Куба курдук долгулдьуһан, кыталык курдук кынталдьыһан…
Арассыыйаҕа Ийэ күнүн көрсө «Дьокуускай к. дьахталларын лигата» уопсастыбаннай түмсүү «Миссис Лига –2024» күрэһи биллэрбитэ.
Сэтинньи 17 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ маанылаах саалатыгар киин куорат аҕыс уокуругуттан аҕыс кыттааччы кэлэн кыттыыны ылла: Надежда Баженова (Гагаринскай уокурук), Ульяна Скрябина (Сайсары уокуруга), Акулина Иванова (Пригороднай уокурук), Татьяна Пантелеева (Строительнай уокурук), Мария Заболоцкая (Октябрьскай уокурук), Елена Зимина (Промышленнай уокурук), Наталья Соловьева (Автодорожнай уокурук), Василина Слепцова (Мархатааҕы уокурук).
Күрэс биэс түһүмэҕинэн ыытылынна: “Бэйэни билиһиннэрии” (визитка), “Сөбүлүүр дьарык” (творчество), “Мааны сандалым” (кулинария), Хоһоону хомоҕойдук, уус-ураннык ааҕыы күрэҕэ (поэзия), “Кэрэ көстүү” (дефиле). Кыттааччылар бука бары бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ уот харахха быраҕыллар, бары да олус талааннаах, ураты дьоҕурдаах кэрэ куолар эбиттэр. Кыргыттар оҕолорун, кэргэттэрин кытыннаран, бэйэлэрин билиһиннэрэн, астаан аҕалбыт астарын амсатан, туох баар баар дьоҕурдарын аһан, бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрдөрөн, айар кут абылаҥар умустулар, хомоҕой хоһооннору ааҕан сөхтөрдүлэр. Күрэс түмүгэр сиэдэрэй симэҕи симэммит, киэһээҥҥи таҥастаах кыргыттарбыт куба курдук устан, кыталык курдук кынталдьыһан иннибитигэр долгулдьуһа хаампыттарын көрөргө үчүгэйиэн… Күрэс түмүгүнэн субу маннык анал ааттар олохтоннулар:
— «Миссис Креативность» — Елена Зимина;
— «Миссис Поэтичность» — Василина Слепцова;
— «Миссис Талант» — Наталья Соловьева;
— «Миссис Элегантность» — Надежда Баженова;
«Миссис зрительских симпатий» — Татьяна Пантелеева;
«2-с Вице-Миссис Лига 2024» — Мария Заболоцкая;
«1-кы Вице-Миссис Лига» — Акулина Иванова.
Күрэс бүтүүтэ көрөөччүлэр куоластарынан уонна дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн элбэх оҕо күн күбэй ийэтигэр, айар кут абылаҥар ылларбыт ураты дьоҕурдаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ аһымал аахсыйа кэнсиэрдэри тэрийээччи быһыытынан биллэр, амарах майгылаах, кэрэ көстүүлээх Ульяна Скрябинаҕа – Умсулҕан Хотуҥҥа «Миссис Лига –2024» ааты иҥэрэн, лиэнтэ баайдылар. Ону тэҥэ Анна Бояршинова бэйэ оҥоһуга хоруонатын көрөөччүлэр ытыстарын дохсун тыаһынан доҕуһуоллатан, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ кыайыылаахха кэтэртэ!
Билиҥҥи кэмҥэ хайа да күрэх спонсора суох ыытыллыбат буолбут кэмигэр олоробут. Сүүрбүт-көппүт, күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбут дьоммутугар, махталбыт муҥура суох. Күрэх саҕаланыытыгар «OLIN» маҕаһыын (салайааччы Ольга Семенова) олус диэн билиҥҥи кэмҥэ сөптөөх, кимиэхэ да майгыннаабат ураты кэрэ таҥастарын стилист кыыһы кытары талан, аттаран, хас биирдии кыттааччыга уобарас айбытын, көрөөччүлэр иннилэригэр хааман-сиимэн көрдөрдүлэр. Ону тэҥэ «OLIN» маҕаһыын «Миссис Лига –2024» кыайыылааҕар сүрүн бирииһи бэлэх уунна.
Кыттыбыт кыргыттарга сертификат, туоһу суруктар, анал бириистэр туттарылыннылар. Ол курдук бэйэлэрин бэлэхтэрин бэлэмнээн аҕалбыт Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Нина Горбуноваҕа, казах омук диаспоратын салайааччыта Фархат Садыковка, урбаанньыт Олеся Шариповаҕа, «Дебет» консалтинговай фирма салайааччытыгар Виктория Александроваҕа, «Единая Россия» баартыйа ЯМО политическай сэбиэтин чилиэнигэр Лейла Егороваҕа, олус диэн талааннаах «ПраймФото» хаһаайыныгар Михаил Находкиҥҥа улахан махталбытын тиэрдэбит. Кэрэ куоларга бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин «Дьокуускай к. дьахталларын лигата» уопсастыбаннай түмсүү аатыттан салайааччы Татьяна Егорова, ону тэҥэ Ольга Голдобина «Миссис зрительских симпатий» — Татьяна Пантелееваҕа, Антонина Титова оҥостон кэлэн куорат Гагаринскай уокуругун дьахтар сэбиэтигэр олус үчүгэй бирииһин туттарда. Куорат Уопсастыбаннай Палаатата, сүрүн спонсордар хас биирдии кыттааччыга сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар. Бу күрэскэ төһүү күүс буолбут Гагаринскай уокурук уолаттарыгар Роман, Владислав Силиннарга, Усман, Ислам Аминовтарга, Валерий Кузьмиҥҥа, Платон Дьяконовка, Илья Баженовка, күрэҕи киэргэппит, симээбит Ирина Кузьминаҕа, ураты көрүүтүнэн ситэрэн биэрбит национальнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэригэр Эдуард Даниловка, Маргарита Дьяконоваҕа, Анна Силинаҕа махталбыт муҥура суох.
Дьэ маннык кэрэ аҥар куруук күлэ-үөрэ, сырдыгынан-сылааһынан сыдьаайар буоллаҕына, кини кэскиллээх олоҕу түстүүр аналлаах, тулалыыр эйгэтин көстүбэт күүһүнэн көмүскүүр-харыстыыр, араҥаччылыыр айылгылаах буолар.
Ульяна Скрябина.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: