Костромаҕа 13 киһи суорума суолланна
Сэтинньи 5 күнүгэр түүн Кострома куоракка “Полигон” кафеҕа баһаар туран, 13 киһи тыына быһынна, 5 киһи эчэйиини ылла.
Бу баһаар буолбут дьиэтин иэнэ – 3,5 тыһыынча кв.м. Баһаары утары Костромскай уобалас баһаарынай-быыһыыр гарнизона уонна Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин исписэлиистэрэ үлэлээбиттэр. Дьиэ сарайа субу сууллар кутталлаах буолан, баһаары утары үлэҕэ ыарахаттары көрсүбүттэр. Аан бастаан дьиэҕэ баар дьону барытын таһаарбыттар. Хойуу буруолаах буолан, кафеттан чугас турар олорор дьиэ биир подъеһын олохтоохторун эмиэ таһаартаабыттар.
Барыта 50 киһи уонна 20 тиэхиникэ үлэлээбиттэр. Баһаары олохтоох бириэмэнэн 7 чаас 29 мүнүүтэҕэ умуруорбуттар.
Эмсэҕэлээбит дьону балыыһаҕа илдьэн, мэдиссиинэ көмөтүн оҥорбуттар. Балыыһаҕа ким да киирбэтэх. Бу ыксаллаах быһыынан сибээстээн, силиэдэбэтэллэр Холуобунай кодекс «Причинение смерти по неосторожности двум или более лицам» диэн ыстатыйатынан холуобунай дьыаланы тэрийдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: