Красноярскай кыраайтан кэлбит ыалдьыт Владимир Хоменко болҕомто киининэн буолла

Красноярскай кыраайтан кэлбит ыалдьыт Владимир Хоменко болҕомто киининэн буолла

08.06.2024, 21:28
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

Бүгүн эбэҥки норуота үгэс буолбут сайыҥҥы “Бакалдын” бырааһынньыгар Красноярскай кыраай Эвенкийскай оройуонуттан анал дэлэгээссийэ кэлэн кыттыыны ылла.

Онон эбэҥки норуотун национальнай бырааһынньыга «Бакалдын» (Встреча), аата да этэринии, доҕоттор көрсүһүүлэрин сирэйдээн, дойду таһымнаах тэрээһининэн буолла. Култуура үлэһитэ, ырыаһыт Владимир Хоменко сыанаҕа тахсаат, тута ыалдьыттар болҕомтолорун тарта.

Уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа Дьокуускай куоракка 1987 сыллаахха култуура бэстибээлигэр кэлэ сылдьыбыт эбит.

Киин куораппытын ол кэмтэн олус уларыйбыт, тупсубут диир.

Владимир Хоменко суруналыыстарга да, хаартыскаҕа түһүөн баҕалаахтарга да былдьаһыкка сырытта.

Красноярскай кыраайтан кэлбит ыалдьыт киэһэ кэнсиэрдээн, дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээн баран, бу түүн дойдутугар көтүөхтээх.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: