Коронавирустан 125 киһи үтүөрдэ
Коронавирустан кэнники хонукка 125 киһи үтүөрбүт.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, 101 киһи ыалдьыбыт, тоҕус киһи балыыһаҕа киирбит. Ыалдьыбыт дьонтон 55,5% — Дьокуускай куоракка, 44,5% — улуустарга буолара быһаарыллыбыт.
Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн, балыыһаҕа — 12,8% киһи, тастан — 87,2% киһи эмтэнэр.
Өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар кэнники хонукка 1 407 анаалыс, пандемия саҕаланыаҕыттан 2 826 653 тест бэрэбиэркэлэммит.
Коронавируһу утары быһыы бастакы компоненын 726 440 киһи ылбыт, 197 538 киһи ревакцинацияламмыт.
Колл-киин «122» нүөмэригэр 1 395 төлөпүөннээбиттэр. Маны сэргэ, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин «суһал лиинийэтигэр» төлөпүөнүнэн эрийэллэрэ бэлиэтэнэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: