Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ Наталья Тимофеева, Наталья Семенова, Елена Скрябина уонна Национальнай бибилэтиэкэ медиа-киинин сэбиэдиссэйэ Галина Кутукутова, исписэлиис Аина Прибылых, сүрүн эрэдээктэр Иван Кривогорницын, оператор Михаил Соловьев Иркутскай уобаласка “Ксенофонтов суолунан” чинчийэр, ирдиир, үөрэтэр эспэдииссийэҕэ баран кэллилэр.
Эспэдииссийэ сүрүн болҕомтотун Ксенофонтов Иркутскайга үөрэнэ, үлэлии сылдьыбыт сылларын чинчийиигэ, үөрэтиигэ туһаайда. Бу туһунан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлтэн пуонда сүрүн харайааччыта Наталья Тимофеева сырдатта:
-Сүрүн болҕомтобутун, биллэн турар, Иркутскайга судаарыстыбаннай архыыпка уурдубут. Отуттан тахса паапкаттан Г.В. Ксенофонтов туһунан аҕыйах докумуону буллубут. Маныаха айаммытын өссө биир сэргэхсиппит сүүрээнинэн, 1928 сыллаахха Гавриил Васильевич олоро сылдьыбыт дьиэтигэр тиийэн хаартыскаҕа түһэриибит буолла. Дьиэтэ Иркутскай куорат 50 нүөмэрдээх Подгорная уулуссаҕа турар. Хомойуох иһин, онно олорор дьоно суох буолан биэрэннэр, күрүө иһигэр кыайан киирбэтибит. Санааргыы туруохпутун, ыаллара уу баһа баран иһэн көрөн токкоолосто. Били, “сылдьыбыт сыыһы булар” дииллэрин курдук, кыра да буоллар иһитиннэриини киниттэн ыллыбыт. Ол курдук, дьиэ уруккута улахан эбит. Ону кэлин аҥардаабыттар.
Ытык киһи ыллыгынан
В.Б.Сочава аатынан география институтугар тиийэн Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнин, “Исток” диэн инстутут иһинэн тахсар хаһыат сүрүн эрэдээктэрин Леонид Маркосович Корытнайы көрүстүбүт. Кини Г.В. Ксенофонтов Нуучча георграфическай уопсастыбатыгар үлэтин туһунан, бу уопсастыба хайдах төрүттэммитин кэпсээтэ, “ВСОРГО в лицах; биобиблиографический словарь”, “Известия” сурунаал 1927 с., “Очерки по земледелию и экономике восточной сибири” 1926 с. кинигэлэри бэлэхтээтэ.
Үлэбитин тэтимнээн биэрэр туһуттан, тус-туспа хайысхаларынан үллэһиннибит. Ол курдук, Е.В.Скрябина архыыпка, сорохпут Н.Н.Муравьев-Амурскай аатынан Иркутскай уобалас кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрин Сергей Геннадьевич Ступины, пуонда харайааччыта Светлана Николаевна Малиновцеваны кытары көрүстүбүт. Манна Г.В.Ксенофонтов уонна Саха сирин түмсүүтэ түмэлгэ туттарбыт малларын ылан көрөргө дуогабар түһэрисиибит долгутуулаах, үөрүүлээх буолла. Онон бу маллары-саллары хаартыскаҕа түһэртээтибит уонна түмэлгэ кэлэр дьоҥҥо көрдөрүөхпүт, кэпсиэхпит.
Сыаллаах-соруктаах тиийбит дьону Г.В.Ксенофонтов 1920 сыллаахха үөрэнэ сылдьыбыт Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университет историяҕа бакылтыатын урукку дьиэтигэр сырытыннардылар. Ангара өрүс биэрэгэр турар «Институт благородных девиц” дьиэтигэр, 1918 сыллаахха иккис куорпус аһыллыбытыгар, история бакылтыата уонна бибилэтиэкэ буолан турбут. Оттон билигин физическай факультет үөрэнэр дьиэтэ.
Алар оройуона биһигини истиҥник көрүстэ. 1922 сыллаахха сайын Г.В.Ксенофонтов “Аларский аймак” этнографическай айаҥҥа сылдьыбыт сирдэринэн айаннаатыбыт. Черемхова нэһилиэгэр бибилэтиэкэр Вера Трофимовна Петрова көрсөн олох-дьаһах, үлэ-хамнас туһунан сырдатта. Салгыы оройуон мэрин социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Валентина Владимировна Сагдарова, нэһилиэги салайар Ржена Жаргааловна Габеева, оройуон кыраайы үөрэтэр түмэлин дириэктэрэ Оксана Валерьевна Мохосоева, В.Б.Мохосоев аатынан «Степной дума» түмэлин сэбиэдиссэйэ, кыраайы үөрэтээччи Петр Романович Озолов сэргэх кэпсээннээх дьон буолан биэрдилэр. Гавриил Васильевич Аларга Буряттар ойууннарын, итэҕэллэрин үөрэтиспит, көмө буолбут доҕорун Петр Павлович Баторов туһунан сиһилии ыйытыластыбыт уонна интервью ыллыбыт. Петр Павлович Баторов тайша, хотугу буряттар фольклордарын, этнографияларын хомуйааччыта, сырдатааччыта, ВСОРГО чилиэнэ. Петр Павлович Гавриил Васильевичтыын элбэхтэ алтыспыттарын архыып докумуоннара бигэргэтэллэр.
Буряттар итэҕэллэринэн ыраастаныы сиэрэ-туома тутуһулунна. Дацанҥа киирэн Дид Хамбо лама Алдар Долгоржапов сиэр-туом ыытта. Аларьга дацан 1814 сыллаахтан тэриллибит. 1933 сыллаахха көтүрүллүбүт. 90-с сылларга дацаны сөргүтэн саҕалаабыттар, көҕүлээччинэн учуутал Виктор Бажеевич Мохосоев буолбут. Ыраахтан тиийбит ыалдьыттары биир кэрэ көстүүлээх “Баторовская роща” сырытыннардылар. П.П.Баторов үлэлээбит, олорбут аларыгар сырыттыбыт. Манна 1921-1925 сылларга П.П.Баторов кымыһынан эмтэнэр санаторий тэрийбит. Ол сиригэр махтанан уонна ыччат билэ-көрө сылдьарыгар анаан мэҥэ таас уурбуттар.
Сонун сүүрээн олоххо киирдэҕинэ
Кутулик бөһүөлэгэр Алар оройуонун салайар Роман Васильевич Дульбеев көрсөн, эспэдииссийэбит сыалын-соругун иһиттэ. Оройуон киин бибилэтиэкэтин уонна кыраайы үөрэтэр түмэлин үлэһиттэрин кытта билистибит, үлэбит туһунан сэһэргэстибит.
Иркутскай куоракка кэлэн баран, Н.Н.Муравьев-Амурскай аатынан Иркутскай уобалас кыраайы үөрэтэр түмэл пуондатыгар харалла сытар сэдэх эспэнээттэри хаартыскаҕа түһэрдибит, устуоруйатын үөрэттибит. Иркутскай куорат түмэллэрин көрдүбүт, быыстапкаларын, экспозицияларын оҥороллорун билистибит.
Айаммытыгар биир эмиэ ураты сүүрээннэннибит. Ол курдук, Байкал эрэгийиэнин научнай-чинчийэр киинин археологияҕа салаатын сэбиэдиссэйиттэн Илья Викторович Улановтан интервью ыллыбыт. Кини этнограф, антрополог Бернгард Эдуардович Петри Гавриил Васильевич Ксенофонтов учуонай буоларыгар суолтатын, “Народоведение” диэн ыыппыт куруһуогун туһунан кэпсээтэ.
Маннык бэлиэ айаҥҥа сылдьан, хайдах да Листвянкаҕа Байкал күөлүн көрдөххө сатанар. Маныаха баай, кырасыабай айылҕалаах Байкал күөлүн үрдүгэр турар түмэлгэ, туристар сынньанар сирдэригэр тиийдибит. Нөҥүө күнүгэр биир ураты, “Музей на свалке” диэҥҥэ сырыттыбыт. Быраҕыллыбыт араас бөхтөн-сахтан хомуллан түмэл дьиэтэ оҥоһуллубута сөхтөрдө. Барыта оннук хомуллан, киэҥ хонууга байыаннай тиэхиньикэни, араас кыыллары, о.д.а. оҥортообуттара харахха тутар быраҕыллар.
Иркутскай куорат баай устуоруйата, былыргы дьиэлэрэ болҕомтону тардаллар. Быһаччы эттэххэ, “Ксенофонтов суолунан” эспэдииссийэбит табылынна. Гавриил Васильевич Иркутскай уобаласка үөрэҕин уонна үлэтин чинчийии түмэлбитигэр, улууспут устуоруйатыгар биир ураты сүүрээнинэн буоларыгар эрэнэбит.
Хаартыскалар Наталья Тимофеева уонна Наталья Семенова түһэриилэрэ.
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…