Костас Марсан «Детектор» уус-уран киинэтэ Саха сиригэр бастакынан көстүөҕэ

Share

Олунньу 23 күнүттэн Дьокуускайга киинэ тыйаатырдарыгар Горькай аатынан киностудияҕа оҥоһуллан тахсыбыт “Детектор” диэн ааттаах уус-уран киинэ тахсыаҕа.

Арассыыйаҕа бу киинэ быракаата кулун тутар 2 күнүттэн саҕаланар. Киинэ сүрэхтэниитэ Саха сириттэн саҕаланарын биир сүрүн сылтаҕа – киинэ режиссерунан Костас Марсан үлэлээбитэ буолар. Костас “Сайсары күөлгэ…” (2016), «Иччи» (2020) киинэлэри устубут режиссер быһыытынан маннааҕы көрөөччүлэргэ биллэр.

Бу Саха сириттэн улахан киинэ студиятыгар режиссер быһыытынан ыҥырыллан үлэлээһин бастакы холобура. Эрдэ Саха сиригэр оҥоһуллар киинэни Арассыыйа продюсерскай кииннэрэ үбүлээбиттэрэ, Саха сириттэн төрүттээх режиссер бэйэтин бырайыагын Москва продюсердарын кытта олоххо киллэрбитэ, ол эрээри Арассыыйаҕа оҥоһуллар бырайыакка режиссерунан ыҥырыллан үлэлээһин өссө суох этэ. Костас Марсан бу бырайыакка хайдах кыттыбытын маннык быһаарар:

-Бырайыагы саҕалаабыт дьон мин детектив уонна триллер жанрыгар уһулбут “Сайсары күөлгэ…” уус-уран киинэбин бэлиэтии көрбүттэр. Улахан студиялар үгэс курдук биир эрэ режиссерга ыҥырыы ыыппаттар, хас даҕаны сөптөөх дии санаабыт режиссердарыгар киинэ синопсиһын ыыталлар. Онно эн “хайдах бу сэһэни экранҥа көрдөрүөм этэй” диэн бэйэҥ көрүүгүн хоһуйан харда ыытаҕын. Итинник “кастинг” түмүгүнэн таллахтара.

Детектор” триллер жанрдаах, детектив ис хоһоонноох киинэ. Бырайыакка биллиилээх артыыстар оонньууллар. Сүрүн оруолга Екатерина Вилкова («Вертинский», «Последний богатырь: Корень зла»), Кирилл Кяро («Пассажиры», «Эпидемия», «Лучше, чем люди»), Гела Месхи (1941. Крылья над Берлином», «Летчик», «Сын отца народов») ооньууллар. Биир тутаах оруолу оҕо оонньуур – Катя Темнова бу иннинэ «Манюня» диэн ааттаах кэмиэдьийэҕэ оонньоон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.

Детектор” Саха сиригэр уһуллубатах бырайыак эрээри, олохтоох киинэ оҥоруу сайдыытын өссө биир бэлиэ олуга. Саха сирин киинэ оҥоруута кэнники сылларга диэри “эрэгийиэн киинэтэ” диэн ааттанара. Билигин Арассыыйа киинигэр үрдүк таһымнаах киинэни оҥорор исписэлиистэр Саха сирин диэки болҕомтолорун ууран эрэллэр. Бу көстүү хайдах дьайыылаах буолуон сөбүн туһунан “Саха Сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэрдэригэр киэҥник ырытар ыстатыйа тахсыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөннөр байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…

8 часов ago
  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

9 часов ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

9 часов ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

10 часов ago