Крым муостата ахсынньыга толору аһыллыаҕа

Share

Алтынньыга Крым муостатыгар таһаҕаһы таһар улахан массыына эстэн, билигин муоста аҥаар эрэ өттө үлэлии турар. Вице-премьер Марат Хуснуллин иһитиннэрбитинэн, муоста иккис балаһата ахсынньы 5 күнүгэр аһыллыаҕа.

 

Санатан эттэххэ, алтынньы 8 күнүгэр манна тоҕо тэптэрии баран, муоста уҥа өттө ордук улаханнык эмсэҕэлээбитэ. РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин бэҕэһээ РФ бэрэсидьиэнигэр мунньахха иһитиннэрбитинэн, Крым муостатын чөлүгэр түһэрии күнүстэри-түүннэри бара турар. Билиҥҥи дааннайынан, муостанан массыыналар, оптуобустар тохтоло суох сылдьалларын хааччыйбыттар, ол иһигэр наада буоллаҕына таһаҕаһы таһар улахан массыыналарга эмиэ суол аһыллыбыт.

Муостаны чөлүгэр түһэриигэ бырабыыталыстыбаттан сөптөөх үбүлээһин көрүллэн турар, судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибитэ. Муоста хаҥас өттүнэн билигин айан-сырыы сөргүтүллүбүтэ, түөрт өттүнэн кыра алдьаныылаах эрээри, ол куттала суох. Эбийиэккэ бэйэтигэр күүстээх хонтуруол олохтоммута. Оттон уҥа, күүскэ алдьаммыт өттүн, туһунан эттэххэ, билигин үлэ күнүстэри-түүннэри бара турар, ахсынньы 5 күнүгэр диэри муоста биир балаһата, иккиһэ – ахсынньы 20 күнүгэр аһыллыаҕа. Салгыы муоста хаҥас өттүгэр өрөмүөн үлэтэ салҕаныаҕа. Кулун тутар 30 күнүгэр диэри үлэ барыта туттарыллыаҕа. Тимир суол билигин эмиэ биир өттө үлэлиир, локомотивтар тохтоло суох дьону, таһаҕаһы таһаллар. Тимир суол толору эһиил балаҕан ыйыттан үлэлиэҕэ, — диэн иһитиннэрэр кини.

Билигин Крым тумул арыыга улахан таһаҕастары таһыыга Керчь силбэһиитинэн биэс массыына уонна икки тимир суол парома сылдьар. Ону сэргэ дьону таһыыга эмиэ теплоходтар үлэлииллэр.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ дойду экэниэмикэтигэр инвестицияны киллэриигэ бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньах ыытта. Мунньахха инвестиционнай бырайыактары таһынан Крым муостатын чөлүгэр түһэрии, улахан эбийиэктэри кыраҕатык хонтуруоллааһын, кыстыкка киирии, о.д.а. боппуруостары ырыттылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

50 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago