Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр «Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» диэн РФ Конституциятын күнүгэр анаммыт тэрээһин буолла. Киирии тылыгар Саха сиринээҕи киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна бүгүн икки кинигэ биһирэмэ буоларын эттэ.
Ол курдук, «30 лет избирательной системы современной России и Якутии» кинигэ туһунан Эльвира Мярикянова билиһиннэрдэ.Кини бу кинигэни кылгас ыйынньык курдук туттуохха сөбүн, кинигэҕэ 1994 сылтан аныгы кэмҥэ диэри иһитиннэриилэр киирбиттэрин бэлиэтээтэ. 35 сирдээҕи-уоттааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар үлэлэрэ сырдатыллыбытынан уратылаах эбит. Онон үлэлээн ааспыт дьон ахтыылара түмүллүбүт. Билигин сэттис састаап үлэлииринэн, ааспыт устуоруйа сырдатыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Быыбардыыр систиэмэ аһаҕас буоларыгар кинигэ төһүү буоларын аҕынна.
Иккис кинигэ— «30 лет Государственной автоматизированной системе РФ «Выборы» в республике Саха (Якутия). История в лицах» кинигэ туһунан Саргылана Варламова билиһиннэрдэ. Саргылана Тихоновна бу тиһиккэ үлэлээбит дьон интэриэһинэй ахтыыларын билиһиннэрбитин кэрэхсээн иһиттилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ улуустарын бэтэрээннэрин ахтыыларыттан үгүһү билиэххэ сөп. Холобура, Дьокуускай куорат 714 нүөмэрдээх учаастагар Анатолий Михайлович Шарин аата иҥэриллибит. Быыбардыыр хампаанньалар кэмнэригэр учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа Анатолий Михайлович үлэтигэр анаммыт истиэндэни оҥороллорун быыбардааччылар кэрэхсээн көрбүттэр.
Биллэрин курдук, А.Шарин СӨ ЦИК Иһитиннэрэр киинин салайааччыта этэ. Бу кинигэни бэчээттээн таһаарыы көҕүлээччитинэн системнай администратора Максим Оконешников буолар. «Выборы» ГАС туһунан кинигэҕэ докумуоннарга уонна чахчыларга олоҕуран бу тиһик сайдыытын, атаҕар туруутун устулруйата суруллубут. Системник үлэһиттэр олус үлэһит дьон буолан, өрөспүүбүлүкэ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын сүрүн тирэҕинэн буолбуттар. Билигин бу кэлэктииби Михаил Неймохов салайан, Иһитиннэрэр киин үлэтин өссө таһаарыылаах оҥорор эбит.
Эльвира Мярикянова бэлиэтээбитинэн, хас биирдии киһи, тэрилтэ устуоруйата — биһиги устуоруйабыт сорҕото. Онон бу баай ис хоһоонноох кинигэлэри ааҕыҥ, быыбар үлэтэ судургута суох, үрдүк эппиэтинэстээх үлэ буоларын билиҥ.
Кинигэлэри ырытыы, ааспыт кэмнэри ахтыы олус сэргэхтик ааста.
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…