Владимир Путин 2023 сыл муус устар 3 күнүгэр илии баттаабыт 232 №-дээх Ыйааҕынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда тэриллэн, бэс ыйын 1 күнүттэн ыла үлэлээн эрэр. Бу пуонда филиаллара бары улуустарга үлэлии тураллар.
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Өлүөхүмэтээҕи филиала үлэлээбитэ ый буолла. Ол иһигэр тута 40-тан тахса көрдөһүү сурук киирбит. Ити хайысхатынан үлэлэрин таһынан филиал үлэһиттэрэ өссө төлөпүөнүнэн сүбэлэри, кэпсэтиилэри, sms-тарга хоруйдары, араас тэрилтэлэргэ ыйытыктары, суруктары ыытыыны, олорор дьиэлэргэ бара сылдьыыны уо.д.а. таһынан араас өрүттээх элбэх үлэни толоро сылдьаллар. Координатор үлэтэ – байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин уонна өлбүт буойун дьиэ кэргэттэрин кытта үлэни “биир түннүк” ньыматынан тэрийэн үлэлээһин, быһаарыылары ылыныыга, үлэ көрүҥүн чопчулааһыҥҥа сөптөөх маршруту оҥоруу диэн кэпсиир координатор Зоя Жданова.
— Наадалаах киһи биһиэхэ кэлэрин күүтэн олорбоккобут, биһиги байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэригэр, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, өлбүт буойун дьонугар бэйэбит тиийэн, туох көмө, өйөбүл наадатын быһаарсабыт. Хас биирдии киһи кыһалҕата араас буолар. Онон элбэх тэрилтэлэри кытта кэпсэтэбит, ыйытыктары ыытабыт. Бу биир ыйга киирбит 40 сайабылыанньа үгүс өттө байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын социальнай өйөбүлүгэр, федеральнай киинтэн уонна эрэгийиэнтэн төлөбүргэ, мэдиссиинэ көмөтүгэр уонна доруобуйа туругун чөлгө түһэриигэ сыһыаннаах. Бойобуой дьайыы кыттыылааҕын статуһун ылыыга, үлэнэн хааччыллыыга, олох-дьаһах боппуруостарын быһаарыыга, докумуоннары толорууга уо.д.а. көмөлөһөбүт.
Саха сирэ кинилэргэ өйөбүл 19 көрүҥүн олохтообута, ону таһынан федеральнай өйөбүллэр бааллар. Олору киһи барыта билэр буолбатах – оннук түгэҥҥэ биһиги көмөбүт эрэйиллэр. Билигин бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин оҕолорун сайыҥҥы лааҕырга киллэрэн сынньатыы, бэйэлэрин санаторийга эмтэниигэ ыытыы курдук боппуруостар быһаарыллыбыттара уонна быһаарылла тураллар. Ону сэргэ буойуттар оҕолоро үрдүк уонна орто үөрэххэ босхо киириилэригэр көмө оҥоһуллар.
Биһиги социальнай көмүскэл, үөрэх управлениеларын исписэлиистэрин, дьарыктаах буолуу киинин, байыҥкамааты, элбэх үлэни толорор киини, социальнай пуонданы, психологтары кытта бииргэ ыкса сибээстээхтик үлэлиибит.
Сокуон быһыытынан бойобуой дьайыы кыттыылааҕар урукку үлэтин миэстэтэ баар буолуохтаах. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа уонна кини дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ наадалаах идэлэргэ үөрэниилэрэ эбэтэр идэлэрин уларытыыга өйөбүлүнэн туһаналлар. Маннык үлэһиттэри үлэҕэ ылбыт тэрилтэ федеральнай бүддьүөттэн субсидия ылыахтаахтар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ үлэтэ суохтарынан билиниллэннэр, федеральнай бүддьүөт субвенциятыттан харчынан өйөбүл ылаллар.
Ил Дархан Айсен Николаев бу күннэргэ пуонда Дьокуускайдааҕы филиалыгар сылдьан, координатордар байыаннай дьайыы буола турар сиригэр командировкаҕа сылдьыахтарын сөбүн туһунан иһитиннэрбитэ. Пуонда үлэһиттэрэ онно миэстэтигэр тиийэннэр буойуттар хайдах усулуобуйаҕа сулууспалыылларын, туох боппуруостар быһаарыллаллара наадатын билсиэхтээхтэр. Тус бэйэм онно барарга бэлэммин.
Бу үлэбэр волонтерунан үлэлээбит уопутум улаханнык көмөлөһөр, дьону кытта сатаан кэпсэтэргэ үөрэнним. Бэйэм уолум байыаннай эпэрэссийэ буола турар сиригэр сылдьар буолан, барытын чугастык ылынабын, иһиттэн билэбин. Психологтары кытта биһиги бииргэ прием оҥорорбут буоллар, ордук буолуо этэ. Онуоха наадыйыы баар, сороҕор дьон көннөрү да кэпсэтиини, истиҥ сыһыаны ордук күүскэ эрэйэллэр.
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…