Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарарыгар креативнай индустрия бырайыактара олоххо киирэллэригэр бары усулуобуйа оҥоһуллар диэн эттэ.
«Кинематографистарга «Үлэ кыбартаалыгар» аныгы усулуобуйа оҥоһуллар – бу киинэ индустрията сайдарыгар улахан тирэҕинэн буолар. Ил Түмэн былырыын ылыммыт кинематографистары өйүүр сокуонугар олоҕуран кэскиллээх былааннар бааллар. Креативнай индустрияны сайыннараммыт биһиги улахан дьыаланы оҥоробут диэн эрэллээхпин – биһиги айар ыччаттарбыт дойдуларыгар үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар көмө, өйөбүл, усулуобуйа баар», — диэн эттэ Ил Дархан.
Айсен Николаев былырыын Саха сирэ Арассыыйа креативнай индустриятын эйгэтигэр национальнай бириэмийэҕэ «Самый креативный регион» номинацияны ылбытын киэн тутта эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥа хайысхаҕа маннык үрдүк сыанабылы биэрбиттэринэн киэн туттабын. Бу саарбаҕа суох, өрөспүүбүлүкэни цифровизациялааһыҥҥа улахан үлэ барбытын сыаналааһын буолар. Быйыл аан дойдуга тэҥэ суох «Синергия Арктики» бырайыак саҕаланыа. 2025 с. диэри 7 тыһыынча км уһуннаах оптоволокноАрктика уонна суола-ииһэ суох 86 бөһүөлэккэ тиийиэ. Бу хоту сир олохтоохторун олохторун хаачыстыбатын тупсарыа», — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирэ Уһук Илин уокурукка ИТ-өҥөнү оҥорууга лиидэринэн буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ инновационнай экосистиэмэ оҥоһулунна, онно киининэн – «Якутия» технопаарк, ИТ-паарка, «Якутия» венчурнай хампаанньа уонна сайдыы института буолаллар.
Итини таһынан ааспыт сылга аһыллыбыт Уһук Илин тэҥнээҕэ суох «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер улахан эрэли саҕар. Бу кластер резиденнэрин сүрүн хайысхаларынан – киинэ, анимация, медиа, цифровой контент уонна дизайн буолаллар. Манна 2025 сылга диэри 1250 саҥа үлэ миэстэтэ аһыллара былааннанар.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…