Коркин турнирыгар 150 тустуук кыттыаҕа

Share

Алтынньы 28-29 күннэригэр Дьокуускайга «Өрөгөй» успуорка бэлэмнэнии киинигэр аатырбыт тириэньэр Дмитрий Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытыллыаҕа. Бастыҥнар ааттарын иһин Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн уонна араас дойдулартан — Арменияттан, Белоруссияттан, Ирантан, Казахстантан, Кубаттан, Кыргызстантан, Македонияттан, Монголияттан, Таджикистантан барыта 150 спортсмен күрэхтэһиэҕэ.

Аан дойду түһүлгэлэрин чаҕылхай тустууктара күрэхтэһиини киэргэтиэхтэрэ. Ол курдук,  Магомедхабиб Кадимагомедов, Заурбек Сидаков,  Исраил Касумов, Разамбек Жамалов, Абасгаджи Магомедов, Загир Шахиев, Шамиль Мамедов, Анзор Закуев,  Евгений Жербаев уо.д.а. Коркин турнирын кыһыл көмүс мэтээлин иһин илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.

Оттон Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар 85 бөҕөс киирдэ. Сүрүн тириэньэр Александр Оконешников күрэхтэһии иннинэ маннык эппитэ:
— Коркин турнирыгар лидердэрбит: бырааттыы Копыловтар, Ньургун Сергин, Никита Хабаров уо.д.а. бары кыттыахтара. Онтон сүрүн киһибит Виктор Рассадины бары билэҕит, Арассыыйа чөмпүйэнээтин кэнниттэн атаҕар эчэйии ылан, тута эпэрээссийэлэнэн, билигин көбүөргэ үлэтин саҥа саҕалаата. Кини сүрүн соруга – тохсунньу ыйга ыытыллар Иван Ярыгин аатынан турнирга ситиһиилээхтик кыттыы буолар. Бэйэбит дьиэбитигэр-уоппутугар ыытыллар күрэхтэһиигэ эдэрдэр эмиэ кыттыахтара. Кинилэр манна туста үөрэниэхтэрин наада. Күрэхтэһии аҕыйаҕынан сибээстээн, хааччахтааһын суох. Ол барыта кинилэргэ туһалаах буолуо дии саныыбын.

Күрэхтэһиигэ билиэттэр csp-sakha.ru саайтка уонна «Өрөгөй» киин каассатыгар атыыланаллар: күрэхтэһиилэр — 500 солкуобай, финаллааҕы күрэхтэһиилэр — 700 солкуобай. 18 сааһыгар диэри оҕолорго киирии — босхо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

16 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

18 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

46 минут ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago