Креативнай индустрия тэбэр сүрэҕэ – Саха сирэ

Креативнай индустрия тэбэр сүрэҕэ – Саха сирэ

17.11.2024, 12:00
ХААРТЫСКА SAKHAGOV.RU СААЙТАН.
Бөлөххө киир:

Саха сирэ Уһук Илин да, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр да айар-тутар салаалары сайыннарыыга биир бастыҥынан биллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа креативнай экэниэмикэтин лиидэринэн буолар. Саха сирэ 2022 сыллаахха Арассыыйа национальнай бириэмийэтин түмүгүнэн креативнай индустрия эйгэтигэр дойду саамай айар куттаах эрэгийиэнинэн билиниллибитэ (Russian Creative Awards)

Саха сирин айар эйгэтэ – бу үгэс буолбут нэһилиэстибэни уонна аныгы хайысхалары холбоон сайыннарыы буолар. Былыргы үгэстэргэ олоҕурбут баай култуурунай устуоруйа­лаах өрөспүүбүлүкэ ураты креативнай экэниэмикэтин са­­йыннарар кыахтаах диэн эс­­пиэрдэр сыаналыыллар.

Биһиги бастакынан креативнай экэниэмикэни сайыннарыы эрэгийиэннээҕи торумун ылыммыппыт. Алта сыл иһигэр креативнай экэниэмикэ бүтүн эко-систиэмэтэ оҥоһулунна. Онуоха тирэх буолар тэрилтэнэн «Саха сирин сайдыытын корпорацията» буолар.

Креативнай экэниэмикэни сайыннарыыга ылыныллыбыт кэнсиэпсийэ чэрчитинэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ сайдар хайысхаларынан Үлэ кыбартаалын кластера, IT-паарка, Саха сирин технологическай паарката, анал үөрэхтээһин эко-систиэмэтэ буолар. Сотору кэминэн киинэ павильона уонна университет куор­пустарын икки ардыларынаа­ҕы кампус тутуллара былааннанар. Билигин Саха сиригэр айымньылаахтык үлэлиир 6 тыһыынча тэрилтэ баар, онно 42 тыһыынча киһи үлэлиир.

Үгэстэр уонна култуура

Саха сирэ ураты култууралааҕынан, фольклорунан, муусукатынан, үҥкүүтүнэн, оҥоһуктарынан о.д.а. биллэр. Норуот маастардара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сатабылларын биэрэн, мастан, таастан, тирииттэн, сэлииттэн уонна да атын матырыйааллартан ураты оҥоһуктары оҥороллор. Бу барыта үгэс буолбут оҥоһуктарга олоҕурбут айар индустрия сайдарыгар төрүөтү үөскэтэр.

Үлэ кыбартаалын кластера аһыллан, айар-тутар дьоҕур­даах дьоммутун биир сиргэ түмэн сайдар кыаҕы биэрдилэр. Аны туран, урут маастардарбыт аан дойду таһымаах быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттыбаттарын тэҥэ этэ, оттон билигин хамсааһын улаатта.

Киинэ индустрията

Аныгы технологиялар айар дьоҥҥо уонна хампаанньаларга саҥа суоллары арыйаллар. Интэриниэт уонна социальнай ситимнэргэ киирии элбээбитэ айар дьоммут үлэлэрин дойдуга эрэ буолбакка, тас дойдуга кытары көрдөрөр кыаҕы биэрэр буолла. Бородууксуйаны атыылыыр онлайн-платформалары тэрийии, социальнай ситимнэргэ страницалары арыйыы уонна виртуальнай быыстапкалары ыытыы араас салааҕа оҥорон таһаарааччыларга үтүө үгэскэ кубулуйан эрэр. Саха сиригэр оҥоһуллубут киинэни аан дойду бүтүннүү көрөр буолла, эспиэрдэр сахалар «уникальнай» норуоттар эбит диэн сыаналаатылар.

Киинэлэрбит өрөспүүбүлүкэ култуурунай ураты көстүүтүнэн буолла. Сыл аайы араас тиэмэҕэ олус элбэх киинэ уһуллар, ону нэһилиэнньэҕэ көрдөрөөрү, тыа сирин кыракый да нэһилиэктэригэр саалалар аһыллан эрэллэр. «Экстра Синема» хампаанньа 2024 сыл бүтүүтэ итинник 123 киинэ саалатын үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Саха киинэтин сайыннарыыга улахан бырайыагынан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тутуллар  толору кээмэйдээх киинэ павильона буолуоҕа.

IT-технологиялар

Саха мындыр өйө, саҥа технологиялары чэпчэкитик баһылыырга көмөлөһөр эбит дии саныыбын. IT-паарка аһыллыаҕыттан кыра оҕотуттан саҕалаан улахан киһиэхэ тиийэ бу салааны баһылаан эрэллэр диэххэ сөп. Урут «Мин идэм – ИТ» куонкурус бэйэбитигэр ыытыллар буоллаҕына, аны федеральнай таһымҥа тахсан, эрэгийиэннэргэ барыларыгар кэриэтэ ыытыллар буол­ла. Информационнай систиэ­мэ оператордарын үөрэтэр кииҥҥэ ыччат тобус-толору, оттон инновационнай кэллиэс­тэрбитигэр үөрэнэ кии­­риэн баҕалаах эмиэ олус элбээтэ. Аҕыйах сыллааҕыта эрэ пилота суох көтөр аппараат туһунан билбиппит. Оттон билигин бу биһиги күннээҕи олохпутугар киирэн, ону баһылыырга таластыбыт. Оҕолорбут аны пилота суох көтөр аппарааттары салайар оператор идэтин ылан, ньиэп-гаас, тутуу, экология, о.д.а. салааҕа үлэлиир буолуохтара.

Манна даҕатан аныгы технологиянан бэйэтин оҥоһуктарынан нэһилиэнньэни хааччыйар «Хоту Тент» тэрилтэни бэлиэтиир тоҕоостоох. Саха сирин тыйыс тымныытыгар «Натааһалары» тигэн абыраата. Билигин бу тэрилтэ ба­­йыаннай дьайыыга тиэхиньи­кэлэри кистээн саба бүрү­йэргэ анаан нанотехнологиянан бүрүөһүннэри, балааккалары, утуйар мөһөөччүк-соннору, харыстыыр көстүүмнэри, олбохтору, о.д.а. оҥорон ыытар.

Үөрэхтээһин уонна өйөбүл

Саха сиригэр креативнай индустрияны сайын­нарыы биир дьоһун­наах быра­йыагынан олох­тоох көҕүлээһиннэри уонна үөрэх бырагыраамаларын өйөөһүн буолар. Ускуустуба, дизайн, маркетинг уонна урбаан куурустарын ыытар тэрилтэлэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ бастыҥнарынан буолан эрэллэр.

Былырыын Дьокуускайга «Сбербаан» көмөтүнэн Уһук Илиҥҥи бастакы бырагыраамалыыр оскуола – «21-с оскуола» аһыллыбыта. Манна 18-тан үөһэ саастаах ким баҕарар
IT- эйгэтигэр ирдэнэр идэни олох босхо ылыан сөп. Урут бырагыраамалыыр эйгэттэн атын да идэлээх, үөрэммэтэх да буоллаххына, манна кэлэн сыыппара технологиятыгар үөрэниэххин сөп. Билигин креативнай индустрия салаатын киллэрэр кыамтата өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһарыытын 2,5% ылар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата 2035 сылга кинилэр ахсааннара икки төгүл элбиэхтээҕин сабаҕалыыр. IT-өҥөлөрүн тас дойдуга таһаарыыга Саха сирэ дойдуга тохсус, Уһук Илиҥҥи уокурукка бастакы миэстэҕэ турар.

Пуорум

Саха сирин креативнай индустрията кэскилэ киэҥ, ону бу күннэргэ буолан ааспыт «Цифровой алмаас» федеральнай пуорумҥа сылдьыбыт киһи эрэ бары көрдө. Бу порум чэрчитинэн креативнай индустрия сайдар олуктара ууруллар. Элбэх сиэссийэ араас хайысхаларынан ыытылынна, онно үгүстүк стартаптары үбүлээһин уонна эдэр талааннары өйөөһүн өттүгэр кыһалҕалаах боппуруостар бааллара иһилиннэ. Итини тэҥэ киэҥ эйгэҕэ ускуустубаны таһаарар кыаҕы үөскэтиэххэ диэн этиннилэр. Бу кыһалҕалары быһаарар биир суолунан судаарыстыба уонна чааһынай сектор икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини күүһүрдүү, инфраструктураҕа, айар бырайыактарга субсидиялары көрүү уонна эрэгийиэн туристическай өттүнэн сайдарыгар инвестицияны тардыы буолуон сөбүн кыттааччылар бэлиэтээтилэр.

Ил Дархан Айсен Николаев сыыппара пуорума экэниэ­микэ сайдыытыгар саҥа салаа­лары аһарга олугу уурар тэрээһин буоларын бэлиэтээтэ. «Цифровой алмаас» пуорума уопут атастаһар, билиҥҥи боппуруостары ырытар уонна саҥа салаалары көрдүүр ураты платформа буолар. Биһиги манна бииргэ аныгы ыарахаттары туоруур уонна сайдыыга сир­диир саҥа салаалары аһар стратегиялары оҥоруох­пут диэн эрэллээхпин», – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Оттон видео-оонньууларга уонна киберспортка аан дойдутааҕы эспиэр Хишам Нуху, Саха сирин бырайыактара аан дойду геймердэрин тардар улахан кыахтаахтар диэн бэлиэ­тээтэ: «Ол эрээри, кинилэр судаарыстыбаттан эрэ буолбакка, чааһынай сиэктэртэн эмиэ өйөбүлү ылыахтаахтар. Оннук буоллаҕына, биллэн турар, түргэнник киэҥ эйгэҕэ тахсар, үчүгэй түмүктэри көрдөрөр кыахтаныахтара».

«Саха сирэ Арассыыйаҕа цифровой трансформация­ҕа биир бастыҥ эрэгийиэнинэн буолар. Өрөспүүбүлүкэ тастан киириини солбуйууга көҕүлээһиннэри көхтөөхтүк олоххо киллэрэр, бары хайысхаларга – мэдиссиинэттэн, үөрэхтээһинтэн саҕалаан сир баа­йын хостуур бырамыысыланнаска тиийэ IT-бырайыактары оҥорор. Бу күннэргэ биһиги бэ­­йэбит бырайыактарбытын киэн тутта билиһиннэрдибит уонна атын эрэгийиэннэр уопуттарын билистибит», – диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: