Коронавирустан 25 киһи үтүөрдэ
18.11.2022, 12:45
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа 25 киһи коронавирустан үтүөрдэ диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрэр. Лабораторияларга барыта 1691 анаалыс оҥоһуллубут.
Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэринэн, суукка устата 3 киһи балыыһаҕа киирбит, 52 киһи ыалдьыбыта биллибит. Бу ыалдьыбыт дьон 57,7%-ра Дьокуускайга, 42,3% — улуустарга бааллар эбит.
Сэтинньи 18 күнүнээҕи туругунан, балыыһаҕа ыалдьыбыт дьон 16,6%-на, дьиэлэригэр 83,3%-ра эмтэнэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “ковидтаах” ыарыһахтарга аналлаах 104 куойка баарыттан, 34,6%-на кураанах турар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 697 200 киһи коронавируһу утары быһыыны ылбыт (улахан дьон 97,2%-на). Ревакцинацияны 190 542 киһи ааспыт.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: