Креативнай кластер айар куттаахтары түмүөҕэ

Share

Уһук Илиҥҥи уокурук биир улахан бырайыага – Саха сиригэр «Үлэ кыбартаала»   диэн креативнай кластер Дьокуускай куоракка тутулла турар. Түөрт этээстээх кластеры “Форвард” ХЭТ диэн тутуу тэрилтэтэ тутан дьэндэтэ сылдьар. Мин бүгүн кластер тутуутун, иһин-таһын көрө-истэ уонна билсэ Дьокуускай куорат Труд уулуссатын 1 №-гэр тиийдим. Тутуу бара турар киэҥ олбуоругар тиэхиньикэ арааһа үлэлээн тигинии сылдьар. Миигин олбуорга киириигэ кластер бырайыактарын салайааччыта Ольга Антипина көрүстэ.

70 хампаанньаны кытта номнуо дуогабардаһан олоробут

Хаартыска: Афанасий Саввин Ил Дархан Айсен Николаевка, миниистир Анатолий Семеновка үлэ хаамыытын кэпсиир

Кластер улахан оҥорон таһаарар комплекс базатыгар оҥоһуллан, Арассыыйаттан “Минвостокразвития” үбүлэнэн тутулла турар эбит. Манна Саха сирин креативнай индустриятын бэрэстэбиитэллэрэ ыкса үлэлэһиэхтэрэ, бүгүҥҥү күҥҥэ номнуо резиденциялары оҥорууга 70 хампаанньаны кытта дуогабардаһан олоробут, – диэн Ольга Антипина кэпсээтэ. Биһиги халтараан кирилиэһи дабайан тутулла турар кластер иһигэр киирдибит. Күн кылгаан, таһырдьа түргэнник хараҥарар. Ол да буоллар, иһигэр уотунан сырдатына-сырдатына, үлэһиттэр номнуо сыбах үлэтигэр киирбиттэр.

– Бу сэтинньи ыйга кластербыт тиэхиньиичэскэй үлэтэ туттарыллыахтаах, – диэн кэп­сии-кэпсии дьиэ ис бараанын көрдөрөр.

Мин көрдөхпүнэ, арай аарыма киэҥ дьиэ иһигэр сыбаарка сырдырҕас уота, кэккэлэһэ хостор эркиннэригэр сыбах үлэтэ ыытылла турар. Бу барыта хаһан оҥоһулла охсон үлэҕэ киириэҕэй диэн испэр саныыбын. Онуоха Ольга бэрт сэргэхтик кластер туһунан өрө көтөҕүллүүлээхтик кэпсиир:  “Кластербыт үлэҕэ киирдэҕинэ, 1250 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Манна 150 тэрилтэ резиденцията баар буолуоҕа. Манна, бастакы этээскэ, куукуналар, бэкээринэ, кофе иһэр сир баар буолуохтара”, – диэн ыйан көрдөрөр.

Национальнай бибилэтиэкэ филиала аһыллыаҕа

Бастакы этээһи эргиччи көрөн баран кластер иккис этээһигэр таҕыстыбыт. Манна ааҕыы эйгэтин сайыннарар туһуттан Дьокуускай куорат национальнай бибилэ­тиэкэтин филиала аһыллара былааннанар эбит. Бибилэтиэкэ эркинин, онтон да атын эркиннэри олохтоох ху­­дуоһунньуктар уруһуйдара киэргэ­тиэхтээх. Уруһуйдар эскиистэрэ номнуо оҥоһуллубуттар. Салгыы биһиги бу этээскэ медиалабораторияны көрө бардыбыт. Оттон уруһуйданыахтаах ойуулар манна ханнык хайысхалар баалларын ыйан көрдөрүөхтээхтэр эбит.

Киинэ, анимация, медиа уонна сыыппара  хайысхата

Уопсайынан, кластер айар куттаах дьоҥҥо анаммыт. Ол курдук, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннаах креативнай биисинэс эйгэтэ сайдыыһык диэн көрдүм. Манна киинэ устааччыларга анаан туспа устуудьуйа, тыаһы-ууһу бэрэбиэркэлииргэ аналлаах хос, кэнсиэртиир саала, “Саха” НКИХ ситкомнарын устар туспа устуудьуйа, Арктическай институт үөрэҕин кыһата – бары айар куттаах, бу эйгэҕэ сыһыаннаах үмүөрүһэ мустууһук.

– Бастакы, иккис, үһүс этээс­тэринэн үлэ күөстүү оргуйуо­ҕа, ол иһин төрдүс этээс­пит сынньалаҥҥа ананыаҕа. Этээстэрбитинэн көрөн худуоһунньуктар креативнай уруһуйдарын дизайна бырайыактаммыта. “Үлэ кыбартаалын” сүрүн соруга – куорат иһигэр туспа куорат диэн өйдөбүллээх, манна айар кут­таах дьон дьиэлэрин курдук санаан саҥа сайдар саҕахтары арыйалларыгар туһуланар. Ол курдук айар куттаах дьоммутугар кэбиниэттэри куортамнааһыҥҥа чэпчэтии көрүллүөҕэ. Бу кэлэр сэтинньи 25-27 күннэригэр “Цифровой алмаз” диэн пуорум тэрийээри сылдьабыт. Бу пуорум саҥа тутуллан үлэҕэ киириэхтээх кластербытыгар ыытыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago