Кореяҕа хабыалыыр «хаамыска»

Share

Саҥа дьыл бырааһынныктарыгар куйаар ситимигэр аатырбыт «Игра в кальмара» сериал иккис сезона таҕыста.

Саха сирин олохтоохторо сериал дьоруойдара былыргы сахалыы «хаамыска» остуол оонньуутун санатар «Конги-кори (конги)» оонньууну көрөн бэлиэтээтилэр. Быраабылата кытта биир тэҥ — бу оонньууга биэс хаамыскаттан биирин үөһэ быраҕан атыттары ытыска мунньаллар. 

Биһиги сахалыы оонньууларбыт хабылык, хаамыска түҥ былыргы оонньуу буоларын дакаастабыла олоҥхоҕо ахтыллыбыта буолар. П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотугар бухатыыр кыыс аҥардас күүһэ-уоҕа буолбакка, кини кыра эрдэҕиттэн сытыыта-хотуута «хабылыктыы оонньоотоҕуна хапсаҕайа биллэрэ» диэн этиллибитэ баар. Үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, оонньууларбыт сүппэккэ, симэлийбэккэ, улуус аайы ураты албастар туттуллан, норуот биир саамай таптыыр оонньуута буолан тарҕаммыта оруннаах.

Сахалыы остуол оонньуулара 1992 сылтан успуорт көрүҥүн быһыытынан билиниллибиттэрэ. 90-с сыллар саҥаларыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи Федерация үлэлээн барбыта. Кэлиҥҥи сылларга Успуорт төрүт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ хабылык, хаамыска улуустарга тарҕаналларыгар киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Ордук күүстээх үлэ 2012 сыллаахтан ыытыллар. Хабылык уонна хаамыска омос көрдөххө, бэрт судургу оонньуу курдуктар да, араас ымпыга-чымпыга элбэх. Оонньуу бириэмэнэн хааччахтанар.

Бу иннинэ  биллэр ыытааччылар Павел Воля уонна кини кэргэнэ Ляйсан Утяшева федеральнай ТНТ ханаалыгар саха оонньуутун – хаамысканы оонньоппуттара.

Санатар буоллахха, истиэп көс омуктарыгар беш таш, бес тас, шагай, топ таш диэн оонньуулар син биир хаамыска курдук быраабылалаахтар. Биһиэхэ бу оонньуубут «биэс таас» диэн буолбакка, нууччалыы «камушки» диэн ааттанан хаалбыт. 

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Оҕону ытырбыт ыты туттулар

Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун  быраабата телеграмҥа ханаалыгар суруйбутунан, бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, 15:20  чааска 03…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Бүгүн, тохсунньу  8 күнүгэр, Намныыр суол  14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Е” эбилик диэн тугуй?

Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр талааннаах ыалы сэргээтим

Кылтасов Дмитрий Николаевич  төрөппүттэригэр  ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ  удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…

8 часов ago