Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

Share

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр «Союз2.1б» аракыата-носитель «Байконур» космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах, ону тэҥэ куорат 390 сылыгар анаммыт эбии бэлиэлээх көтүөҕэ. Бу туһунан «Роскосмос» госкорпорация иһитиннэрэр.

Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров бу этии Роскосмоска Бүлүү олохтоохторун аатыттан ыытыллыбытын эттэ.

«Роскосмос биһиги көҕүлээһиммитин өйөөбүтүттэн үөрэбит. Маннык этиилэр атын куораттартан эмиэ киирбиттэрэ, ону куонкурус түмүгүнэн Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ уруһуйдаммыт ракета ыытыллара быһаарыллыбыта«,— диэтэ кини.
Сергей Винокуров «Роскосмос» госкорпорация тэрилтэ уонна Бүлүү оройуонун икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһиинэн үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, I Күүлэт уонна Үгүлээт нэһилиэктэригэр саҥа оскуолалар тутуллубуттара. Онно «Тыа сирин сирдэрин-уоттарын кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа Роскосмос муниципалитет аатыттан кыттыгас үбүлээбитэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

4 часа ago