Коптеры көтүтэн көрүлүүллэр…

Share

Моонньоҕон ыраастыы олордохпуна, арай үрдүбэр туох эрэ дыыгыныыр. Онтум олбуорум үрдүнэн олох аллараанан коптер көтө сылдьар. Маннык балаһыанньаҕа үгүс дьон түбэспит буолуохтаах. Сайдыы хардыытын кытта чааһынай дьон олоҕор орооһуу элбиир. Төлөпүөҥҥэ уста сатаан баран аны коптерынан эрэ маныыллара хаалбыт диэн үгүс дьон айманар. Чааһынай олбуорбар миигин  коптерынан устар бырааптаахтар дуо?

Коптер, дрон туох уратылаахтарый?

Коптер уонна дрон төһө даҕаны тас көрүҥнэринэн, туттуллар ньымаларынан майгыннаһар буолбуттарын иһин, кинилэр син биир ураты­лаахтар.  Дрон – диэн лүөччүгэ суох көтөр бары тэриллэр уопсай ааттара буолар. Уу аннынан, халлаанынан уонна сир устун айанныыр тэриллэр бааллар. Оттон квадрокоптер, кыччатыллан коптер дэммит тэрил көтөр эрэ кыахтаах. Түөрт муннук эргийэр кынаттарыгар уйдаран салгыҥҥа ханнык баҕарар хайысханан көтүөн сөп. Билигин коптер, (уопсай аата дрон) удамыр сыанаҕа хамаҕатык атыыланар. Ол түмүгэр үгүс дьон оҕолоругар оонньуур быһыытынан атыылаһаллар. Оттон сорохтор төрүт да туора дьон олоҕор көҥүлэ суох орооһон, олбуорга эбэтэр кыбартыыра иһигэр ким тугу гына сылдьарын устуулара үгүстүк бэлиэтэнэр буолла.

Коптердары Росавиацияҕа регистрациялыыллар

Ыстараап төһөнүй?

Коптерынан көтүтэ сылдьан улахан маассабай тэрээһиннэри видеоҕа устар, хаартыскаҕа түһэрэр абыраллаах тэрил. 2019 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүттэн көтөр тэриллэр судаарыстыбаннай дааннайдар баазаларыгар регистрацияны ааһыахтаахтарын туһунан 658 №-дээх  уураах тахсыбыта. Регистрацияны  250 г –
30 кг тиийэ ыйааһыннаах аппарааттар хайаан да ааһыахтаахтар. Маны сэргэ, коптеры бас билэччи бу тиэхиньикэтин туох соруктаах туттарын ыйыахтаах. РФ Административнай быраабы кэһии кодексатынан икки ыстатыйа көрүллэр. 11.5 ыст. регистрацияны ааспатах коптеры салгыҥҥа, чуолаан ыал олбуорун үрдүнэн көтүтүү иһин ыстарааптаныахха сөп. Иккис ыстатыйанан 11.4 – быраабыланы кэһээччи сөбүлэҥ түһэрсибэккэ көтүтүүтүн иһин ыстарааптаныан сөп. Физическэй сирэйгэ ыстараап суумата 2-2,5 тыһ.солк. тэҥнэһэр. Бу сыл кулун тутар 1 күнүттэн РФ Бырабыыталыстыбатын уураа­ҕынан уларыйыылар киирбиттэрэ. Ол курдук, урукку өттүгэр 250 г ыйааһыннаах тэрили регистрациялыыр эбит буол­лахтарына, билигин 150 г үөһэ ыйааһыннаах тэриллэр булгуччу регистрацияны ааһыахтаахтар.  Мантан чэпчэки ыйааһыннаах тэриллэр регистрацияны ааһымыахтарын сөп.

Олбуор үрдүнэн көтөр коптеры алдьатыахха сөп дуо?

Атын киһи бас билиитин, ол эбэтэр коптерын ол­­буор үрдүнэн көтө сылдьарын ытар, алдьатар көҥүллэммэт.  Бастатан туран, бу ким тэрилэ буолара биллибэт. Билигин маннык тэриллэри сири кээмэйдииргэ эмиэ тутталлар. Иккиһинэн, өскөтүн, алдьатар түгэҥҥитигэр, атын киһи баайын-дуолун соруйан алдьатыы диэн сыаналаныан сөп. Регистрацияны ааспыт тэрили GPS нөҥүө судургутук булуохтарын сөп.

Өскөтүн, олбуоргут үрдүнэн олус чугаһынан коптер уста сылдьарын көрдөххүтүнэ, видеоҕа устан дакаастабыл быһыытынан оҥостуоххутун сөп. Полицияҕа үҥсүү түһэрэргэ бу дакаастабыл көмө буолар. Чааһынай киһи олоҕор орооһуу иһин холуо­бунай дьыалаҕа эриллиэххэ сөп. Регистрацияны ааспатах коптер иһин ыста­раап баар. Ол курдук, 200 тыһ. солк. суумаҕа диэри ыстарааптаныахха эбэтэр икки сыл­лаах болдьоххо хаайыллыахха сөп. Ону сэргэ ыал дьиэ­тин, кыбартыыратын түннүгүнэн, эбэтэр чугастан көтүтэн устуу бобуллар. Ханнык да түгэҥҥэ киһи бэйэтин быраабын сокуон хараҕынан көмүскүүр кыахтааҕын умнумаҥ.

Маннык тэриллэр олохтоох дьаһалта көҥүлэ суох нэһилиэк үрдүнэн, буолаары буолан, чааһынай дьон олбуорун үрдүнэн көтүө суохтаахтар.

Петр Трофимович, Дьокуускай олохтооҕо:

– Мин ити тиэхиньикэлэри улаханнык сэҥээрбэппин. Тыа сиригэр сүөһүнү эҥин көрдүүргэ туһалааҕа буолуо да, ону эмиэ сатаан туттар киһи туттара буолуо. Итинник тэриллэри оҕо оонньуута оҥостор сыыһа дии саныыбын. Чааһынай ыал олбуорун үрдүнэн устуу букатын сиэргэ баппат быһыы буоллаҕа. Тус бэйэм оннукка түбэһэ иликпин.

Наталия Романовна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх олохтооҕо:

– Билигин араас тэрил барыта баар. Олбуорум да үрдүнэн көппүт буоллаҕына көҥүлэ, мин ону хантан билиэмий. Итини олохтоох дьаһалта дьаһайыахтаах, миэрэ, бобуу-хааччах оҥоруохтаах. Тус бэйэм итинник тэриллэри көҥүл көтүтэри утарабын.

Хайдах накаастыахха сөбүй?

Чааһынай олоххо орооһуу

Өскөтүн, ыаллыы олорор киһиҥ  коптеры көтүтэн эн олбуор­гун устан социальнай ситимҥэ тарҕаппыт буоллаҕына, онуоха хаартыскаҕа, видеоҕа хаһаайыттар сирэйдэрэ чуол­кайдык көстөр буоллаҕына, олбуордаах хаһаайын үҥсүһэр быраап­таах. Бастатан туран, коптер хаһаайына бу тэрили туһаныы федеральнай быраабылатын тутуһуохтаах. Бу син биир суоппар суол быраабылатын тутуһарыгар тэҥнээх. Ол курдук, тыа сиригэр дьон оҕолоругар оонньуу курдук маннык тэрили атыылаһан биэриэхтэрин сөп. Сорохтор коптеры хаһаайыс­тыбаҕа туһанаары, ордук сүөһү-сылгы көрдөөһүнүгэр туһанаары эмиэ атыылаһаллар. Ол эрээри маннык тэриллэр олохтоох дьаһалта көҥүлэ суох нэһилиэк үрдүнэн, буолаары буолан, чааһынай дьон олбуорун үрдүнэн көтүө суохтаахтар. Ыал олбуоругар бырааһынньыгы, тэрээһини устан тарҕатыы сокуо­нунан көҥүллэммэт. Бу уопсастыбаннай тэрээһин буолбатах, онон көҥүлэ суох устуу бобуллар. Үгүс эрэгийиэннэргэ олохтоох дьаһалталар маннык тэриллэр көтүүлэрин боппуттар. Кыбартыыра, даача түннүгүнэн устууга эмиэ сыһыаннаах.

Тугу гыныахха?

Коптердары Росавиацияҕа регистрациялыыллар. Судургутук Госуслуги саайт нөҥүө тус кэбиниэккэ киирэн эмиэ регистрацияны ааһыахха сөп. Бу кэнниттэн коптерга нүөмэр бэриллэр. Нүөмэри көтөр тэрилгэ сыһыарыллар.

Өскөтүн, чааһынай олбуоргун, күннээҕи олоххун өрүү устар, маныыр буоллахтарына, бу тэрилтэҕэ тиийэн коптер регистрациялааҕын, суоҕун бэрэбиэркэлиэххэ сөп. Арай тэрилтэ коптер хаһаайыныгар ыстараап олохтооботоҕуна, тус олоххо орооһуу иһин полицияҕа сайабылыанньа  суруйуохха сөп. Ол эрээри хаһан даҕаны көтө сылдьар коптеры саанан ытан, охсон суулларар туһунан толкуйдаамаҥ. Суолга быраабыланы кэһии таҕыс­таҕына, массыынаны саанан ытар бобуулааҕын курдук, көтө сылдьар тиэхиньикэни алдьатар сокуонунан бобуллар.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
1
+1
1
+1
0
+1
5
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

25 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 часов ago