Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах оскуола оҕото мустан, куонкуруска илин-кэлин түһүстүлэр. Оҕолор түөрт күн устаталаах туоратын тухары куонкурус успуонсардарын сорудаҕынан биидьийэ роликтары уһуллулар, атыҥҥа аралдьыйар диэни билбэккэ, креатив уонна цейтнот эйгэтигэр төбөлөрүн оройунан түстүлэр.
12 хамаанда бары биир киһи курдук араас тэрилтэ сорудаҕын толордулар: косметика маҕаһыыныттан саҕалаан маркетинг ааҕыныстыбатыгар тиийэ. Үөрэнээччилэр кылгас роликтары устубуттарын таһынан, ролик дизайнын, анимациятын, стикерпактары оҥордулар уонна айбыт бырайыактарын көмүскээтилэр. Быйыл оператор, монтажер уонна дизайнер курдук идэлэргэ өссө аниматор эбилиннэ. Ону таһынан, хамаанда биир чилиэнэ продюсер оруолун толордо. Дьиҥэр, ити барыта иһиттэххэ-аахтахха эрэ бэрт судургу курдук эрээри, ыччаттар куонкурус бырагырааматын чэрчитинэн өссө маастар-кылаастарга, трениннэргэ, уопуттаах исписэлиистэр салалталарынан быраактыка дьарыктарыгар сырыттылар. Ол иһигэр, холобур, режиссер, продюсер уонна сценарист, “Тимир” киинэни устубут Николай Корякин-Айдын Атеҕэ үөрэннилэр.
Куонкурус кыайыылаахтарын быһаарар, бырайыактары билиһиннэрэр түмүк тэрээһин ахсынньы 8 күнүгэр буолла. Бириис уопсай пуондата 100 000 солкуобай этэ. Ону таһынан, сорудахтары биэртэлээбит куонкурус успуонсардара хас биирдии хамаандаҕа тус-туспа бириистэри туттарда.
“Медиахакатон” куонкуруһу АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата, “Үүнэр көлүөнэ паарката” АНО ДПО, “Медиашкола” айар-тутар дьоҕур норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолата уонна Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института тэрийэллэр.
“Айар-тутар индустрия – кэм ирдэбилэ”
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата” кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров эппитинэн, айар-тутар (краетивнай) индустрия – бүгүҥҥү муода чыпчаала буоларын таһынан, кэм ирдэбилэ.
“Медиахакатон” айар куонкурус номнуо үһүс төгүлүн АЛРОСА хампаанньа көхтөөх өйөбүлүнэн тэриллэр. Алмаастаах хампаанньа аҥаардас үбүнэн-харчынан эрэ көмөлөһөр буолбатах, хампаанньа исписэлиистэрэ тэрээһиммитигэр эспиэр быһыытынан эмиэ кытталлар. АЛРОСА – бииргэ үлэлэһэр тутаах доҕорбут. Кини көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэбит сайдар кыахтанар, ол иһигэр быһаччы ыччаты өйүүллэр”, – диэтэ Владимир Егоров.
Быйылгыттан оскуола үөрэнээччилэрэ айар-тутар индустрия идэлэрин баһылаан тахсалларыгар Үүнэр көлүөнэ пааркатын тэрээһинигэр Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института көмөлөһөр. АГИКИ бастакы проректора – ыччат бэлиитикэтигэр, иитэр үлэҕэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы үлэҕэ-хамнаска проректор Станислав Иванов эппитинэн, креатив индустрията Саха сиригэр олус күүскэ сайынна. Оттон институт ити курдук көхтөөх ыччат кинилэр үөрэхтэрин кыһатыгар үөрэнэрэ киирэриттэн олус үөрэллэр.
“Медиахакатон” куонкуруһугар кыттыгастаах дьон бука бары оҕолор бу тэрээһинтэн туох эрэ саҥаны, туһалааҕы билэн тахсалларыгар кыһанабыт. Олох уонна аан дойду олус түргэнник уларыйа турар. Онон оҕолор маннык тэрээһиннэргэ баһылаабыт үөрүйэхтэрэ кэлин даҕаны туһалаах буола туруоҕа. Мин оскуола оҕолоругар “маннык тэрээһиннэргэ кыттыҥ, саҥаҕа үөрэниҥ, оҕолору, ыччаты кытта билсиҥ, кинилэри кытта туһалаах бырайыактары олоххо киллэриҥ” диэн сүбэлиибин”, – диэн АГИКИ проректора сүбэлээтэ.
“Оҕолор олус түргэнник үөрэнэллэр, сайдаллар”
Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ оскуола үөрэнээччилэриттэн итэҕэһэ суох үлэлээтилэр. Кинилэр хас биирдии үлэ уратытын уонна хайысхатын сонун өрүтүн, бырайыак олоххо киирэр тэхиньиичэскэй кыаҕын, сиппитин-сиппэтэҕин, сүрэхтиир билиһиннэрии таһымын уонна ону дьоҥҥо сатаан тиэрдэр сатабылы сыаналаатылар. Дьүүлүүр сүбэ сыана быһар бүтэһик киритиэрийин хамаандалар бары кыайа-хото туттулар, муҥутуур баалы ыллыллар. Холобур, “МедиаПульс” хамаанда бырайыагын аныгылыы, бэрт тэтимнээх көмүскээн, атыттартан арыый чорбойон таҕыста. Кыттааччылар бэйэлэрэ эппиттэринэн, барыта түөрт күн үөрэммиттэриттэн, бырайыактарыгар биир эрэ күнү анаабыттар. Өскөтүн өссө биир күннээхтэрэ буоллар, үлэ түмүгэ олох таһыччы буолуо эбитэ үһү. Ол гынан баран, Вадим Яковлев бэлиэтээбитинэн, оҕолорго нэдиэлэ да бэриллибитэ буоллар, син биир итинник диэхтэрэ эбитэ буолуо. Туох да диэбит иһин, кинилэр бэриллибит кэрчиккэ сорудаҕы син биир булгуччу толоруохтара, өссө ирдэнэртэн элбэҕи оҥоруохтара этэ.
“Урут кытта сылдьыбыт оҕолор үөлээннээхтэригэр сүбэлиир, кэпсиир буоланнар, “Медиахакатоҥҥа” улуустан кэлэн кыттар оҕо ахсаана сыллата эбиллэн иһэр. Быйыл Хаҥаластан уонна Мэҥэ Хаҥаластан хастыы да оҕо кытынна.
Тэрээһиммитин интенсив киэбинэн ыытабыт: оҕолор оператор ускуустубатыгар, монтажка, дизайнҥа, анимацияҕа үөрэнэллэр уонна сатабылларын тута тургутан көрөллөр. “Медиахакатоҥҥа” оҕолор идэни баһылыылларын таһынан, дьону-сэргэни кытта сатаан кэпсэтэргэ, элбэх буолан бииргэ үлэлииргэ үөрэнэллэр. Сорудаҕы кэмигэр толорорго, дьулуурдаах буоларга үөрэммиттэрэ кэлин СКЭ-ни туттаралларыгар эмиэ көмөлөһөр. Оҕолор туох идэтин баһылыахтаахтарын, ол туһугар ханнык үөрэх кыһаларыгар туттарсыахтаахтарын чопчу билэр, өйдүүр буоланнар, үөрэҕи-хаары аралдьытар, өйү-санааны ыһар суоллартан туора тутта сатыыллар. Бэл, биһигиттэн кытта. Сороҕор кинилэри бииргэ да түмэр уустугурааччы. Тоҕо диэтэххэ, тэрээһиммитигэр сылдьыбыт оҕолор кэлин бэйэбитигэр көмөлөһөр волонтер буолааччылар”, – диэн Вадим Яковлев кэпсиир.
Кини сырдаппытынан, “Медиахакатон” курдук тэрээһиннэргэ сылдьыбыт оҕолор оскуолаларыгар да, эбии үөрэхтэригэр да араас тэрээһиҥҥэ, оҕо, волонтер, хамсааһыннарыгар көхтөөхтүк кыттар, оскуола медиа-устуудьуйаларын салайар буолаллар эбит.
“Биһиги бииргэ сайдыан баҕарар, араа бырайыагы оҥорон олоххо киллэрэр, креативнайдык айар-тутар ыччат бөлөҕүн тэрийиэхпитин баҕарабыт. Билигин айымньылаах айар эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон этэллэринэн, интэриэһинэй бырайыактар анал сакаас киирдэҕинэ уонна күһэлэҥинэн буолбакка, биир интэриэстээх дьон көрсөн көннөрү кэпсэттэҕинэ, санаатын атастастаҕына үөскээн тахсаллар. “Креасферабыт” оннукка анаан үлэлиир, биһиги онно тэрээһиммит выпускниктарын мунньабыт”, – диир Вадим Яковлев.
Кырдьык, сорох хамаандалар үлэлэрэ таһымынан да, хаачыстыбатынан да сакаастааччылар бэйэлэрин социальнай ситимнэригэр таһаарар үлэлэриттэн итэҕэһэ суох буолар. Биллэн турар, ханнык эрэ түгэни киһи өссө чочуйуон, ханан эрэ эбии көрдөөх-күлүүлээх каадыры киллэрэн биэриэн сөп этэ эрээри, сороҕор ону, бэл, уопуттаах исписэлиистэр кыайбаттар. Туох да диэбит иһин, “Медиахакатон” кыттыылаахтара контены сатаан оҥорортон тэрилтэ эбэтэр биирдиилээн киһи ханнык эрэ өҥөнү дуу, бородууксуйаны дуу дьоҥҥо сатаан сэҥээрдэрэ, батарара тутулуктааҕын толору өйдөөтүлэр. Буолаары буолан дьон лайкы хамаҕатык туруорбат, кэмэнтээрийи суруйбат, биидьийэни ыһа-тоҕо тарҕаппат, репостаабат кэмигэр.
Кыттааччылар “Медиахакатон 2024” туһунан
Максим Татаров, Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгэ, 8-с кылаас (оператор):
– Мин улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинигэр дьарыктанабын. Онно сүрүннээн оператордыыбын. Ол гынан баран, наада буоллаҕына, устубут биидьийэбин монтажтыахпын сөп. “Медиахакатон” туһунан кииҥҥэ үлэлиир уһуйааччым кэпсээбитэ. Өр толкуйдуу барбакка, бэйэм туспунан билиһиннэриини ыыппытым. Манна оператордар бөлөхтөрүгэр сырыттым, биидьийэни устарбын сөбүлүүбүн. Олус интэриэһинэй этэ, элбэх оҕону кытта билистим.
Регина Ефимова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээҕэ, 10-с кылаас (оператор):
– Быйыл мин “КиноМАНиЯ” үөрэх тиһигэр кыттыбытым, онно бастыҥ туруорааччы-худуоһунньук буолбутум. “Медиахакатон” туһунан үөрэххэ бииргэ сылдьыбыт, былырыын бэйэлэрэ онно кыттыбыт оҕолор кэпсээбиттэрэ. “Олус уустук эрээри, интэриэһинэй буолуо” диэбиттэрэ. Барыта кинилэр эппиттэрин курдук буолла: араас сорудаҕы быыһа-арыта суох, сынньанары билбэккэ толорбуппут. Дьиҥэр, мин юриска үөрэниэхпин баҕарабын эрээри, “Медиахакатоҥҥа” ылбыт билиим олохпор да, үлэбэр даҕаны туһалыа диэн бигэтик билэбин.
Ярослав Иванов, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэ, 11-с кылаас (дизайнер):
– Оскуолабар медиа-киини салайабын, араас сюжеты устабын. Урут улуустааҕы куонкурустарга кыттарым. Холобур, “Мин видеографпын” күрэххэ бастаабытым. “Медиахакатоҥҥа” уонна “КиноМАНиЯ-ҕа” өссө былырыын кытта сатаабытым, сүүмэрдиир түһүмэҕи ааспытым эрээри, хомойуох иһин, кыайан тиийбэтэҕим. Онон быйыл кыттыбыппыттан олус үөрдүм, төһөтүн да иһин эһиил оскуоланы бүтэрээри сырыттаҕым. Олус үчүгэй эйгэлээх тэрээһин. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэ үүнэр көлүөнэ медийщиктэрэ бары бу тэрээһиҥҥэ мусталлар быһыылаах.
Пединститукка учуутал үөрэҕэр туттарсар былааннаахпын. Оҕону-ыччаты үөрэтиэхпин баҕарабын. Манна үөрэммит сатабылым үлэбэр туох да саарбаҕа суох туһалыа диэн билэбин. Эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлиэхпин эмиэ сөп.
Катя уонна Лиза Рожиналар, Мииринэй куорат, 10-с кылаастар (дизайнердар):
– Биһиги быйыл “КиноМАНиЯ” үөрэх тиһигэр кыттыбыппыт уонна олус сөбүлээн, уһуннук толкуйдуу барбакка, “Медиахакатоҥҥа” тута сайаапка ыыппыппыт. Иккиэн тус-туһунан күүстээх өрүттэрдээхпит, сатыыр-кыайбат суоллардаахпыт. Ол гынан баран, иккиэн дизайнынан дьарыктанабыт. Үлэбитин сүрүннээн төлөпүөҥҥэ оҥоробут, сырыы аайы сатабылбыт тупсан иһэр. “Медиахакатон” курдук тэрээһиннэргэ сылдьан киһи олус элбэҕи билэр. Киһи бэйэтэ хас эмэ ый устата үөрэнэр үөрэҕин манна аҕыйах хонук иһигэр баһылыахха сөп. Тус-туспа хайысхаҕа да буоллар, иккиэн олохпутун киинэни кытта ситимниэхпитин баҕарабыт.
Даша Сидорова, Мэҥэ Хаҥалас Майата, 9-с кылаас (монтажер):
– Оскуолатааҕы медиа-устуудьуйаҕа кэрэспэдьиэнниибин. Былырыын бииргэ үөрэнэр кыргыттарым “Медиахакатоҥҥа” кыттыбыттара. Мин кинилэр кэпсээннэриттэн кынаттанан, быйыл сайаапкабын ыыппытым. Маастар-кылаастары олус сөбүлээтим, көмпүүтэр араас бырагырааматын туһанарга, биидьийэни монтажтыырга үөрэнним. ХИФУ ИЗФИР-игэр туттарсар санаалаахпын, педагог буолуохпун баҕарабын.
Коля Оллонов, Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгэ, 9-с кылаас (монтажер):
– Оскуолабытыгар медиа-устуудьуйаҕа доҕотторбун кытта киинэ, репортаж устабын, ыстатыйалары суруйабын. “Үүнэр көлүөнэ паарката” ыытар тэрээһиннэрин туһунан учууталбыт кэпсээбитэ. Быйыл “КиноМАНиЯ-ҕа” кыттыахтаах этим даҕаны, сатаан кэлбэтэҕим. Ол да буоллар, “Медиахакатон” да олус интэриэһинэй, туһалаах эбит. Мин төһө даҕаны номнуо ону-маны кыралаан сатыыр буолбутум иһин, олус элбэх саҥаны биллим. Ханнык үөрэххэ туттарсарбын өссө да толкуйдуу сылдьабын эрээри, туох да идэтин талбытым иһин, устууну уонна монтаһы быраҕыам суоҕа.
Амелия Николаева, Дьокуускай куорат Маҕан бөһүөлэгэ, 9-с кылаас (аниматор):
– Мин анимациянан дьарыктанабын. Сайын “Skills Camp” анимация лааҕырыгар сылдьыбытым. Уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. “Медиахакатоҥҥа” билэр оҕолорбун көрүстүм, саҥа ыччаттардыын билистим. Мин санаабар, бу бырайыак үөрэххэ киирэрбэр хайаан даҕаны көмөлөһүөҕэ.
Алгыстаана Дьалаан, Дьокуускай куорат, 11-с кылаас (аниматор):
– Кумааҕыга харандааһынан уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Анимациянан үлүһүйэбин уонна ити эйгэҕэ сатабылбын сайыннарар, эбии үөрэнэр туһугар, “Медиахакатоҥҥа” кыттарга санаммытым. “Үүнэр көлүөнэ пааркатын” тэрээһинин туһунан бииргэ үөрэнэр кыргыттарым уонна РЛИ гуманитарнай кылааһыгар үөрэммит Миша Лукачевскай кэпсээбиттэрэ. Бэйэм гуманитарнай хайысхалаах кылааска үөрэнэбин, онон хайысхабар сөп түбэһэр үөрэххэ туттарсыам. “Медиахакатоҥҥа” үөрэммитим кэлин да туһалыа. Эйгэтэ олус үчүгэй этэ, элбэх көхтөөх оҕону кытта билистим.
“Медиахакатон” куонкурус түмүгэ
I миэстэ – “DigitalFive” хамаанда: Диана Кузьмина, №5 г. Дьокуускай 5-с №-дээх оскуолата, Андрей Тармаев, Дьокуускай 5-с №-дээх оскуолата, Екатерина Рожина, Мииринэй 26-с №-дээх оскуолата, Алиса Сысолятина, Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолата (кейсэ – “Market like” дьиэ уонна сынньалаҥ табаарын маҕаһыына);
II миэстэ – “Четыре медведя” хамаанда: Николина Сивцева, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайын оскуолата, Даяна Дьячковская, ФТЛ, Дьокуускай, Егор Оконешников, Уус Алдан улууһун Лөгөй интэринээт-оскуолата, Максим Петров, Дьокуускай 31-с №-дээх оскуолата (кейсэ – “Кэҥкэмэ” сынньалаҥ базата);
III миэстэ – “11.11” хамаанда: Ярослав Иванов, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕин гимназията, Виктория Корякина Дьокуускай 31-с №-дээх оскуолата, Виолетта Ефремова, РЛИ, Кира Вензель, Дьокуускай 23-с №-дээх оскуолата (кейсэ – “COLD50” креатив ааҕыныстыбата).
АЛРОСА анал аатын “AALE” хамаанда ылла – Элеонора Кириллина, Дьокуускай 31-с №-дээх оскуолата, Анна Голдобина, Дьокуускай 3-с №-дээх оскуолата, Любовь Соловьева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа лиссиэйэ, Алина Ефремова, ХИФУ СУНЦ (кейс – “Сайдыс” үөрэх киинэ).
Анал ааттар кыайыылаахтара
Бастыҥ блогер – Большакова Василина, “МедиаПульс” хамаанда (кейсэ – “Реал” авто-оскуола);
Бастыҥ дизайнер – Иванов Ярослав, “11.11” хамаанда (кейс – “COLD 50” креатив ааҕыныстыбата);
Бастыҥ монтажер – Жегусов Айтал, “Spectrum Light” хамаанда (кейсэ – “Peek-a-boo” буокса кулууба);
Бастыҥ аниматор – Сивцева Николина, “4 медведя” хамаанда (кейсэ – “Кэҥкэмэ” сынньалаҥ базата);
Бастыҥ оператор – Кузьмина Диана, “DigitalFive” хамаанда (кейсэ – “Market like” дьиэ уонна сынньалаҥ табаарын маҕаһыына);
Бастыҥ продюсер – Колесова Аэлина, “Взрывные котята” хамаанда (кейсэ – “INSIDE” үҥкүү академията).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: