Сэтинньи 29 – ахсынньы 5 күннэригэр Дьокуускайга “Питание и биотехнологии для здоровьесбережения населения Арктической зоны РФ” диэн VIII билим-практическай кэмпириэнсийэ буола турар.
Бу аата да этэрин курдук аһыыр аспытын билим хараҕынан көрүү, чинчийии, үөрэтии бара турар. Кэмпириэнсийэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар, Арассыыйа билимин академията 300 сылыгар, РНА СС Саха сиринээҕи билим киинэ тэриллибитэ 75 сылыгар итиэннэ СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, биологическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр Алексей Абрамов кэриэһигэр ананар.
Онон кэмпириэнсийэ бырагыраамата киэҥ: диетологтар, нутрициологтар, ас-үөл индустриятын исписэлиистэрин оскуолата үлэлиэ; Арассыыйаттан аһылыкка, биотехнологияларга, ас куттала суох буолуутугар федеральнай чинчийэр киин сүрүннүүр исписэлиистэрэ кэлэн, битэмииннэр, минераллар тустарынан, бу эйгэҕэ цифровизацияны киллэрии туһунан кэпсиэхтэрэ. Холобур, Башкортостантан Лилиана Даутова ийэ үүтэ туһалааҕын чинчийэр, кини Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн, Бүлүү улуустарыгар 36 чаастаах сүбэлиир-амалыыр сэминээри ыытыаҕа.
Константин Степанов, АГАТУ-га ас-үөл технологиятын, индустриятын кафедратын бэрэпиэссэрэ, нутригеномика билим хайысхатын салайааччыта:
-Учууталбыт, настаабынньыкпыт Алексей Федорович Абрамов аһылык химическэй састаабын үөрэтиигэ элбэх үлэни ыыппыта, биохимическэй лабаратыарыйаны салайбыта. Ол үлэтин түмүктэринэн “Химический состав пищевых продуктов, применяемых в Республике Саха (Якутия)” диэн электроннай ыйынньыгы таһаардыбыт. Манна Саха сирин аһылыга, сүөһүтүн, балыгын, астарын химическэй састааптара барыта киирдилэр. Ону таһынан тастан аҕалыллар астар састааптара эмиэ киирдэ. Онон сүрдээх туһалаах ыйынньык таҕыста.
Сарсын Горнай улууһугар иккис этнографическай оскуола үлэлиэ, кыһыҥҥы аһылык туһунан кэпсиэхпит. Оскуола буолан лиэксийэ эрэ аахпаппыт, астаан көрдөрөбүт, быһаарабыт. Кыһыҥҥы аһылык диэн бу биһиги, Хоту олорор дьон, тымныыны тулуйан, онно сөп түбэһэн олорорбутун хааччыйар аһылык. Биһиэхэ норматив быһыытынан тымныыга сөп түбэһэргэ физиологическай нуорма 15 бырыһыан улаатыахтаах, холобур онно сыаны сиэһин киирэрэ. Ити урукку көрүү билигин уларыйбыт буолуон сөп, онон ити хайысханы эмиэ саҥаттан көрөр, үөрэтэр наада. Тымныыны тулуйарга, биллэн турар, бэйэбит эттээх мииммит, сылаас аһылыкпыт, балыкпыт, идэһэбит, буотарахпыт, дойдубут аһа көмөлөһөр.
Кэлии аһы кытта бэйэбит сүөһүбүт, сылгыбыт этин тэҥнээн көрөбүт. Онно эти тэҥнээн көрдөххө, биһиги алаастарбыт отторо иҥэмтэлээх буолан, химическэй битэмиинин, минералларын састааба ордук баай, ол иһин эппит амтана уратылаах.
Маҕаһыыҥҥа, дьиҥэр киһи сииригэр көҥүллээх ас турар буолан баран, биһиэхэ барсыбат аһылыктар тураллар. Биһиги организммыт олортон соһуйар, оттон оҕолорбут олору күннэтэ сиэтэхтэринэ, охсуулаах буолуон сөп. Билим киинин иһинэн эдэрдэр нутригеномика билим-чинчийэр лабаратыарыйата тэриллэн, үһүс сылын үлэлиир. Мин манна билим хайысхатын салайабын, аһыыр аспытын нутригеномика өттүнэн чинчийэбит, ол аата аһылык генетикатын үөрэтэбит. Араас прибордарга киһи этин састаабын генетическэй өттүнэн көрөбүт – бу уойар чинчилээх эбэтэр сыыһа аһыыртан араас ыарыыга ылларыахтарын сөптөөх дьону эрдэттэн сэрэтиигэ наадалаах”.
Байыаннай дьайыыга сылдьар биһиги байыастарбыт өйөбүлгэ, көмөҕө улаханнык наадыйаллар. Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын…
Нам Хатырыгар олорор Сэмэн Попов биһиги олохпут укулаатыгар балачча киирэн эрэр дьарыгынан – мүөттүүр ыҥырыаны…
Ыраах хоту дойду олохтоохторо кэрэни кэрэхсииллэр. Бэҕэһээ Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр “Оҕо искусствотын оскуолатын” художественнай…
«Движение первых» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын "Баҕа санаа харыйата" диэн аһымал аахсыйаны биллэрэр. Аахсыйаны Ыччат федеральнай…
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, сарсыарда 11:19 ч. баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа Ленскэйтэн Мииринэйдиир суолга самосвал умайбытын туһунан…
Сэтинньи 22-24 күннэригэр Москва куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин 65 сыллаах үбүлүөйдээх сүлүөттэрэ буолан ааста.…