэ чыпчаалга сирдээн, кыайыыны аҕалбыт холобурдар үгүс дьону үөрдүбүттэрэ, кынаттаабыттара. “Дыгын оонньууларыгар” уон сыл кыттыбыт Таас Боотур кыайыыта биир чаҕылхай холобур буолар. Маны тэҥэ, Ил Дархан Кубогын бирииһигэр ат сүүрдүүгэ кыайбыт Константин Иванов кыайыыта – эмиэ отуттан тахса сыллаах сыралаах үлэ үтүө түмүгэ.

Үс ини-бии сүүрдээччилэр

Кини бииргэ төрөөбүт бырааттара Иннокентий уонна Валентин – үс ини-бии Ивановтар үһүөн ат сүүр­дүү­түнэн, баайыытынан дьарык­­таналлара, өрөс­пүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьаллара тарбахха баттанар сэдэх көстүү буолуохтаах. Бу буоллаҕа, утумнааһын, дьиэ кэргэнинэн биир дьарыгы сайыннарыы.

Ил Дархан бирииһигэр быраата Валентин Байсар Барс диэн Сунтаар улууһун атынан иккис кэлбитэ. Иннокентий Нам улууһун аатыттан кыттыбыта. Быйылгы “Дерби” сүүрүүтүн үһүс баартыйатыгар Валентин Байсара эмиэ кыа­йыыны аҕалан, сун­таардары өрөгөйдөппүтэ.

Бу уолаттар Сунтаар улууһун Уһун Күөл бөһүөлэгэр олорор тоҕус оҕолоох Полина Семеновна, Валентин Константинович Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөн, иитиллэн, киһи-хара буолан тахсыбыттара.

Костя 7-с кылаастан саҕалаан, ат сүүрдэр буолбута. “Тойбохой” сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетын сылгыһыта, ат баайааччыта Иннокентий Федорович Чириков уолу таба көрөн, дьарыктаан барбыта. Киниэхэ улууска биллэр ат баайааччы Евгений Евсеевич Алексеев сүбэлээн-амалаан көмөлөһөрө.

“Элбэхтик аттан сууллан, аты кыайан туппакка, кыыл ыытан кэбиһэн, элбэхтик мөҕүллэн, кэтэххэ бэриллэн, үөрэннэҕим дии. Ол сыл аан бастаан Сунтаарга, улуус ыһыаҕар ат сүүрдүүтүгэр киирсэн, 12 аттан 12-с миэстэ буолан баран, кыайбыт киһи тэҥэ үөрбүтүм, астыммытым”, – диэн Константин кэпсиир. Арааһа, кыра уол бэйэтин кутталын кыайбытыттан, уопут­таах сүүрдээччилэри батыһан да буоллар, тэҥҥэ барсыбытыттан астыннаҕа.

“Ат сүүрдүүтүгэр сүрэхтиин-быардыын ылларбытым…”

– Ол кэнниттэн ат сүүрдүүтүн ис сүрэхпиттэн сөбүлээбитим, ылларбытым. Аҕам боростуой сылгыһыт буоллаҕа дии. Онон дьылҕам суолун ыйбыттарыгар ити уһуйааччыларбар махтанабын. Оскуоланы бүтэрэн баран, жокей буолар эбиппин диэн бигэ санаа­ны ылынан, Суоттутааҕы ПТУ-га үөрэнэн, “тренер-жокей, табунщик” диэн идэни ылбытым. Ол кэнниттэн Мэҥэ Хаҥалас Маттатыгар, Аммаҕа, Уус Алдаҥҥа, онтон дойдубар, Сунтаарга үлэлии сылдьыбытым.

Ол сылдьан, бүччүм ыра санаалаах этим – бастаан улуус таһымыгар сүүрдэн, хотторон да, кыайан да баран, салгыы Бүлүү умнаһын улуустарыгар, онтон өрөспүүбүлүкэ таһым­наах күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт киһи диэн.

Онтон бу Дьокуускайга кэлэн үлэлээбитим уонтан тахса сыл буолла. Сунтаар улууһун аттарын баайан, Ил Дархан бирииһигэр 4-с миэс­тэ буолбуттаахпын. “Син кыаныахха сөп эбит, хаһан эмит, баҕар, табыллыа, ыра са­­наам туолуо”, – дии саныырым. 1000 миэтэрэлээх спринтер сүүрдүүлэргэ 1-кы миэстэлэри ылар этим. Билигин чааһынай дьоҥҥо үлэлиибин.

“Аты кытта биир организм буолаҕын…”

– Жокей идэтигэр саамай сүрүнэ тугуй?

– Сүрүнэ – ыйааһыҥҥын тутуоххун наада. Быраабыла быһыытынан, 57-60 киилэттэн таһаарыа да, түһэриэ да суохтааххын. 60 киилэттэн таһаардыҥ да, күрэхтэһиигэ кэнники тэбиллэн иһэҕин. Онон олоҕуҥ тухары диетаны тутуһаҕын, спортсмен быһыытынан сүүрэн, эрчиллэн, ыйаа­һыҥҥын түһэрэҕин, биир тэҥҥэ тутаҕын. Аны ыйааһыннара тиийбэт дьон таҥастарыгар, аттарыгар эбии ыйааһын уктан киирээччилэр.

Иккиһинэн, муус доруобай буолуохтааххын, мэйииҥ түргэнник үлэлиэхтээх, атах, сис олох үчүгэй буолуохтаах. Сүүрдэн иһэн, математик курдук, барытын суоттуу, учуоттуу иһэҕин, кыл түгэнигэр бы­­һаарыныы ылына охсоҕун. Биир сөкүүндэ хойутаатыҥ да, көннөрүллүбэт улахан алҕас буолан тахсыан сөп.

Аккын, бэйэҕин өтө көрөн, билэн иһиэхтээххин. Аты кытта биир организм курдук буолан хаалаҕын. Атыҥ тыынарын, былчыҥнара хайдах үлэлииллэрин, тугу саныырын кытта билэн иһэҕин. Аһара быстан хааллаҕына, тыын биэрэ түһэҕин.

Манна ат майгытыттан улахан тутулуктаах. Сорох ат атыттары кытта тэҥҥэ барсан иһэн, кэнники күүскэ эбэрин сөбүлүүр. Сорох куттуур, күнүүлүүр. Киһи курдук, майгылара эмиэ араас буолар. Ким эрэ элэккэй, ким эрэ өһөс, кытаанах майгытын көрдөрө сатыыр.

Сарсыарда хайдах настарыанньалаах турбута эмиэ быһаарар. Ханнык баҕарар спортсмены курдук, күрэхтэһии иннинэ аккын эмиэ “настройкалыыгын”. Сырсаары гыммыт­тарын билэллэр, уйуһуйан бараллар. Сорох ат ньиэр­­бинэйдээбитин уоскутаҕын, киһилии кэпсэтэҕин. Сылгы диэн киһи курдук өйдөөх, саҥарбат эрэ буруй­даах.

Күннээҕи эрэсиим, дьиссипилиинэ, эрчиллии

– Аны аты баайыыга киириэххэ. Бу мээнэ киһи сатаабат, элбэх ымпыктаах-чымпыктаах идэ буолар.

– Ити улахан күрэхтэһии­лэргэ кыттар сүүрүүк аттар бары соҕурууттан аҕалыллан, кыстаабыт, ыраас хааннаах сылгылар буолаллар. 2 сааһыгар айааһанар. Манна араас барыта буолар, сорох бастааҥ­ҥыттан хамсаабат, сорох өрө мөҕөр. Ону бэйэҥ айааһыыгын.

Чааһынайга үлэлиир буоллаххына, барытын бэйэҥ оҥороҕун: аһын-үөлүн, менютун, эрэсиимин, эрчиллиитин, көрүүтүн-истиитин.

Сарсыарда уонна киэһэ аһыыллар. Эбиэһи, мюслины, дьаабылаканы, моркуобу, күөх оту, үчүгэй бурдугу, битэмииннэри сииллэр. Туохха харчы тиийэринэн, көрөн аһатаҕын. Сороҕор бэйэҕинээҕэр үчүгэйдик аһыыллар ээ. Күн аайы сууйаҕын-сотоҕун, элбэхтик сиэллэрин-кутуруктарын тарыыгын. Хаамтаран, сүүрдэн ылаҕын, эрчийэҕин.

– Оччотугар, күннээҕи эрэсиимҥит хайдах буоларый?

– Сарсыарда 4 чаастан үлэ күнэ саҕаланар. 7-8 чааска бүтэбит. Күнүс иллэҥси­йэҕин, манна утуйуоххун да, бэйэҥ эрчиллиэххин да сөп. Күнүс 4 чаастан эмиэ аһатыы, көрүү-харайыы буолар. Киэһэ 6-7 чаас саҕана бүтэҕин, уугун ханаары эрдэ утуйа сатыыгын. Аны өрөбүлэ суох үлэ. Аттар аһыылларыгар өрөөбөттөр ээ. Хаһан эрэ солбуйсан, өрөөн ылыаххын сөп. Тэрилтэҕэ үлэлиир жокейдар уоппускалаахтар.

– Оттон тоҕо наһаа эрдэ тураҕытый?

– Сайын эрдэ баҕайы халлаан итийэн хаалар, ону сөрүүҥҥэ үлэлии сатыыбыт. Аттарга оннук ордук. Оннук эрэсиимҥэ үөрэнэн хаалаллар. Кыһын 6-7 чаастан саҕалыыбыт. Сайын үлэлии баран истэххэ, дьон түүҥҥү кулууптарга күүлэйдээн, саҥа дьиэлээн иһэр буолааччылар.

– Үлэҕин сөбүлүүр буолан, араас уустуктары тулуйар буоллаҕыҥ?

– Сөбүлээн буоллаҕа. Сөбүлээбэтим буоллар, маннык сылдьыбатым эрэбил. Үйэм тухары үлэлээн, атыны сатаабат да курдукпун. Билигин эдэр жокей диэн суоҕун кэриэтэ. Ыччаттар бу идэни талбаттар. Киһи эрэ барыта тулуйбата буолуо. Биһиги үөрэнэн хаалбыппыт, буолуохтааҕын курдук.

Йортен кыайыа дии санаабатахтар этэ…

– Улахан сүүрдүүгэ хаһааҥҥыттан саҕалаан, бэлэмнээн бараҕытый?

– Сылы эргиччи буоллаҕа. Улахан күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн сынньата түһэҕин. Күһүөрү эмиэ сүүрдүүлэр буолаллар. Ол кэнниттэн эмиэ сынньатан баран, эрчиллии салҕанар. Кыһын ипподромҥа хаамтарыыттан саҕалаан, эрчиллэллэр. Түһүмэхтэрдээх былаан оҥостоҕун – кыраттан саҕалаан, күүрээннээх күрэхтэһиилэргэ тиийэ. Төгүрүк сыл төһө бэлэмнэммитиҥ сүүрүүгэ ырылыччы көстөн тахсар. Ханнык баҕарар тириэньэр бэйэтэ кистэлэҥнэрдээх, туспа ньымалардаах буолар.

– Дьэ, быйылгы сүүрдүүгэ хайдах бэлэмнэммиккитий?

– Ил Дархан бирииһигэр 10 ат сүүрэр. Былырыыҥҥы кыа­йыылаахха 1 миэстэ ууруллар. Хаалбыт 9 миэстэҕэ киирсээри 23-24 ат рейтинговай сүүрүүгэ күрэхтэһэр. Бу 10 аттан түөрдэ бириистээх миэстэлэргэ тиксэр.

Биһиги сыл аайы киирсэбит. Быйыл “син барсыыһыбыт” дии санаабытым. Бэлэммит үчүгэй этэ. Саҥа кэлбит аттар күүстээхтэр этэ, онтон сэрэхэчийбитим. Күрэстэһээччилэргин билэр буоллаҕыҥ, ким хайдах-­туох бэлэмнээҕин үөрэтэ сылдьаҕын.

Улахан сүүрдүү хаһан баҕарар өрө күүрээннээх, үгүс толкуйу, кытаанах ньиэрбэни эрэйэр. Эрдэттэн тактика оҥороҕун.

Сүүрдэн иһэн, дьэ, ухханыҥ уһуктар. Атыҥ эмиэ кыа­йыан баҕарар, туох баар күүһүн түмэн сүүрэр. Ол иһэн, аттар иһэр балаһыанньаларын хонтуруоллаан, тактикаҕын үлэлэтэн, наада буоллаҕына, уларытан, толкуйдуу иһэҕин.

2400 миэтэрэҕэ ипподромҥа балтараа эргиир буолар. Мин төрдүс испитим, эптэр эбэн, үһүс, төрдүс эргийэ салайыыга бастакы буолбутум. Били сэрэхэчийбит саҥа кэлбит аттарым кэнники хаалбыттара.

– Ол иһэн, дьэ, тугу саныыгын?

– Оттон кыайбыт киһи диэн буоллаҕа. Түргэтээбит тэтимин түһэрбэккэ, биэтэккэ диэри атым тулуйдар, ким эрэ ситэн кэлбэтэр диэн санаалар элэҥнииллэр. Бүтүннүү күүрэн, тугу барытын умнан, кыайыыга эрэ дьулуһан иһэҕин… Ат кыаҕа уонна киһи толкуйа, дьулуура түмүллэн, кыайыыга аҕалаллар дии саныыбын.

– Дьэ, онтон кыайыы өрөгөйө…

– Ити үлүгэр күүрүү кэннэ, кыайбыппын өр баҕайы итэҕэйбэтэҕим. Тоҕо эрэ дьон эҕэрдэлээ да эҕэрдэлээ буолаллар. Киэһэ хойут биирдэ “кыайбыппын!” диэн толору өйдөбүл, итэҕэйии, үрдүк үөрүү, дьоллонуу иэйиитэ киирбитэ…

Түмүккэ

Чахчыта, Константин 30-тан тахса сыл устата өрөбүлэ, уоппуската суох, сөбүлүүр идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээн, этэргэ дылы, хара көлөһүнүн тоҕон, уопутун байытан, сатабылын сайыннаран, үрдүк кыайыыны ситистэҕэ.

Ил Дархан бирииһигэр XX үбүлүөйдээх ат сүүрдүүтүгэр Дьокуускайтан Йортен диэн сүүрүүк ат 2400 миэтэрэни 2 мүнүүтэ 47 сөкүүндэ 65 суотай бириэмэҕэ сүүрэн, кыайыы­лаах аатын ылан, тириэньэр-жокей Константин Иванов 2,5 мөлү­йүөн солкуобайынан наҕа­раадаламмыта. Үгүстэр Йортен кыайыытын “соһуччу сенсация” диэн ааттаабыттара.

+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: