Космонавтика уонна авиация түмэлин 50 сылыгар үбүлүөйдээх тэрээһиннэр салҕаналлар

Космонавтика уонна авиация түмэлин 50 сылыгар үбүлүөйдээх тэрээһиннэр салҕаналлар

Ааптар:
21.09.2024, 19:55
Хаартыскаҕа А.Гоголева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бары билэрбит курдук, Уус Алдан улууһун И.Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын иһинэн үлэлиир киэҥ эйгэҕэ биллибит Космонавтика уонна авиация түмэлэ тэриллибитэ быйыл үбүлүөйдээх 50 сылын туолла. Бу бэлиэ кэмҥэ анал бырагыраама ылыллан, үлэ-хамнас ситиһиилээхтик бара турар.

Ол курдук, Дүпсүммүт көстүүлээх кэрэ миэстэтигэр «Космонавтика уонна авиация» искибиэрэ бу сайын ыһыах күнүгэр үөрүүлээхтик арыллыбыта. Манна 2007 сыллаахха аҕалыллыбыт Ми — 2 бөртөлүөт уонна быйыл саҥа тиэллэн кэлбит Ан — 2 самолет, ону таһынан Союз Р-7 ракета макета туруорулуннулар. Бэс ыйын 12 күнүгэр Дүпсүммүт ытык ыһыаҕа космонавтика үбүлүөйдээх сылыгар ананан үрдүк таһымнаахтык ааспыта.


Онтон бу ый 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка Ю.А.Гагарин аатынан култуура киинигэр ытыктыыр энтузиаст учууталбыт РСФСР үөрэхтээһинин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Иван Данилович Жирков аатынан Дүпсүннээҕи космонавтика уонна авиация музейа төрүттэмитэ 50 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт “От села до просторов Вселенной” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахтарбыт, араас сылларга дьарыктаммыт музейбыт кружковецтара, бэтэрээн учууталларбыт, улууспут, нэһилиэкпит салалталара, ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэн кыттыыны ыллылар, санааларын үллэһиннилэр.
Бу күн түмэл кэнники сылларга үлэтин кэпсиир уонна араас сылларга тахсыбыт түмэл туһунан кинигэлэр, буклеттар, ону таһынан биир бастыҥ кружковец Саха сирин авиациятын чинчийээччи В.В.Гоголев моделлара быыстапкаҕа турдулар.
Тэрээһин И.Д.Жирков кружковецтарын кытта үлэтин кэпсиир И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай Киинэ оҥорбут документальнай киинэтин аудиовизуальнай нэһилиэстибэ Национальнай киинин Экспертизаҕа уонна түмүүгэ отделын методиһа Винокурова М.С. кэпсээһининэн саҕаланна.

Дьон-сэргэ олус сэргээбит саҥа тахсыбыт кинигэни С. С. Васильев — Борогонскай аатынан Уус Алдан улууһун киин бибилэтиэкэтин отделын салайааччыта О. Н. Павлова ырытта, сыанабыл биэрдэ. Онтон тыл кинигэбитин редакциялаан таһаарбыт, оскуолабыт киэн туттар выпускнига, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Эдуард Тимофеевич Пономаревка уонна кинигэни таҥан оҥорууга, матырыйаалын мунньууга үлэлэспит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, түмэл сотруднига О. Ф. Протопоповаҕа уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Р. П. Протопоповаҕа бэриллэн, кинигэ тахсыытын туһунан сиһилии кэпсээтилэр, туһааннаах дьоҥно махтал тылларын эттилэр.


Убаастыыр киһибитигэр Э. Т. Пономаревка “Уус Алдан улууһун социальнай — экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэни улуус баһылыгын солбуйааччы А.Д.Сторожев уонна “Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” диэн нэһилиэк үрдүк наҕараадатын Дүпсүн нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы И.И.Федоров үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар, кэлбит ыалдьыттар дохсун ытыс тыастарынан доҕуһуолланна.

Салгыы Дүпсүн оскуолатын дириэктэрэ Н. А. Дорофеева эҕэрдэлээтэ, үбүлүөйдээх тэрээһин таһаарыылаахтык ааһарыгар көмөлөспүт Уус Алдан улууһун баһылыга В. И. Аммосовка, үөрэх управлениетын начальнига М. С. Литвинцевкэ, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, бэтэрээн кружковец Н. С. Копыриҥҥа махтал истиҥ тылларын анаата уонна космонавтика түмэлин бочуоттаах бэпэчиитэллэригэр дастабырыанньалары туттартаата.

Салгыы Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениетын инновационнай — методическай отделын салайааччыта К. Н. Троева,
Саха сирин авиатордарын ааттарыттан «Уопсай Арассыыйатааҕы авиация үлэһиттэрин профсоюзтарын Саха сиринээҕи профсоюзтарын тэриллиитин» бэрэссэдээтэлэ А. Н. Дегтярев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха көрдөрөр — иһитиннэрэр хампаанньатын «Хотугу сулус» телерадиоакадемиятын толорооччу дириэктэрэ, Уус Алдан уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Т. А. Гоголева, түмэли кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэр, урукку экскурсовод Л. Н. Лучко эҕэрдэлээтилэр.
Түмэл төрүттээччитэ И. Д. Жирков туһунан истиҥ ахтыыны, ветеран кружковец, СӨ салгын транспорын туйгуна, авиация бэтэрээнэ Н. С. Копырин оҥордо.

Хаартыскаҕа А.Гоголева түһэриитэ

А. П. уонна И. Д. Жирковтар дьиэ кэргэн оҕолоро С. И. Сторожева уонна Д. И. Жирков дьиэ кэргэттэрэ космонавтика түмэлэ инники сайдыытыгар улахан кылааты киллэрсэллэр. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юные Якутяне» ресурснай киин дириэктэрин солбуйааччыта Д. И. Жирков түмэл үлэтин — хамнаһын инники хайысхалларын туһунан кэпсээтэ уонна бу тэрээһиҥҥэ тус сыаллаах — соруктаах кэлбит норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуулар дирекциятын генеральнай директора М. П. Сивцевкэ тыл биэрдэ. Михаил Петрович соторутааҕыта буолбут «Азия оҕолоро — 2024» оонньууларын арыйбыт факелын Дүпсүннээҕи космонавтика түмэлигэр сыаналаах экспонат буоларыгар бэлэх уунна.
Бэлиэ күммүт долгутуулаах түгэнинэн К. Э. Циолковскай аатынан Арассыыйатааҕы академиятын академига, генерал — майор, байыаннай наука кандидата, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо К. В. Чмаров видео нөҥүө эҕэрдэлээтэ, кини тахсыбыт кинигэни тутан туран, Саха сиригэр маннык улахан Космонавтика түмэлэ баарыттан сөҕөрүн, тэҥҥэ үлэлэһэриттэн киэн туттарын уонна кинигэ туһунан истиҥ санаатын эттэ.
Кинигэ сүрэхтэниитин күндү ыалдьытынан «Полярные авиалинии» компания пресс — сэкирэтээрэ С. Р. Платонов буолла.
Түмүккэ бу сайын ыытыллыбыт космонавтикаҕа анаммыт ытык ыһыах туһунан уһуллубут документальнай киинэ көрдөрүлүннэ. Киинэни Дүпсүн оскуолатын выпускнига, И. С. Жараев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи аудиовизуальнай национальнай киин пуондатын кылаабынай харайааччыта А. В. Пшенникова сүрүннээн салайда, киниэхэ үөрэммит оскуолатын аатыттан махтал тылларын тиэрдэллэр.
Киинэ көстө турдаҕына Дүпсүн оскуолатын учуутала СӨ үөрэҕириитин туйгуна Н. Г. Бочкарева бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар «Дүпсүн сирэ» ырыатын толоруута үрдүк көтөҕүллүүнү үөскэттэ. Сүрэхтэнии үөрүүлээх чааһын оскуолабыт учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Л. П. Бурцева иилээн — саҕалаан ыытта.
Дүпсүн орто оскуолатын коллектива бу тэрээһиҥҥэ эрдэттэн тэринэн оҥостон, кэлбит ыалдьыттары, биир дойдулаахтарын төрөөбүт — үөскээбит сирдэрин быйаҥын күндү астарын: алаастарын минньигэс соболорун, күһүҥҥү булт эмис куһун, сыалаах этин, аатырбыт сүөгэйин, баахылатын, алаадьытын, сир аһын арааһа минньигэс барыанньаларын саха сиэринэн, кэһии оҥостон кэлэн күндүлээтилэр, истиҥник үөртүлэр.
Фуршет кэмигэр «Аһаҕас микрофон» үлэлээтэ. Манна кэлбит үгүс ыалдьыт бэйэтин санаатын үллэһиннэ, кинигэ таһаарбыт үтүөлээх дьоммутугар эҕэрдэ истиҥ тылларын эттилэр, сибэкки дьөрбөтө бэлэх ууннулар. Ол курдук, Дүпсүн орто оскуолатын бэтэрээн учууталлара В. Н. Сыроватская, М. С. Федорова, Т. Д. Сыроватская, оскуолабыт аатын сүгэр И. Н. Жирков аймаҕа
Култуура бэтэрээнэ Л. Е.Слепцова, А. С. Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэ периодическай таһаарыыларга отделын сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Ж. П. Григорьева, СӨ лицей — оскуолатын бэтэрээн преподавателэ, оскуола күүтүүлээх ыалдьыта А. К. Чиряев, өрөсмпүүбүлүкэтээҕи коррекционнай интернат — оскуола преподавателэ А. В. Филиппова, Ю. А. Гагарин аатынан киин дир. Е. П. Винокурова, түмэл урукку экскурсоводтара Е. П. Олесова, С. И. Сивцева, эдэр экскурсоводтар Иван Сивцев, Снежана Бурцева уо. д. а. Дүпсүн орто оскуолата тэрээһини тэҥҥэ ыытыспыт эдэр көлүөнэ биир дойдулаахтарыгар Дьокуускай куорат «Дүпсүн» түмсүүтэ, салайааччы С. Г. Сивцевкэ махталын тиэртэ.

Ити курдук, И. Д. Жирков аатынан Дүпсүннээҕи космонавтика уонна авиация түмэлэ төрүттэммитэ 50 сылыгар аналлаах өссө биир былааннаммыт, историяҕа киирэр тэрээһин «От села до просторов Вселенной» кинигэ сүрэхтэниитэ үөрүү-көтүү аргыстанан, үрдүк таһымнаахтык ааста.

Вера Соловьева,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, бэтэрээн экскурсовод.

Хаартыскаларга А.Гоголева түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: