Ковидынан ыалдьыбыт киһи быстах хомууртан босхоломмот

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойдуга быстах хомуур ыытылларын туһунан Ыйаахха илии баттыаҕыттан  ыла нэһилиэнньэ долгуйуутун сэргэ, араас ыйытыылар (ол иһигэр, киһи тус доруобуйатыгар сыһыаннаах) күөрэйэн тахсаллар.

Холобур,  дойдуга COVID-19 ыалдьыбыт дьон быстах хомуурга ыҥырыыттан босхоломмоттор. Ол гынан баран, бу ыарыы кэнниттэн сыыстарбыт буоллаҕына, ол туһунан хомуурга ыҥырар хамыыһыйаҕа биллэриэхтээх уонна тустаах мэдиссиинискэй докумуону көрдөрүөхтээх.

Ону таһынан “РФ объясняем” саайтка быһааралларынан:

— Ковид-19 ыарыыга туттарбыт ПЦР тиэс түмүгэ “+” көрдөрбүт буоллаҕына, уопсастыбаннай миэстэҕэ сылдьыбатыҥ тэҥэ, военкомакка кэлиэ суохтааххын. Эмтэнэн эрэ баран быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох буола сылдьыбытыҥ туһунан лииһи военкомакка аҕалаҕын. Онтон ыалдьа сылдьар уонна кыайан кэлэр кыаҕа суох  кэмҥэр военкомаҥҥа ыҥырбыт буоллахтарына, хайдах табыгастааҕынан военкомакка биллэр. Үтүөрэн баран, военкомакка кэлэн больничнай лиискин көрдөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago