Космонавт Олег Артемьев Айсен Николаевка Юрий Гагариҥҥа анаммыт телеграммалары туттарда
Арассыыйа Дьоруойа, космонавт-испытатель Олег Артемьев Ил Дархан Айсен Николаевка Саха сирин олохтоохторуттан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Юрий Гагариҥҥа анаммыт телеграммалары туттарда.
Телеграммалары Дьааҥы уонна Таатта улууһун олохтоохторо суруйан ыыппыттар. Бу историческай докумуоннары Олег Артемьев космоска илдьэ сылдьыбыт.
«1961 сыллаахха Юрий Гагарин космоска тахсан, дьиҥнээх дьоруойунан буолбута. Ийэ сир хас биирдии муннугар, дойду хас биирдии дьиэтигэр бастакы космонавт аата дорҕоонноохтук иһиллибитэ. Саха сирин олохтоохторо эмиэ бу түгэни таах хаалларбатахтара. Бу телеграммаларга Саха сирин кыра дэриэбинэлэрин олохтоохторо Юрий Алексеевиһы ситиһиилээх космоска көтүүтүнэн эҕэрдэлииллэр, кини хорсун быһыытынан сөҕөллөр. Бу билигин Юрий Алексеевичка аан дойду тапталын дакаастыыр. Олег Германовичка бу бэлэҕи биһиэхэ Саха сиригэр аҕалбытын иһин истиҥник махталбын тиэрдэбин! Телеграммалары түмэлгэ биэрэхпит уонна өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт, харыстыахтаахпыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйар.
Космонавт Олег Артемьев Саха сиригэр «Цифровой алмаас» үһүс федеральнай пуорумҥа кыттар. Маны таһынан Арассыыйа Дьоруойа МКС-ка илдьэ сылдьыбыт Кындыкан куукуланы биэрбитэ, успуорт Саха национальнай көрүҥнэрин кытта билистэ уонна СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев туһунан киинэни көрдөрүүгэ сырытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: